1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин


Скачать книгу
олордохпунуй? – күрэҥсийэн эрэр баттахтаах киhи, эмиэ улахан баҕайытык саҥара-саҥара, эрээттэр быыстарынан аа-дьуо аан диэки дьулуста. – Барыга барытыгар былааскытын, кыаххытын көрдөрөҥҥүт, кими даҕаны тыыннарбаккыт, атын мнениени истэ да барбаккыт, барытын саба охсон иhэҕит… Хаhан эрэ син муҥур уhук кэлиэ, үтэhэҕит туолуо эбээт!

      Кэлиҥҥи эрээттэн икки отуттарыттан саҥа тахсыбыт бадахтаах эдэр дьон ыстанан туран, эмиэ тахсан бардылар.

      Мунньах салҕанан истэ.

      Оттон Нина Николаевна, миэстэтигэр тиийэн олорон баран, өргө диэри уоскуйан биэрбэтэ, иэдэстэрэ итийэ-итийэ хайдах эрэ «дыр-дыр» гынар курдуктар. Санаата икки аҥыы хайыта тыыттарар: эмиэ да сыыстым дуу, дьон туох диэтилэр буолла диэн санаан ылар. Ол эрээри сонно: «Көстөн турар сыыhа суолу билэ сылдьан, бэйэ сөбүлээбэтин туох баарынан аhаҕастык этэр тоҕо сатаммат буолуой?!» диэн атын санаа киирэн кэлэн, саарбахтыырын сабыта охсорго дылы.

      Мунньахтан тарҕаhалларыгар хас даҕаны дьүөгэлэрэ көрсө түhэн: «Саамай сөпкө эттиҥ, маладьыас кыыскын! Эйиигин өйөөччүлэр элбэхпит», – дэстилэр.

      Баҕар, ол улахан өттө кини санаатын көтөҕөргө эрэ этиллибит тыллар буолаайаллар? Ханныгын да иhин, букатын олоҕо суох, оруо маhы ортотунан түhэн этии буолбата ини?

      Аҕыйах хонон баран, биир күн Нина Николаевна сэбиэдиссэйэ анаан-минээн ыҥыртарбытыгар киирдэ. Маҥнай утаа оройуон оскуолатыгар инспекторскай бэрэбиэркэни ыытыы былааныгар өссө чуолкайдааhыннары киллэрэр, учууталлары аттестациялааhыҥҥа сөптөөх докумуоннары бэлэмнээhин тустарынан ыйыталаhа-ыйыталаhа, бэйэтин санаатын этитэлээтэ. Онтон кыратык тохтуу түhэн баран: «Аны маннык кэпсэтии…» – диэн саҕалаан эрдэҕинэ, эмискэ төлөпүөнүн тыаhа тырылыы түстэ. Хантан эрэ бэрт ыраахтан эрийэллэр быhыылаах, саҥалара чуолкайдык иhиллибэт.

      – Нина Николаевна, өссө маннык кэпсэтии баар буолла, – диэн баран Николай Иванович, дьоhуннаах кэпсэтии буолуохтааҕын эрдэттэн биллэрэр курдук, кириэhилэтигэр тиэрэ түhэн, төбөтүн хоноччу тутунна. – Бэҕэhээ миигин райком иккис сэкирэтээрэ Петр Михайлович ыҥыран ылан кэпсэтэ сырытта уонна эйиигин кытта бэсиэдэлэhэрбэр сорудахтаата. Ону толороммун бу эйиигин кытта кэпсэтэбин.

      – Тыый, ол тугу… туох туhунан? – Нина Николаевна, аан бастаан соhуйан хаалан, тута бааччы өйдөөбөтө.

      – Туох туhунан диигин дуу? Бэйэҥ даҕаны искэр сэрэйэр инигин? Били, үнүргү буолбут мунньахха эн «уоттаах-төлөннөөх» тылы эппиккинэн сибээстээн.

      – Һы, хайыы-үйэҕэ боппуруос оннук хааман эрэр эбит дуу?

      – Хайдах дии санаабыккыный, оннук буолбакка! Кырдьыга даҕаны, эн онно олус туруорутук, холустук, хайдах эрэ сатамньыта суохтук кириитикэлээн тыл эппитиҥ… дьону, бүтүн кэлэктииби да өhүргэтиэх курдук.

      – Дьэ, онон туох диэн түмүк оҥоhуллубутуй мин ааппар? Эбэтэр райком туох ыйыыны-кэрдиини, дьаhалы биэрдэ?

      – Сөп‑сөп! Эн, Нина Николаевна, бука баhаалыста, киhи кэпсиирин тулуйан истэ түс дуу, оччоҕо барытын өйдүөҥ буоллаҕа дии, – Николай Иванович маҥан сүүhэ биллэрдик


Скачать книгу