Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аата Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ.
Өрөспүүбүлүкэ, олохтоох нэһилиэнньэ интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох биир түгэни ойо тутан ахтан аһарыым. 2012 сыллаахха Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэрин салайааччыларын бэрисидьиэн диэн ааттаныыларын тохтотуу саҕаламмыта. Онуоха саха судаарыстыбаннаһын суурайтарбат туһугар көннөрү «баһылык» диэн тиэрмин оннугар «Ил Дархан» диэн омук ааспыт устуоруйатыттан силистээх анал ааты дьыала-куолу тылыгар, СӨ Төрүт Сокуонугар киллэртэрэр инниттэн улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьүүллэһии үрдүк таһымҥа тахсыытыгар күүскэ үлэлэспит Ил Түмэн парламентарийдара Зоя Корнилова, Елена Голомарева, Оксана Винокурова нэһилиэнньэттэн, улуустан өйөбүл наада диэн көрдөспүттэрэ. Онуоха бу суһал соругу толорорбутугар маҥнайгынан П.П. Федоров-Сомоҕо улаханнык көмөлөспүтэ. Чурапчы биллэр-көстөр дьонун кытары сүбэлэһэн-дьүүллэһэн, кинилэр парламент спикерэ В.Н. Басыгысов аатыгар дьоһуннаах суругу киллэрбиттэрэ. Ол курдук, Дьааҥыттан В.П. Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал эмиэ өйүүр ис хоһоонноох суругу тэрийэн ыыппыта. Онон билигин олоххо киирбит саха судаарыстыбаннаһа баарын бэлиэтиир дорҕоонноох «Ил Дархан» анал аат бигэргэниитигэр Павел Петровичтаах көмөлөрүн барҕа махталынан ахтабын.
Суруйааччы Сомоҕо бэлиэ сааһын илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ. Бу саҥа бэчээттэнэр кинигэтэ икки түһүмэхтэн турар. «Саллаат уонна Таптал» диэн сэһэнэ саха уус-уран айымньытыгар өссө арылла илик тиэмэҕэ анаммыт. Саха сирин олохтоохторо сэриигэ кыттыыларынан, аармыйаҕа сулууспаҕа бэргэн ытааччы, тулуурдаах, барыга бары сыстаҕас, толоругас, бэйэлэрин кыанар-хотунар саллаат саллаат быһыытынан бэйэлэрин көрдөрбүттэрэ биллэр. Байыаннай чаас хамандыырдара, офицердара саха буолла да кыраҕы харахтаах ытааччы, уруһуйдьут, үчүгэй буочардаах писарь, спортсмен диэн уруккуттан олоҕурбут өйдөбүллээхтэр. Ол гынан баран, биһиэхэ саха ыччата аармыйаҕа сулууспалааһынын ойуулуур айымньы тоҕо эрэ баччааҥҥа диэри суох этэ. Биир төрүөтүнэн суруйууга аармыйа күлүк өрүттэрин хайдах даҕаны таарыйарга тиийиллэрэ эмиэ мэһэйдиир түгэнинэн буолбут буолуон сөп. «Дедовщина»