Эр киһи уонна дьахтар. Егор Неймохов
оннук ордук чэпчэки дииллэр.
Уоллаах кыыс хаамсан истэхтэринэ чугастан, бэс чагда кэтэҕиттэн, эрчимнээх музыка ньиргийдэ.
– Хайыы, үҥкүү саҕаламмыт дии! – Ксенья сэргэхсийдэ, үҥкүүлээн илиитин быластыы быраҕан биир сиргэ эргичийэн ылла. – Бэргэн, эн үҥкүүгэ сылдьааччыгын дуо?
Уол үҥкүүлүөн улаханнык баҕарбатар да, бачча айылаах өрүкүйбүт кыыһы хомотуон баҕарбакка, сэниэтэ суох сэҥээрдэ:
– Ээ.
Хайысхаларын уларытан, үрдүгэр «касса» диэн суруктаах хаптаһын хоспохтон билиэт ылан, үҥкүүлүүр болуоссааккаҕа киирдилэр, мас муостаҕа хобулуктар тыастара бап-бачыгырас, бип-битигирэс, хаптаһынынан оҥоһуллубут сцена курдук үрдэлгэ турар уһун баттахтаах уолаттар музыка имэҥирдэр ухханыгар ылларан, төбөлөрө, сүһүөхтэрэ босхо баран, баттахтара сахсаҥнаһан, гитараҕа оонньууллар, төгүрүк тимирдэри охсоллор, турбаны үрэллэр, соҕотох кыыстара ионикаҕа оонньоон, кылгас дьууппаны тиирэ киэптээбит самыыларынан мускуллумахтаан ылар, бэйэтэ бокуойа суох эккирээн, дьороҕор суон сотолоро тохтоло суох мөхсөллөр, музыканнар иннилэригэр солистара – саһархай ырбаахылаах уол микрофонун ыйыстан кэбиһиэхтии айаҕар ыксары тутан баран, биир сиргэ бэдьэйэ-бэдьэйэ, ыһыы-хаһыы аҥаардаах ыллыыр, эчи ньиргиэр тимир тыаһын ортотугар ырыатын ис хоһооно да иһиллибэт.
Кыыстаах уол дьон быыһыгар киирэн, уокка оҕустарбыт дьоннордуу санныларын имиллэҥнэтэн, илиилэринэн эһиэхтэнэн, муостаны эрчимнээхтик тиҥилэхтээн үҥкүүлээбитинэн бардылар. Ити курдук хас да үҥкүү ааста, оннук саҥа ууларыгар-хаардарыгар киирэн эрдэхтэринэ дьон ортотугар улахан аймалҕан буолла, ким эрэ кими эрэ атаҕын үктээбит дуу, анньыалаабыт дуу – соҕотохто ыһыы-хаһыы, сырбатыһан силлиргэтиһии саҕаланна, кыргыттар часкыйдылар, уолаттар маатыралыыллар, үҥкүүлүү сылдьааччы диэн суох буолла, ким эрэ охтор, ким эрэ куотар, быһата, бүтүннүү үөдэн-таһаан өрө оргуйбутугар, Бэргэн кыыһын сиэппитинэн болуоссааккаттан таһырдьа ыстанна уонна ити курдук пааркаттан тахсар ааркаҕа диэри сүүрэн тиийдилэр. Онтон ыла тиэтэйэ-саарайа хааман иһэн, кыыс тыал көтүппэтин диэн сэлээппэтин тутан иһэн саҥарда:
– Тоҕо итиннигий? Мин манна сырыы аайы охсуһууга түбэһэбин, уларыта тутуу, демократия диибит да, олох өссө куһаҕан өттүгэр баран иһэр курдук. Уулуссаҕа наар миитин, үөхсүү-түрүйсүү, ким да үлэлээбэт, урукку олохтон куһаҕанын эрэ хасыһаллар, баар-суох пааркабытыгар күлүгээттэр тойоттор, бэл милииссийэлэр тугу да гынар кыахтара суох…
– Санаарҕаама, олох оннун булуоҕа, хайдах маннык иитэ-саҕата суох айдаан бүппэккэ баран иһиэн сөбүй? – диэн Бэргэн кыыһын уоскуппута буолла. – Эн ханна олороҕун? Атааран биэриим, бу алдьархайга соҕотоҕун барарыҥ сатаммат.
– Уопсайбар, бииргэ олорор кыргыттарым тарҕаспыттара, мин соҕуруу бараары хаалбытым, – Ксенья чочумча тохтоон ылла уонна үөһэ тыынан баран эттэ: – Даа, Бэргэн, кэнсиэри син көрдөхпүт, үҥкүүбүт сатаммата, күлүгээттэр баҕайылар сүгүннээбэтилэр, – Ксенья эмиэ уруккуну санаан абаккаран барыах курдук гынна, – хаһааҥҥа диэри омуктаһан