1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин


Скачать книгу
ээ… Илистэриҥ буолуо.

      – Саргылаанам саргылаах айаҥҥа сахалыы алҕаабыта, самнан-охтон биэриэм суоҕа диэн санаа аргыстаах таҕыстаҕым, – диэт, Иван хаатыгар угуллан сылдьар саатын ылан, дьиэтин халҕанын тэлэйэ баттаата.

      Күhүҥҥү бүтэй былыттаах, эмиэ да убаҕас туманнаах сарсыарда сөрүүн, чэбдик салгына сайа биэрэн, түөhүн иhигэр кутуллан киирбитэ дьикти үчүгэй этэ. Бэйэтин дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр сылдьан бултуурун саныы-саныы, хас эмэ хонуктааҕыттан сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, сүрэҕэ күүрэн тэбиэлиирэ, сүhүөҕэ мөхсөрө. Өбүгэлэрин куттарын-сүрдэрин иҥэриммит төрөөбүт-үөскээбит төрүт сирин-уотун ураты тардыылаах, умсулҕаннаах буоларын Иван Данилович ол сарсыарда дьиэтиттэн тахсарыгар билэн сөҕө санаата. Кини дойдутугар сылдьыбатаҕа биэс-алта сыл буолан, кэлин хайдах эрэ тэйэ быhыытыйан барбыта. Сайын биирдэ эмэтэ кэргэттэрин илдьэ сир астыы таарыйа Орто Эбэҕэ тахсыан санаталаан ылара даҕаны, айаннарыгар эрэйдэнэллэриттэн саллан, Саргылаанатыгар ол туhунан биир да тылы быктарбата. Бэйэҕэр тырааныспара суох буоллуҥ да, хаста-хаста суол төрдүтүгэр, айан аартыгар хас ааhар массыынаҕа үҥэ‑сүктэ «куоластыырыҥ» чуолкай буоллаҕа эбээт! Аны хаhан, туох массыынаҕа түбэhэн, хайдах айанныырыҥ эмиэ биллибэт.

      Иван Данилович, сүргэтэ көтөҕүллүбүт, бүтүннүү өрүкүйэ күүрбүт киhи, үhүс нүөмэрдээх оптуобус тохтобулугар чугаhаан эрэ баран, сүгэhэрин ыараханын дьэ биллэ. Били, кэргэнэ «лиhийэн түhэн» диэбитигэр дылы, үрүксээгэ ыарахана сүрдээх эбит! Иитиилээх ботуруону аhара элбэҕи ылан кэбиспит быhыылаах, ордук ол ыйааhына биллэр буолуохтаах.

      Сайсары тохтобулуттан үhүс оптуобус толору дьонноох кэлэн: «Өссө ким баарый?» – диэбиттии, ойоҕоhунан турунан кэбистэ. Хата, манна улахан үтүрүйсүү-хабырыйсыы буолбата.

      – На охоту… коо-бах? – диэн көп маҥан таҥастаах нуучча оҕонньоро кээҕинэс куолаhынан, кэлин олоххо утары олорон, Иван Даниловичтан ыйытар.

      Онон сиэттэрэн куобахха бултааhын туhунан сэhэргэhэн бараллар. Оҕонньор аҕыйах сыллааҕыта илин, өрүс уҥуор, Чурапчылыыр суолунан Чаачыгый диэн сиргэ табаарыстарын кытта куобахтаабыттарын, бэрт элбэх куобаҕы бултаабыттарын туhунан өрө көтөҕүллэн кэпсээтэ.

      – Аны булка барар кыаҕым суох… мин кэмим ааспыта, – диэн баран оҕонньор тыастаахтык өрө тыынан кэбистэ. – Айылҕаҕа сылдьыы, бултааhын диэн улуу дьол… Ону эhиги, эдэр дьон, өрүү өйдүүр буолларгыт уонна оннук дьолго тиксэр кэмнээх-кэрдиилээх. Бу аньыылаах сиргэ туох барыта уларыйа-тэлэрийэ, сүтэ, барана турар буоллаҕа эбээт!..

      Иван Данилович Орджоникидзе аатынан болуоссакка оптуобус кэлиҥҥи аанынан, үрүксээгин кыбыттара сыhа-сыhа, арыычча түстэ. Аны ахсыс нүөмэрдээх оптуобуhу күүтэн турда. «Бултааhын диэн улуу дьол!» диэбит били оҕонньор кээҕинэс куолаhа кини кулгааҕар өссө да дуораhыйарга дылы. Ити билигин мөлтөөбүт-ахсаабыт кырдьаҕас киhи туох баар дууhатыттан дьиҥнээх ис санаатын таhыгар таhаараахтаабыта өтө көстөр. Барахсан үтүөкэн, сырдык да дууhалаах, киэҥ-холку көҕүстээх оҕонньор быhыылаах. «Туох барыта


Скачать книгу