1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин

1986. Аргыардаах саас - Иван Сысолятин


Скачать книгу
Семеновна ыйыппытынан киирдэ.

      Степа саҥаhа итинник эрэллээхтик ыйыппытыттан «Арааhа, кини мааҥыан сарсыарда физмат оскуолаҕа сылдьан эрдэ кэпсэтиспит эбит», – диэн өйдөөтө.

      Ол киэhэ Степалаах Илья сэттэ чаас саҕана эмиэ медицинскэй училище уопсай дьиэтин киирии куоллаҕайыгар баар буоллулар. Бу сырыыга иhирдьэ-таhырдьа атын уолаттар элбээбиттэр. Хас да кыргыттар, көрдөөн көрөн баран, Күннэйи эмиэ булбатылар, эппиэттэрэ биир – куоракка барбыта буолуо диэн. Өссө эбэн: «Сарсын сарсыарда үлэҕэ барабыт, хортуоппуйга», – диэн кыргыттар кэпсээтилэр.

      Ол иhин Степа, Күннэйи бу киэhэ көрсүбэтэхпинэ биир ый устата көрбөппүн диэн, соҕотоҕун аны Аппа Уҥуор барбыта. Онно тиийбитэ – Күннэй эмиэ суох, биир дьүөгэтиниин соторутааҕыта аҕай сылдьан барбыттара диэтилэр.

      Куоракка борук-сорук буолан барда. Онон Степа, төhө даҕаны санаата Күннэйгэ ханньары тартардар, медучилище уопсайыгар бара соруммата.

      ИККИС БАҺА

      Иван Данилович Таскин дойдутуттан Орто Эбэттэн тэйбитэ ыраатта, орто оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускайга үрдүк үөрэххэ киирбитэ. Университет историяҕа салаатын төрдүс куурсугар үөрэнэ сылдьан омук тылын факультетыгар үөрэнэр Хатас кыыhын Саргылаана Слепцованы кэргэн ылбыта. Эрдэттэн, оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн ыраламмыт санаатын дьулуhан туран ситиhэн, университеты үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ уонна салгыы аспирантураҕа туттарсыбыта. Сүрүн соруга учуонай буолуу этэ. Ол санаатын түөрт сыллааҕыта ситиспитэ – историческай наука кандидатын аатын ылбыта.

      Кыра эрдэҕиттэн тулаайах кэриэтэ үөскээн, бэйэтин бэйэтэ көрүнэ, суолун бэйэтэ солоно үөрэммит үгэhинэн наука туонатыгар атаҕын уган баран, онон сөп буолан, дуоhуйан уоскуйан, тохтоон хаалар санаата суох, өссө лаппыйан, нэмийэн ылан, иhирдьэ салгыы өтөн киирэн иhэр бигэ соруктаах. Салгыы үлэлэhэр да, ол үлэтин бэйэтэ олус мыынар, астыммат. Өссө дьулурҕатык, өссө түмүктээхтик үлэлиэххэ баара… Баҕа санаа, былаан баhаам!

      Ол эрээри билиҥҥи олоҕун-дьаhаҕын туруга, эйгэтэ охсор, атахтыыр. Кырдьыга да оннук! Дьэ бу икки киhи арыычча аасыhар «хоруопкатыгар» ыгыта симсэн олороҥҥун билиҥҥи наукаҕа саҥа суолу-ииhи хаалларар ханнык боччумнаах үлэни суруйан, айан таhаарыахха сөбүй?! Күннээҕи олох-дьаhах кыhалҕата, дьиэ-уот кыараhаҕа айымньылаах өй үлэтин күөртүөхтээҕэр төттөрүтүн умулуннарар, кэҕиннэрэр.

      Иван уонна Саргылаана устудьуоннуу сылдьан ыал буолуохтарыттан олорор дьиэтэ суох буолан эҥин-эҥин ыалга кыбыллан, үтүрүллэн-хабырыллан, эрэй да бөҕөтүн көрбүттэрэ. Түөрт сыллааҕыта Академическай уулуссаҕа бу дьиэни биэрбиттэрэ туhугар эмиэ үөрүүлээх суол этэ. Төhө даҕаны кыараhаҕын иhин, бэйэбит дьиэбит, бэйэбит киэнэ диэн сананаллара үчүгэйэ сүрдээх этэ… «Ыал барыта даачалаах. Биhиги да сир ылан, сыыйа-баайа оҥостон көрбөппүт дуо?» – диэн Саргылаана бу дьиэҕэ кэллэхтэрин утаа тыл көтөҕө сылдьыбыта. Онуоха Иван иэмин-дьаамын биэрбэтэҕэ, даачаны оҥостуу үлэтиттэн, түбүгүттэн олус чаҕыйар, саллар. Ону сүhүөҕэр туруорарга элбэх күн-дьыл барыахтааҕын иhигэр улахан санаалардаах,


Скачать книгу