Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов
тураҕын?! Эмиэ ийэҕэр дылы илэ сиэхсит эбиккин. Биир оҕобор топпоккоҕут аны иккиспэр сананныгыт дуо?! Тыыннааҕым тухары икки харахпар көстүмэҥ! Урут даҕаны харалдьыкка хараарбыты, саахха төрөөбүтү ылымматаҕым, билигин да ылыммаппын! Киэр барыҥ! Баҕайылар, сиэхситтэр! Дьүгэлийиҥ! – дии-дии эмээхсин байааттаҥнаан тахсан, икки илиитинэн охсуох курдук салгыны хайыта сууралаата.
Маришка соһуччута бэрдиттэн саҥарар да, эппиэттэһэр да кыаҕын сүтэрэн, икки хараҕар тобус-толору уу баһыылаах тахсар аан диэки ыстанна. Таһырдьа тахсан, сымыһаҕын быһа ытыра-ытыра, атаҕастабыл уонна сэнэбил тыйыс тыынын төрөппүт эбэтиттэн толору билэн, оптуобус тохтобулун диэки сүүрэ турда.
Онтон ыла Маришка майгыта тосту уларыйда. Аймахтарыгар кыһыйан-абаран, ийэлээх аҕатын сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн туран, туох баар кыаҕынан, сатабылынан үөрэх-билии улуу муоратыгар төбөтүн оройунан түспүтэ. Ол быыһыгар ийэтин сырдык, ыраас ыратын, аймахтарын сэнэбиллэрин, ыар атаҕастабылларын суурайан, ити санаата кэлин кэнчээри ыччат кэнэҕэскилээх сарсыҥҥытын устун дьулурҕатык, олох тэтимин хоту устан, ханна эрэ ырыых-ыраах симэлийэн хааларга дылы…
Оо, олох, олох…. Эн дьол икки, сор икки аргыстаах, ардыгар түһүүлээх-тахсыылаах, эридьиэстээх, эндирдээх, арыт ыллык буолан тыргыллар, арыт киэҥ аартык буолан арыллар, сороҕор эргэ өтөх суолун омоонугар кубулуйар дьикти-дьиибэ тутуллааххын. Кими эрэ төбөтүттэн имэрийэн, албан ааты уруйдуур, кэскили түстүүр, сүдү талааны, күүһү-күдэҕи иҥэрэр, уйгулаах баайы-дуолу куду анньар, иэйиилээх тапталынан кынаттыыр ийэлии амарах, уйаҕас дууһалааххын.
Ол эрээри төрдү-ууһу, уруу-хаан аймаҕы билиммэккэ, күннээн-күөнэхтээн сылдьар, мин аҕай дэммит, икки атахтааххын, хаһан эрэ иннинэн сирэйдээх син биир эргиллэн кэлэн иэстэһэр, бэйэтиттэн да буолбатар, бэдэриттэн сойуолаһар, кэнчээритин кэнниттэн кэтинчэ да буоларыгар наадыйбат, кими да бырастыы гыммат ураты сиэрдээх айылгылааххын…
Татьяна Находкина-Татыйаана (III миэстэ)
Таптал кыыма сөҕүрүйбэт
Учительскай аанын күүскэ тэлэччи аһан, уон биирис кылаас салайааччыта Валентина Алексеевна тыастаахтык үктэнэн киирэн кэллэ. Кыыһырбытыттан сирэйэ үллэн хаалбыт, тутан турар сурунаалын остуолга күүскэ бырахпытыгар, сурунаал хайа эрэ лииһэ ортотунан хайа барар тыаһа иһилиннэ.
– Кыыһырбыккытын тоҕо сурунаалынан таһаараҕыт? – үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Елена Егоровна сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.
– Алдьаммыт буоллаҕына абырахтаныллыа, улахан эбит, – Валентина Алексеевна кыыһырбыта ааспат, тохтоло суох илиитин мускунарын быыһыгар төттөрү-таары учительскайы биир гына тилийэ хаамар.
– Валентина Алексеевна, олор эрэ, туох үлүгэрдээх кыыһырдыҥ? Туох буолла? – Елена Егоровна эйэ дэмнээхтик ыйытар.
– Аркадий Анатольевич, ама да ирдэбиллээх учуутал аатырбытын иһин, олус наһаалыыр. Бу үөрэх дьыла түмүктэнээри турдаҕына, Николаев Ньургуҥҥа «иккини» туруорбут. Ньиэрбэм барыта бүттэ. Уол