Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
сымыйата, – Никита кэтэҕин тарбанан ылла.
– Уолаттар, ханна эрэ барабыт дуо? Хатааһылыы. Никитка, мотоцикл оҥоһуллубута дии? Танцылыы барыаҕыҥ, Күрүөлээххэ! Кинилэргэ нэдиэлэ ортотугар буолар, мин билэбин! – Лилия бэйэтин былааныттан омуннурда, устудьуон убайдарыгар атаахтаан көрдө-һүүтүн хайаан да толотторор санааны ылынна. Кылааһын оҕолоро киниэхэ эппэккэ эрэ походка барбыттарын кэпсиэн баҕарбата.
– Маамаҥ эйигин көҥүллүүр дуо, Күрүөлээххэ буола-буола, – «Кырдал» фермаҕа бараары олорор Ни-кита былаана тохтон эрэриттэн хомойдо быһыылаах.
– Ыйытыллыбат даҕаны, истибэтигит дуо, балты-гыт аны улахан киһи! Чэ, чэ, Антоша, Никитка, ба-рыаҕы-ыҥ, – Лилия убайдара киниэхэ аккаастаа-баттарын билэр.
– Чэ, баран таҥын. Түүн сөрүүн, кумаардаах да буолуо, – Никита туран, сиэбиттэн гараһын күлүүһүн хостоон барда.
– Ур-раа, наһаа да үчүгэй убайдардаахпын! – Лилия дьиэтин диэки сүүрдэ. Хоһугар киирэн таҥнан барда.
Кинилэр да илдьибэтэхтэрин иһин, убайдарбын кытта биир сырыыны сылдьар инибин! Биһиги, Уна-ровтар, сибилигин Күрүөлээх кулуубун ылан кэбиһиэх-пит. Убайдара Никиталаах Антон мэлдьи даҕаны «по-пулярнай» уолаттар. Армияҕа сулууспалаан кэлэн баран хаамыталаан кэбиспиттэригэр кыргыттар таптаан муҥ-наммыттара ахан. Билигин устудьуоннар, Антон СГУ физико-математическай факультетын иккис курсун бүтэрдэ, Никита Свердловскайга юридическай факуль-текка үөрэнэр. Бастакы сылын бүтэрэн, иккис курска таҕыста. Көр, уонна итиччэ улахан куоракка үөрэнэ сылдьан, ферматтан быга илик ханнык эрэ ыанньыксыт кыыска бара сатыыр. Төбөтүттэн түспэт, санаатыттан арахпат маҥнайгы таптала үһү.
Лилия таҥнан-саптан тахсыбыта убайдара мото-циклларын тиэргэн тас өттүгэр таһааран эрэллэр. Биллэн турар, ийэлэрэ билэ-көрө охсубут. «Сэрэнэн сылдьаарыҥ эрэ», – дии-дии уолаттарын тула көтөр.
– Мин коляскаҕа олорбоппун, Антошка олор, – Лилия кинини мотоцикл коляскатыгар олордоору тэринэллэрин көрөн аккаастана турда.
– Суол наһаа куһаҕан ардах кэнниттэн. Сахсыллан иэдэйиэҥ, – Никита балтын сэрэтэ сатаата.
– Чэ, чэ, олордун кэннигэр. Бэйэтэ кэһэйиэ, – Антон коляскаҕа олорунан кэбистэ.
Уолаттар өр гыныахтара баара дуо, отучча мүнүү-тэнэн Күрүөлээх кулуубун иннигэр баар буоллулар. Үҥкүү үгэннээбит. Таһырдьа тахсан сөрүүкүү, табах-тыы турааччылар эмиэ бааллар. Антоннаах Никита билэр уолаттарын көрсөн уруйдаһыы-айхаллаһыы бөҕө буоллулар. Аан аттыгар тугу эрэ күлсэ-күлсэ кэпсэтэ турбут кыргыттар чуумпуран Сардаҥа уолаттарын батыһыннара көрө турдулар. «Били, били Сардаҥалар үҥкүүһүттэрэ Лилия Унарова диэн кыыс дии», – диэн биир кыыс сибигинэйбитин Лилия кулуупка киирэн иһэн иһиттэ. Түргэн үҥкүү буола турар эбит. Элбэх ыччат «эркини өйөөн» тураллар. Унаровтар киирбит-тэрин бары бэлиэтии көрдүлэр. Уолаттар манна чугас табаарыстара элбэх буолан эрэллээхтик тутталлар. Лилия кыргыттартан кими да билэ охсубата, онон убайдарын кытта турда. Сотору, кыргыттар сайаапка-ларынан быһыылаах, «объявляется белый