1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин
хайалардаах Алданын өрүhэ, оҕо сааhын атаарбыт бэйэтин дьиэтэ-уота, аан маҥнай суумка сүгэн боруогун атыллаабыт оскуолата… бу баар курдук элэҥнээн көстөллөр. Аны хоhоонум тылларын умнан кэбиhиэм диэн куттана санаан, бастакыттан уоhун иhигэр ботугураан ааҕан көрдө.
Настялаах Зоя суунар сиргэ тахсан баралларын кытта, Күннэй туумбатыттан биир түбэhиэх халыҥ уопсай тэтэрээти ылан, ол кэннигэр хоhоонун бастакы икки күпүлүөтүн бэрт тиэтэлинэн суруйа охсон кэбистэ. Ол күн хоhугар соҕотох хаалан баран, хоhоонун ситэрэн суруйбута, тылын-өhүн чочуйда, тупсарда. Хоhоонун «Маҥан хаар» диэн ааттаата, хат-хат ааҕан көрдө. Ол аайы сүрдээҕин астынна, дуоhуйда.
Күннэй онтон ыла ардыгар лиэксийэ истэ олорон кытта хоhоон суруйуон ис-иhиттэн сүрдээҕин баҕаран кэлэр буолла, өйүгэр туох көтөн түспүтүн тута тэтэрээтигэр сурунан иhэр… Арай биирдэ Өктөөп бырааhынньыгын иннинэ субуотаҕа Настя төрөөбүт күнүн бэлиэтээтилэр. Онно кыыс бииргэ төрөөбүт убайа, университекка медицинскэйгэ иккис куурска үөрэнэр Ньургун Максимов диэн уол сырытта. Уол үрдүк уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, маҥан сүүhүгэр түспүт долгуннурар будьурхай баттахтаах. Оттон харахтара хайдах эрэ ис-истэриттэн саҕыллан тахсар ураты уоттаахха дылылар.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.