Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
ытык эбээһинэс оҥостубут эмтиир дьарыгынан ыалдьар дьоҥҥо көмөлөһөн, дьон-сэргэ махталын ылыан ылла.
Хомойуох иһин, биһиэхэ сахаларга сэбиэскэй кэмтэн төрүт итэҕэли билиммэт атеистыы иитии содулугар, онуоха эбии урут алаастарынан, үрэхтэринэн тарҕаһан быданан олорбуппут таайан дуу, аттыбытыгар баар талааннаах, дьоҕурдаах дьоммутун аанньа аахайбат, ситэри сыаналаабат кэрэгэй кэмэлдьи баар. Оннук көһүүн сыһыан урукку итэҕэли-үгэһи билиммэт, киэр илгэр, садаҕалыыр адьынат, репрессия саҕаттан ыла силис тардан, ордук айылҕаттан айдарыылаах идэлээхтэрбитигэр уларыйан биэрбэт. Урукку идэлээх дьоннорбут ыалдьар, эрэйдэнэр биир дойдулаахтарыгар көмөлөрүн, эмтээһиннэрин иһин үтүргэҥҥэ түбэһэн, эрэйи-кыһалҕаны көрсөн туран, үйэлэрин тухары айылҕаттан анаппыт, өбүгэттэн утумнаабыт идэлэриттэн аккаастаммакка, үлэлээн ааспыттара. Сүдү дьоммут туһунан кэлиҥҥи сылларга эрэ кэккэ ахтыылар хомуллан бэчээттэннилэр.
«Бичик» (Айар) кинигэ кыһатыгар 2007 сылтан саҕалаан, анал сериянан Көстөкүүн Чирков, Ньыыкан, о.д.а. уонна билиҥҥи кэм айдарыылаахтарын тустарынан кинигэлэр тахсан барбыттара. Оттон Куома Чааскыҥҥа аналлаах кинигэни Е.Д. Андросов, П.Х. Андросов, Т.И. Андросова, о.д.а. хомуйбут ахтыыларын холбоон, эбии матырыйаал булан түмэн, 2009 сыллаахха хомуурунньук таһааттарбытым. Бу кинигэҕэ Куома кырдьаҕас уолун Михаил Фомич үөлээннээҕэ, талааннаах суруналыыс, төрөөбүт Тааттатын ис сүрэҕиттэн таптыыр Анастасия Морхоева кини туһунан аан маҥнай бэчээккэ таһаарбыт матырыйааллара туспа салаанан киирбиттэрин киэн тутта саныыбын. Анастасия Александровна барахсан биир саастыылааҕын дириҥ ытыктабылынан кэпсиир, суруйар буолара.
Манна өссө биир саха саарына, үтүөкэн киһи туһунан ахтан аһарыахпын баҕарабын. Кини – саха биллиилээх учуонайа, билим дуоктара, үрдүк үөрэх тиһигэр экономиканы үөрэтиини тэрийбит, кэлин суруйааччы быһыытынан ааҕааччылар болҕомтолорун тардыбыт Василий Романович Дарбасов. Уолбаттан аҕыйах көстөөх Дабаччыма диэн Мэҥэ Алдан нэһилиэгин сиригэр-уотугар төрөөбүт-үөскээбит Баһылай Арамаанабыс олоҕун тиһэх сылларыгар доруобуйатынан улаханнык моһуогуран, Михаил Фомичтыын билсибитэ. Эмчит хайдахтаах курдук туһалааҕын, наадалааҕын бэйэтинэн билэн, ыарахан ыарыыны кытары туруулаһан, үйэтэ арыый уһаан, Николай Островскай, Эрилик Эристиин холобура суох хорсун быһыыларыгар ханыылыы, күүһүн түмүнэн хас даҕаны кинигэ суруйбута. «Куома Чааскын» диэн дьиҥ олоххо буолбукка олоҕурбут уус-уран сэһэнин суруйан норуотугар кэриэс кэбиһэн хаалларбыта. Дабаччыма ити айымньытын суруйарыгар Михаил Фомич бэйэтэ, кини олоҕун аргыһа Альбина Саввична о.д.а. улаханнык көмөлөспүттэрэ.
Уолбаттан Михаил Фомич чугас ыала, сахаҕа, киэҥ эйгэҕэ мындыр өйүнэн, дьикти-дьиибэ дьарыгынан биллибит Михаил Трофимович Боппосов маннык дьикти түбэлтэни иһитиннэрэн турар. Чашкиннар дьиэлэрэ электропроводкаттан сылтаан умайбытыгар, истиэнэҕэ ыйанан турбут аҕаларын Куома кырдьаҕас мэтириэтэ хоруордар даҕаны бүтүн хаалбытын