Атырдьах сэргэ. Данил Макеев
сирэйдээх капитан биир кэм:
– Быстрее! Быстрее! Как сонные мухи еле двигаетесь, – дии-дии, төттөрү-таары кэлэрэ-барара. Араас дьааһыктары, кууллары тэлиэгэлээх аттарга, массыыналарга тиэйэ-тиэйэ ыытан иһэллэрэ. Мэхээлэ хараҕар киирэн аһытар көлөһүнүн соттор да бокуойа суох сылдьан, уҥа-хаҥас өттүн көрдөҕүнэ сүүһүнэн киһи сүүрэ-хаама былаастаан үлэлии сылдьаллара.
Ити сырыттахтарына эмискэ сирена тыаһа улуйа түспүтэ. Зениткэлэр үлэлээн тибийбиттэрэ. Онтон былыт быыһыттан ньиэмэс самолеттара, киһи уйулҕатын көтүтүөх, ыйылаан-уйулаан таҥнары халаахтаһан түспүттэрэ. Өлөр өлүү дүбдүргэнэ биирдэ тоҕо тардыллыбыта. Мэхээлэ туора сүүрэн истэҕинэ, харабылга турбут саллаат сытан эрэ үрдүнэн ытыалаан бирилэппитэ. Сонно умса баран түспүтэ. Тулатыгар буомбалар эстэн, сир мэктиэтигэр өрүтэ эккирээн ылара. Үрдүгэр бытархай таас, буор курулаччы кутуллара. Өйө көтөн, хаһытыы-хаһытыы сирэйин хоту сыыллан иһэн буомба тоҕо тэппит аҥхайыгар төкүнүйбүтэ. Онтон тахсаары тарбачыЇһан иЇһэн көрбүтэ биир самолет адьас кинини эрэ туһаайбытынан ытыалаан, уотунан кытыаста-кытыаста таҥнары сурулаан иһэрэ. Онтон быыһаныахтыы тиэрэ баран түһээт, хоһооно суох хаһытыы-хаһытыы илиитинэн далбаатана, атаҕынан тэбиэлэнэ сатаабыта. Самолета кини туһугар кэлээт өрө мэтэрийэн тахсыбыта. Ол кэнниттэн аны иккис самолет таҥнары халаахтаан эрэрэ. Ыксаан эмиэ үөһэ тарбачыһан истэҕинэ ким эрэ атаҕыттан төттөрү соһон ылбыта. Ап-аһыы хабархай сыттаах сииктээх буорга төбөтүн умса баттаабыта. Онуоха, сири дьөлө хаһан киириэхтии, икки илиитинэн бокуойа суох буору тарбыы сыппыта. Төһө кэм ааспыта буолла, ким эрэ эргитэ тарпытыгар өйдөммүтэ уу-чуумпу буолбут этэ.
– Вставай! Быстро за работу, – диэн ойутан туруорбуттара. Буомбалааһын улахан иэдээни оҥорбут этэ. Онтон-мантан өһөх хара буруо халлааҥҥа харбаһан эрэрэ. Оһоҕоһо субуллан хаалбыт ат, киһи куйахата күүрүөхтүү ыйылыы-ыйылыы, тура сатаан илин атаҕынан сири табыйара. Бэрт элбэх киһи күөрэ-лаҥкы охтон сыталлара.
Мэхээлэ, төһө да ууну-уоту ортотунан аастар, бу бастакы буомбалааһыҥҥа түбэһиитэ этэ. Онон уйулҕата улаханнык хамсаабыта. Халлаантан таҥнары сатыылаан түһэр, өлөр өлүүнэн уһуурар күтүрдэртэн ханна да баран быыһаныа суох курдук этэ да, син тыыннаах хаалбыт. Бэл, дьуккуруйан да көрбөтөх этэ. Ол эрээри, уҥуоҕа-иҥиэҕэ босхо баран, салыбырас буолан хаалбыт курдуга.
Аны онно-манна өрө күүдэпчилэнэр уоту умуруоруу түбүгэр түспүттэрэ. Ити икки ардыгар халлаан хараҥаран барбыта. Уот улахана сөҕүрүйээтин кытары эмиэ таһаҕас сүөкээһинэ саҕаламмыта. Мэхээлэлээх хаһыа да буолан буомбалааһын кэмигэр түөрэ түһэн хаалбыт вагонтан кууллары массыынаҕа тиэйбиттэрэ. Ол сылдьан алдьаммыт куултан тохтубут куруппаны сиэптэригэр хааламмыттара. Сырдыга буоллар харабыл саллааттар ону барытын төттөрү сүөкэтиэхтэрэ эбитэ буолуо. Хата, түүн хойут бүтэннэр массыынаҕа олордоот төттөрү утаарбыттара.
Железнов эмиэ сиэбигэр балачча куруппаны куттубут этэ. Көнньүүһүнэлэригэр