Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
кырдьык да көмүс хостуохпун сөп ээ,» – диэн ону-маны эргитэ санаатым. Уонна ити армияҕа сылдьан илдьиритэн толкуйдаабыт санаабын олоххо киллэрэргэ быһаарыммытым.
Сулууспаттан дойдубар кэлэн баран, ГРФ-тан докумуоммун төттөрү ыламмын, ИТФ-га горняк идэтигэр биэрдим. Үөрэҕим араастаһыытын 18 предмети биир ый иһигэр саҥалыы ситиһиилээхтик туттараммын, үрдэтиилээх стипендияҕа көстүм. Галя үөрэҕин бүтэрэн, Томпо Нежданинскай руднигар үлэҕэ анаммыта. Онон мин заочно кэтэхтэн үөрэххэ көспүтүм. Маҥнай шахтаҕа крепильщик үөрэнээччитинэн, онтон бэрт сотору крепильщигынан үлэбин саҕалаабытым. Саха киһитэ шахтердары кытары бииргэ үлэлииригэр кинилэри үлэҕэ сатабылынан, өйүнэн биитэр күүһүнэн лаппа баһыйар буоллаҕына, тэҥҥэ сылдьар кыахтаах. Мин кэллэктииби кытары уопсай тылы булан, проходчигынан үлэҕэ ылалларыгар кэпсэппитим. Бастаан уоппускаҕа барбыт үлэһити солбуйан үлэлээн барбытым. Кыайар-хотор буоламмын, күүскэ үлэлиирим, иннэ гынан олоҕурбут нормативтарын аһаран кэбиһэммин, үрдэтэннэр, бииргэ үлэлиир дьоммуттан кынчарылла сылдьыбытым. Оччолорго кинилэр хамнастара 1200 солк. тиийэрэ. 4 сыл иһигэр бэһис разрядтаах проходчик буола үүммүтүм. Онтон икки сыл дэлби тэптэриигэ көһөн үлэлээн, эмиэ бэһис разряды ылбытым. Ити курдук араас омук дьонун ортотугар инники күөҥҥэ сылдьыбытым. Кэлин шахтаҕа бииргэ үлэлээбит дьонум «быстах крепильщиктыырыгар 50-нуу шпуру соҕотоҕун оҥорор этэ, ону биһи эккирэтэн аҥаарыгар да тиийбэт этибит» диэн кэпсииллэр эбит этэ.
Шахтаҕа үлэлии сылдьан, отсыпной сынньалаҥмытыгар утуйбакка бултуу барарбыт. Анциферов эҥин диэн нуучча, хохол уолаттарын кытары куобахтыырбыт. Кинилэртэн элбэххэ үөрэммитим. Холобур куобаҕы биһиги курдук истэри-үөстэри сүгэ сылдьыбакка, сонно тириитин ньылбы тардан иһин ороон, хол-буут арааран, мөһөөччүккэ уган кэбиһэллэрэ. Амурскай уобаластан, Читаттан сылдьар уолаттар балыгы астыыллара эмиэ олох атын этэ. Сонно хатырыктаан, иһин хостоон сууйан, тууһаан кэбиһэллэр. Алдан салаата Тырыга таба, тайах, чубуку бултуурбут. Булчут аҕыйах буолан, лицензияҕа тиксэрбит. Булт этин лаабыстыыллара эмиэ уратылааҕа. Сайынын дойдубар Түбэйгэ тиийэн оттуурум. Ийэ айылҕабар сылдьан, сылаабын таһааран, сынньанан тиийэрим.
Шахтаҕа үлэлиир кэммэр «Технология комплексной механизации разработки месторождений полезных ископаемых» идэлээх үөрэхпин бүтэрбитим. Көмүс хостооһуҥҥа бэйэм ылсар санааҕа кэлбитим. Көмүстээх сирдэри бас билэр Ааллаах Үүн экспедициятын кытары кэпсэппитим. «Якутзолото» холбоһук «Джугджурзолото» хайа байытар комбинатын «Нежданинскай» руднигар үлэ кэнниттэн, 1992 сылтан «Горняк» старателлэр артыалларын тэрийбитим. Амурскай диэн үрэҕи сууйан көр диэбиттэрэ. Уон да киилэни ылбата буолуо диэбиттэрэ. Хата биһиги 200 киилэ көмүһү сууйбуппут. Онно аахсыбыт харчыбын барытын техника ылыытыгар укпутум, эбиитин улахан бырыһыаннаах кредиккэ киирбитим. Маҥнайгы промсезоммут үлэлээбиппит барыта кредит төлөөһүҥҥэ барбыта. 18 киһиэхэ