Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов

Эр киһи уонна дьахтар - Егор Неймохов


Скачать книгу
чэбдик салгынын түөһүн муҥунан эҕирийбэхтээтэ. От-мас суугуна, тыллыбыт мутукча сыта, чараас таҥастаах кыргыттар, хоп-дьип көстүүмнээх уолаттар… Эдэр сааһы кытта айылҕа саҥа тиллэр, уһуктар кэмэ олус да дьүөрэлии буоллахтара эбээт! Эмиэ саас, эмиэ сайын эргилиннилэр… Тоҕо үчүгэйэй, бу курдук күн сиригэр күөгэйэр күннэргэ үөрэ-көтө сылдьартан ордук үөрүүлээх туох кэлиэ буоллаҕай?!

      Ити кэмҥэ иннигэр чараас маҥан былаачыйалаах кыыс олороору ыскамыайкаҕа хаһыат тэлгэтэн, сыыдамнык тутта-хапта, сэргэхтик көрө-истэ турара хайдах эрэ үрүҥ үрүмэччи сибэккигэ түһээри, сииктээх эминньэххэ түһүөхчэ-түспэккэ салгыҥҥа битийиктэнэ турарын санатта. Бэйи эрэ, бу кыыһы ханна эрэ көрбүтэ ээ, ханна? Онтон хантан эрэ ыраахтан, уу түгэҕиттэн курдук улам чуолкайданан тиийэн кэллэ – Сэргэлээх уопсай дьиэтигэр сааскы күн көрсүһүү, кинигэ уларсыы, ким этэй аата, хайдах эрэ көннөрү Маарыйа, Даарыйа буолбатах, дьиибэ соҕус этэ дии?.. Арба-арба, Ксенья! Уопсай дьиэ хоһун аанын айаҕар кэпсэтиэхтэриттэн ыла биирдэ да көрсүбэтэҕэ, арай кэлин Дина уларсыбыт кинигэлэри төттөрү биэрэригэр: «Дьүөгэм Ксенья ыытта», – диэбиттээҕэ.

      Ксеньяны арыт-арыт санаан ааһара эрээри, куорат тыһыынчанан дьонун ортотугар хантан булуоҥуй бу тырымнас харахтаах кэрэ кыысчааны? Хата бу дьылҕа бэлэҕэ дуу – илэ бэйэтинэн иннигэр кэлэн турар! Уол оннуттан ойон туран, инники ыскамыайканы үрдүнэн атыллаан, кыыһы кытта сэргэ олорунан кэбистэ.

      – Ксенья, дорообо, хайа, билбэтиҥ дуу?

      Онуоха кыыс дьик гынан, кинини көрө түстэ уонна тэрэҕэр тэллэхтээх соломо сэлээппэ анныттан хара харахтар тырымнаһан ыллылар, ньимиспит уостара килбик мичээртэн сэгэһэн, үрүҥ тиистэрэ сандаарсан аастылар.

      – Дорообо, сахалыы ааттаах Бэргэн, – диэтэ дьээбэлээхтик.

      Кыыс кинини эндэппэтэҕиттэн, эгэ-дьаҕа көрсүбүтүттэн үөрэн уол оонньоһо былаан кэпсэтэн эрдэҕинэ, кураанах сценаҕа конферансье устан тахсан, ырыаһыты ааттаан баран: «Романс «Калитка», – диэн биллэрдэ. Түгэхтэн хараҥа кыһыл былаачыйата сиринэн соһуллар дьахтар уот кугас баттаҕа санныгар ыһыллан, көбүс-көнөтүк туттубутунан тахсан кэллэ, мөтөччү туттубут түөһүгэр баянын өйүү туппут доҕуһуолдьут батыспыт, дьахтар сүгүрүс гынан баран, музыка бастакы дорҕоонноругар олорсон, симик соҕустук саҕалаан иһэн куолаһа улам күүһүрдэ.

      Бастакы күппүлүөт кэнниттэн дьахтар турар сириттэн сыҕарыйан, иннин диэки икки-үс хардыыны оҥордо уонна саалаҕа олорор дьон диэки икки илиитин даллаччы уунан баран, уйадыйа-долгуйа ыллыыр-сипсийэр икки ардынан ыллаан, күүстээх куолаһа эймэһийдэ:

      Отвори потихоньку калитку

      И войди в тихий садик, как тень…

      Дьахтар ыллаан бүтэн төҥкөс гынна, имик-самык ытыс тыаһа иһилиннэ, сонно иккис нүөмэри биллэрдилэр, ити курдук үһүс-төрдүс… Хас да ырыа кэнниттэн дьахтар дьэ букатыннаахтык ыллаан бүттэ быһыылаах, уот кугас баттаҕа муостаҕа тиийэ сыһа намылыйан, хаста да сүгүрүйэн ылла. Саалаттан оҕолор сырсан тахсаннар хонуу сибэккитин дьөрбөтүн


Скачать книгу