Кэм кэрэһиттэрэ. Валерий Луковцев
уопсастыбаннай диэйэтэли бэлиэ сааһын үлүскэннээх үлэ үөһүгэр көрсүбүккүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, өссө да таһаарыылаахтык, кимиилээхтик Саха сирин бар дьонун, Хоту дойдуҥ, өрөспүүбүлүкэҥ туһугар үлэлээ, тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох буол диэн үтүө баҕабын этэн алгыыбын!
СЫРДЫК СЫДЬААЙДААХ
Былыр-былыргыттан тоһуттар тымныы будулуйан турдаҕына, балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох барахсан бачыгырыы умайан сылааһынан угуттаан, сырдыгынан сыдьаайан күө бааччы астык, нуурал эйгэни үөскэтэн саханы абыраан кэллэҕэ. Син ол тэҥэ тулаларыгар үтүө сыһыаннарынан, эйэҕэс-сайаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан, кылгастык да алтыһан ааспыкка сырдык санааны саҕар, киһи киһитэ дэтэр дьоһун-мааны дьон олоҕу киэргэтэллэр. Өбүгэ айыы сиэрин-үгэһин иҥэриммит, көнө сүрүнүн утумнаабыт удьуор харалы биһиги кэммит биир биһирэмнээх бэрэстэбиитэлинэн суруйааччы П.П. Федоров-Сомоҕону ааттаатахха, бука, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.
Павел Петрович учууталын Далан алгыһынан уус-уран айымньы умсулҕаннаах чээл күөх хонуутугар киирбит кэмнэрин өйдөөн кэллим. Лоп курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр саха ааҕааччыларын үөрдүбүт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кинигэ кыһата, суруйааччылар, «Чолбон» сурунаал уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыһан оҥорбуппут. Оччолорго, 90-с сылларга айар тыл аҕалара буолбут норуот суруйааччылара утуу-субуу олохтон баран, суруйар-айар дьоҥҥо үөһэттэн өйөбүл мөлтөөн, кинигэ бэчээттэниитэ аҕыйаан, литература сайдар хамсааһына аҕырымныы быһыытыйбыт кэмэ этэ. Дьэ, ол буом соҕус бириэмэҕэ, хоһоонньут кыргыттары сэргэ түөрт эдэр уонна саастарын үгэнигэр сылдьар лиҥкир эр дьон биир сылга кэпсээн, сэһэн кинигэлэнэн айар эйгэҕэ киирбиттэрэ ааҕааччыга соһуччу соҕус сонун түгэнинэн буолбута. Павел Федоров-Сомоҕо «Ол ыҥырар тырымнас уоттар», Константин Эверстов «Туман буолбут таптал», Уйбаан Ойуур «Буурҕа» уонна Василий Бочкарев «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» кинигэлэрин бииргэ биһирэмнээннэр, киэҥ кэпсэтии дьоро киэһэтэ дьону-сэргэни сэргэхсиппитэ.
«Саҥа суруйааччылар аҕыйахтар, аныгы сонун тиэмэлэргэ үлэлээччилэр кэмчилэр дииллэр. Оннук буолбатаҕын бу көрсүһүүбүт көрдөрөр, – диэтэ бастакынан тылы ылбыт «Бичик» кылаабынай редактора. – Биһиги бу билсиһиннэрэр ааптардарбыт – хаһыакка-сурунаалга балачча бэчээттэммит, литератураҕа ис сүрэхтэриттэн баҕаран, бэринэн туран үлэлиир дьон. Онон кинилэр бастакы кинигэлэрин билиһиннэрэр ордук үөрүүлээх уонна бу үлэлэрэ быйыл саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө кинилэр ааҕааччыга дьоһуннаах бэлэхтэринэн буолар». Маннык иһитиннэриини хаһыакка биэрбит суруналыыс, суруйааччы С.Р. Данилов, салгыы П.Д. Аввакумов, Тумат, Харысхал, Г.В. Попов, В.А. Тарабукин, П.П. Флегонтов, о.д. а өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэлээбиттэрин, айымньылары ырыппыттарын сурукка тиспит эбит. Дьэ ити курдук хас да ааптары бииргэ сомоҕолоон, биһирэм кэпсэтии таһаарарга көҕүлээччинэн Байбал Сомоҕо буолбута. Театр артыыстарын