Таптыыбын… Шёпот сердца…. Коллектив авторов

Таптыыбын… Шёпот сердца… - Коллектив авторов


Скачать книгу
оҕуста, дьэбир, дьиппиэн көрүҥнэннэ. Кыргыттары өһүөннээх хараҕынан иккиэннэрин биир-биир өтөрү-батары көрөттөөтө. Онтон хараҕын Маришкаттан араарбакка эрэ:

      – Эн дуо, Марина?

      – Мин… – диэтэ Маришка аат эрэ харата.

      – Мин буолан… Балыгы сиэбэтэх куоска курдук ньылбыйан олороҕун. Дьон олоҕунан оонньуурум сыыһа диэбэккин дуу? – дьахтар тыйыстык ыйытта. Бу кэмҥэ дьахтар хараҕа уоттанан, уостуун-хаастыын уһуктанан, мунна кырыыланан, сүтүк бааһа сирэйигэр ойууланан олус дьулаан көрүҥнэннэ.

      – Бээ эрэ, эн тоҕо тута Маришканы буруйдуугун? Миичиги кини арыгылаппыт үһү дуо? Маришка кинини таптаабат, ону хайдах гыныай?! Биитэр хара күүскүтүнэн таптатаары гынаҕыт дуу?! – диэн айаҕа умайыктаммытын Аанчык бэйэтэ да кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

      Дьахтар бу чобуо кыра кыыс тылларыттан ордук абарда быһыылаах:

      – Көр да маны, сиртэн быкпакка сылдьан эрэ, өссө улахан, саастаах дьону утары саҥарбыт буола-буола. Бу дьүөгэҥ ол-бу араас буолан куймаҥалаабатаҕа буоллар, ама, мин оҕом итинниккэ түбэһэр үһүө?!. Туох ол баайдаах, чулуу дьонноох буолан, мин оҕобун бэйэтигэр тэҥнээбэтий?! Тугун сирэрий?!

      Маришка соҕотох инбэлиит ийэлээх ыал оҕото буоларын хантан эрэ билэ-истэ охсубут быһыылаах диэн дьахтар тылыттан-өһүттэн тута сэрэйдэ. Эмиэ ийэтигэр курдук, сэнэбил, атаҕастабыл сыһыанын аан бастаан оҕотук ыраас дууһатыгар ыарыылаахтык ылынна.

      – Ол мин соҕотох инбэлиит ийэ оҕото буолбутум мин буруйум үһү дуо?! Хайдах киһини итинник кэрээнэ суохтук сирэй-харах анньыахха сөбүй?! – бу кэмҥэ киниэхэ Уйбаныаптар өргөстөөх хааннара уһуктубутун Маришка бэйэтэ да сэрэйбэтэ.

      – Өссө толоон оҕото инигин… – дьахтар сэтэрээн киирэн барда.

      – Эһиги, уопсайынан, оҕоҕутун көмүскүү кэллигит дуу, биитэр, миигин үөҕэ кэллигит дуу? Мин ийэм, кырдьык, төрдө-ууһа биллибэт, тулаайах дьахтар, оттон аҕам Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Иванов Руслан Иванович диэн киһи кэрэмэһэ, үтүөтэ, киэҥ, халыҥ аймахтаах төрүт дьон төрүөҕэ этэ дииллэр. Өссө… – диэн эрдэҕинэ дьахтар сирэйэ көҕөрчү кубарыйан, өссө уһуурга дылы гынна:

      – Уой… ама… ама… хайаан оннук буолуой?! – диэт, айаҕын ытыһынан бүөлэннэ. Туох эрэ ынырыгы билбит курдук, харыс да сири халбарыйбакка, хараҕа ордук кэҥээн, тэбиэһирэ уоттанан, Маришканы чочумча тобулу одуулаан дөйөн олордо. Дьахтар итинник быһыытыттан кыргыттар да соһуйдулар. Будулҕаннаах муора тута уостарыныы, дьахтар симэлийдэр-симэлийэн, бастааҥҥы кэрэ дьүһүнүн кэттэ. Онтон сэрэнэ соҕус:

      – Эн оччотугар чахчы Руслан уонна Надя кыыстараҕын дуо? Павлик диэн убайдааххын? Чурапчы Мырылатыттан төрүттээххин? – диэн хос-хос ыйыталаһа олордо.

      Маришка тугу да өйдөөбөтө. Ол эрээри бу дьахтар кинилэр олохторугар ханан эрэ сыһыаннааҕын, ону таһынан аҕалаах ийэтин, бэл, убайын хантан билэрин мунаахсыйа сатыы олордо.

      – Сир төгүрүк диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Баҕар соһуйуоҥ, Марина, ол эрээри эн… эн аҕаҥ Руслан – мин бииргэ төрөөбүт убайым.

      Маришка


Скачать книгу