1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин
тохсус кылаастары кытта эҕэрдэ тыллары истэ, үөрэ-көтө туруохтаах этэ… Оттон билигин өссө даҕаны ханна үөрэнэрэ биллибэккэ, сир-халлаан икки ардыгар сылдьар курдук. СГУ физмат оскуолатыгар үөрэххэ ылалларын дуу, ылбаттарын дуу бүтүн ыйга чугаhыыр хонук устатыгар чуолкайын быhаара иликтэр. Маҥнай утаа: «Көрүөхпүт. Кэтэhэ түhүҥ», – диэбиттэрэ. Онтон биир күн уолаттар билиилэрин бэрэбиэркэлээн бэсиэдэлэспиттэрэ. Хата, Степалаах Илья тургутууну иккиэн этэҥҥэ ааспыттара. Ол кэнниттэн: «Үөрэххэ ылыахпыт, бирикээс тахсарын күүтүҥ», – диэн буолбута. Ол эрээри бирикээстэрэ тоҕо эрэ тахса илик. Өрүү кыратык күүтэ түhүҥ дииллэр. Аны атырдьах ыйын бүтүүтэ: «Үөрэх дьыла саҕаланнын, оҕо кэлиититтэн көрүөхпүт», – диэн букатын даҕаны саараҥнатан кэбистилэр.
Дьэ хаhан иккиттэн биирдэрин быhааран абырыыллара буолла?.. Бүгүн уон биир чааска физмат оскуолаҕа дириэктэри үөрэх чааhыгар солбуйааччыга кэлээриҥ диэбиттэрэ.
Төбөлөhо сытар Ильята уhуктан, икки илиитин уунаҥнатан тыыллаҥнаата, онтон Степа уhуктаҕаhын көрөн, чаас төhөлөөбүтүн сураста. Ол кэннэ туох да саҥата суох сыппахтаан баран, бэрт минньигэстик дьааhыйан ылла уонна:
– Түксү! Быhаарбатахтарына, мин… дойдулаатым! Айыкка, куоракка хатан сөп буоллум! – диэтэ.
Доҕоруттан итинниги эрэ күүппэтэх буолан, Степа соhуйан хаалан, көннөрү: «Һы!» – эрэ диэтэ.
– Дойдубун наhаа аҕынным!.. Бөлүүн түhээммин бааhына аннынааҕы элгээҥҥэ сөтүөлүү аҕай сылдьар эбиппин. Туох да кыhалҕата суох көҥүл-босхо сананабын. Эмиэ да ханна эрэ оттоhо сылдьар курдукпун. Ходуhа, от сытыттан сүрэҕим өрө эппэйэр… Үчүгэй да үчүгэй!.. Арай уhуктан кэлбитим – куорат түгэҕэр сытар эбиппин. Хомойон хааллым, – Илья, оргууй аҕай кэпсии-кэпсии, туран таҥныбытынан барда.
Степа эмиэ ойон турда уонна ылтаhын халҕаннаах хоспохторун кыараҕас соҕотох түннүгүнэн таhырдьа диэки хараҕын быраҕан ылла.
– Дьоммут турбуттара быданнаабыт быhыылаах, – дии-дии, Степа хоспоҕун аанын тэлэччи аста. – Дорообо, балаҕан ыйын бастакы күнэ! Саҥа үөрэх дьылынан, табаарыс Илья Бояров! Уонна тулуйа түс, оччоҕо атамаан буолуоҥ! Арба даҕаны, бэйэҥ даҕаны бояр, боярин этиҥ дуу? Атамаан диэн эйиэхэ кыра буоллаҕа дии?
– Табаарыс Тааскын, кырдьыктыы этэбин, тулуурум саппааhа бүтэн эрэр, – диэбитинэн Илья таhырдьа дьирэс гына түстэ.
Манна, Дьокуускай Сайсарытыгар Академическай диэн дорҕоонноох ааттаах, курааҥҥа да уолан биэрбэт күп-күөх ньамахтаах чалбахтаах уулусса уhугун диэки Степа абаҕатын уола Иван Таскин – историяҕа наука кандидатын истиэпэнин көмүскээбит Саха государственнай университетын преподавателэ эмиэ университекка үлэлиир кэргэниниин уонна икки эмдэй-сэмдэй оҕолорунуун мас уопсай дьиэ үс миэтэрэ кэтиттээх, биэс миэтэрэ усталаах соҕотох хоhугар симиллэн олорбуттара уонча сылыгар чугаhаабыт. Ол даҕаны иhин уолаттарга утуйалларыгар миэстэ суоҕа, ол кэннэ эдэр дьон бэйэлэрэ даҕаны күөх сайын куйааhыгар дьиэҕэ утуйарга талаhа барбатахтара. Иван Данилович бэйэтинэн хоспоҕун малын-салын хомуйан, сааhылаан,