Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов


Скачать книгу
хаайыыга түбэспит сордоохтор күүскэ мөхсөн, ууну ыспахтыы лаһыйдылар. Балыгы таһаара охсоору үһүөн былдьаһа-тарыһа муҥха үрдүгэр түстүлэр, саҥа-иҥэ суох, тиһэҕэр ийэтэ кэлбитин тиэрэн, балыктары кумахха сүөкээтилэр, Көстөкүүн обургуларын хайыытыттан талахха тистэ уонна Ксеньяҕа уунна:

      – Тоойуом, балары таһааран мииннээ, оттон Бэргэн биһикки өссө биир сиргэ сылдьардаахпыт, ааспыт сырыыга үппүт илиммин көрүөхпүт, чаас курдугунан эргиллиэхпит.

      Кыыс балыктарын эйэҥэлэппитинэн сыыры эрчимнээхтик дабайан, үүтээн таһыгар кэллэ. Элбэх эт-балык үрдүгэр ыраастанан, остуол хараара килэрийбит сирэйигэр балыктары хатырыктаан, иһин-үөһүн ыраастаан, үөрэҕэстии оҕуста. Үрдүгэр суугунуу сипсиһэр хатыҥ сэбирдэхтэрин быыһыгар чыычаахтар чубугураһан ылаллар, уу кытыытыгар сүтэн хаалар бырдахтар манна, сииктээх буолан хойуу от-мас ортотугар, быыстала суох тыҥкынаһа көтөллөр, Ксенья салгын сиэбэтэх маҥан моонньугар, сиэхтэрин тиэрбит харытыгар түһээри ыксаталлар. Оллооҥҥо балыктаах солуурчаҕы ыйаан баран, умуллубут кутаатын саҥаттан сөргүтэн хаппыт мастары быраҕаттаан уотун күөдьүттэ, тоһутталаммыт абырҕал устун кыымнар сырсыакаластылар уонна уот амынньыардары бүтүннүү кууспаҕалаан, кутаа умайан куугунаата.

      Ксенья дүлүҥ үрдүгэр олорон, уоту одуулаһа-одуулаһа уруккуну-хойуккуну эргитэ саныыр. Кини олох кыратыгар ийэтэ өлбүтэ, ийэтин соччо-бачча өйдөөбөт, арай күөх да күөх киэҥ алаас ортотунан ыллык суолунан сүгэн баран эрэллэрин, ийэтэ киҥинэйэн ыллыыра, көхсүгэр кулгааҕынан сыһыннаҕына, киҥкинэс ырыа иһиллэрэ. Онтон эмиэ барыта туманынан бүрүллэр. Арай олус дьэҥкэ хартыына буолан, ийэтэ хоруопка сытара, сайыҥҥы күн таһаҕас тиэйэр массыына аһаҕас кузовыгар ууран, кылабыыһаҕа илдьэ барбыттара, дириҥ да дириҥ иин иһигэр түһэрэн, буору бурҕаҥната быраҕаттыыллара, этиэх түгэнэ томтор буору таһааран хаптаһын туумбаларын туруоран эрэллэрэ санаатыгар бу баардыы тиллэр. Онтон эмиэ үгүс умнуллар, туман иһигэр сүтэр, аҕата кинини кууһан олорон туох эрэ минньигэс отоннору сиэтэрин, ханнык эрэ уоскутар тыллары саҥарарын өйдүүр.

      Иккиэйэх хаалыахтарыттан ыла кинини аҕата көрөрө, соҕотох төрөппүт амарах тапталыгар куустаран улааппыта. Аҕата биирдэ атын дьахтары аҕала сылдьыбыта, ол маачахата кинини тоҕо эрэ хара ааныттан сөбүлээбэтэҕин, кыраттан да сылтаан мөҕөрүн-этэрин өйдүүр. Кини онтон олус хомойоро, кистээн да, илэ да ытыыра. Аҕата тулуйбакка, саҥа ойоҕун кытта биирдэ улаханнык иирсибитэ, дьахтар: «Аһайгын кытта үөдэн да түгэҕэр түс!» – диирин өйдүүр. Дьахтар барбыта, аҕата онтон ыла кэргэннэнэ да сатаабатаҕа, аҥаардас эдьиийэ көһөн кэлэн, кинилэр астарын-үөллэрин, таҥастарын-саптарын көрөн-истэн улаатыннарбыта. Аҕата билиҥҥэ диэри кинини атаахтатар, бэл: «Оҕолор каникулларыгар бары соҕуруу бараллар», – диэбитин иһин, харчытын мунньан, соҕуруу сынньата ыытан эрдэҕэ.

      Оо, арай билигин кинини көрдүн, быйыл сааска диэри түүлүгэр да оҕустарбатах уолун кытта хаһан да харахтаабатах дьонугар ыалдьыттыы, икки эр киһини кытта өрүс


Скачать книгу