Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов

Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов


Скачать книгу
быһыы буолбутун тута өйдөөтө уонна истигэн оҕолуу биир-биэс тыла суох, сиэбигэр табахтаах сылдьарыттан ороон киһитигэр уунна. Киһитэ түннүгүн бордууһунатын да арыйбакка, тута иҥсэлээхтик табаҕын уматтан, иҥсэлээхтик оборбутунан барда. Бу түгэҥҥэ Бүөккэ туох эрэ туһалааҕы оҥорон эрэринии, түргэн үлүгэрдик таҥна охсоот, 5-с маҕаһыын диэки кыл тыынынан ыстанна. Миичик хоһугар соҕотоҕун олорон, табаҕын буруотугар чачайа-чачайа, үйэлээх сааһыгар табах буруотун бастакытын эҕирийбитин, маҥнайгы күүстээх таптал абылаҥыттан хомойбутун, хоргуппутун саныы-саныы, уйа-хайа суох ытыы олордо.

      Өйүгэр араас өйдөммөт санаалар киирэллэр: Маришка хайдах да кинини сирэр буолуон табыллыбат. Ама, хайа кыыс кинини сириэхтээҕий? Урут дэриэбинэтигэр, билигин манна уопсайга, үөрэнэр да сиригэр, кэрэ аҥаардар ээр-сэмээр кыҥастаһалларын, кистии-саба сүгүрүйэллэрин эндэппэккэ сэрэйэрэ. Онтун үрдүктүк тутара. Сорохторун сэнии, мыына да көрөрө баар суол. Бэл, сытыы соҕустара тута билсиһэ охсон, киинэҕэ ыҥыралларын, тапталга билиниилээх сурук бөҕөтүн суруйалларын ахсааҥҥа да киллэрбэтэ. Онтунан холобурданан, уолаттарыгар киһиргии түһэр үгэстээҕин доҕотторо эмиэ бэркэ билэллэр.

      Арай ити Маришка эрэ кинини болҕомтоҕо ылбат. Баҕар, соруйан гынара буолуо, күнүүлэтээри. Ол эрээри Маришка оннук буолуон сатаммат. Өссө баран, кэпсэтэн көрүөн баҕарталаата. Баҕар дьээбэлээбитэ буолаарай. Бээ эрэ, аны ити Аанчык убайын таптыыра эбитэ дуу? Ээ чэ, эмиэ күнүүлээтим дуу, сах. Маришка кимниин да сылдьыбат, мин ону бэркэ билэбин, сэрэйэбин.

      Ити курдук Миичик син уоскуйан, санаата ыраах ханна эрэ тиийэн, аны нухарыйыахча буолан эрдэҕинэ, хоһун иһигэр Бүөккэтэ тыын быһаҕаһынан тыынан, атыннык көрөн-истэн көтөн түстэ.

      – Чэ, Бүөккэ, кут арыгыгын. Өйбүн сүтэриэхпин наада. Маришка миигин үүрдэ, атын уоллаахпын диэтэ.

      – Эс, ама? – Бүөккэ, туох буолбутун сэрэйдэр, төрүөтэ кыыска сытарын биллэр да, өйдөөбөтөх киһилии, элээр-мэлээр көрө-көрө остуолуттан икки ыстакааны ойутан аҕалан, орон диэки дьулурутта.

      – Дьэ оннук… – диэтэ Миичик. – Аны мин олоҕум суолтата суох. Таптаан да диэн… Били эбэм этэригэр дылы «сибиинньэ оҕотун ииттэн да диэн»… Барыта таах сибиэ эбит.

* * *

      Арай Миичик өйдөммүтэ ханна эрэ сытар… Төбөтө ыаҕастаах уу курдук. Онуоха эбии дэлби тоҥмут. Суорҕан баара буолаарай диэн онон-манан харбыаланан көрбүтэ, мас адарайга сытар эбит. Эмиэ да хайа эрэ диэки чугаһынан дьон тугу эрэ кэпсэтэн лабаҥхалаһаллара иһиллэргэ дылы. Саҥа таһааран саҥараары гыммыта – куолайа кууран иэдэйбит, этэ-сиинэ бүтүннүү таастыйбыт. Чаас ырааттаҕа, пааратыгар барар кэмэ да кэллэҕэ… Бүгүн өссө семинар буолар этэ дуу диэн туруох санаата баара да, илиитэ, атаҕа дэлби көһүйбүт, өссө ханан эрэ ыалдьар курдук ээ. «Хайдах-хайдах баҕайыный, бээ эрэ, бу ханна баарбыный?» – диэн тулатын көрүнээри эргиллэн көрбүтэ, доҕоор, тимир эрэһиэҥкэлээх, таас өйөбүллээх «дойдуга» кэлэн сытар эбит.

      Эмискэ Миичик төбөтүгэр бэҕэһээҥҥи күн киинэ лиэнтэтин курдук онон-манан быста-быста, одоҥ-додоҥ элэҥнээн ааста. Бастаан Бүөккэлиин кыргыттар


Скачать книгу