Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
сыыһа-халты тутуннум быһыылаах… – киирбит киһи хараҕар саба түспүт баттаҕын, икки илиитинэн өрө анньан хомуйа тутан, баттаҕар баалла сылдьыбыт синньигэс сарыынан эрийэ охсон, ыксары тарпыта. Курун сүөрүнэн, саҕынньаҕын устан, кулун кутуругун курдук быһыыламмыт баттаҕа эйэҥэлии, ытыстарын сууралана, олох маска олоро түспүтэ. Ыйаастыгас кыараҕас харахтарын кырыытынан Тыгын Тойону кыҥастаһа, уоту одууласпыта буолбута.
– Киһиттэн таһынан туттуулаах буолаҥҥын… Соруйаары ыҥыртардым, – Тыгын дьагдьайбыт киһилии туттан, сыҥаһаттан саарба саҕынньаҕын ылан, саннытыгар иилинэ быраҕынна.
– Хайа диэки кэпсээн кэҕийэн, олоҥхолоон онолуйан кэллиҥ? Тугу биллиҥ-иһиттиҥ, ньимилийэн олорбокко, омолуйан ис.
– Суолу-ииһи кэтэһэн, ыраата иликпин… Ээ, Эбэ бэтэрээ өттүнэн аҕа уустарынан оҥойор айаҕым туһугар сырыттым. Дьон-сэргэ олоҕо кэминэн, ханна даҕаны барар-кэлэр санаалара суох быһыылаах. Ол дьон, бэл, сорох боотурдарын саарба булдугар туруортаабыттар үһү. Быйыл баардыҥы диэн үөрсэллэр.
– Иһит эрэ, Хоноһоой, «оҥойор айаҕым» диигин, ол туһугар ханна баҕарар тиийиэххин, ханна баҕарар олохсуйуоххун сөп дуо?
– Тылым, саҥарар саҥам иһиллэрин тухары, кэриимнээн даҕаны айахпын булунуом дии саныыбын…
– «Омоҕой Баай эрдэхтэн, Эллэй Боотур саҕаттан…» – диэни оһуохайыҥ тылыгар үгүстүк туттаҕын. Ити дьон уонна мин өбүгэлэрим, аҕам Мунньан Дархан туһунан үһүйээннэри төһө билэҕин?
– Оҕо эрдэхпиттэн олоҥхону, үһүйээннэри истибитим элбэх буоллаҕа… Бу диэн, дьиҥ кырдьыгын билбэппин эрээри, үчүгэйи, олоххо тардыһар түгэннэри кэпсиир, ама, омнуоланнаҕай?
– Оннугун оннук даҕаны… – Тыгын, Хоноһоой таһыгар олоруохча буолан иһэн, көнө түстэ. – Оттон мин туспунан, Туймаада хочотун хороҕор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн толорбутум, кыайыы-хотуу көтөллөөх кыргыһыыларым, хотун ойоҕум, оҕолорум туһунан кэпсиирдээххин дуо? – Тыгын чыпчылыйбакка эрэ киһитин кыҥастаста. Хоноһоой соһуйан, өрө татыаккаланна.
– Ама! Түөлбэм аҕа баһылыгын олоҕун-дьаһаҕын хайдах билиэм суоҕай? Кыргыһыыга сылдьыспыт кырдьаҕас боотурдартан истибиппин үһүйээн оҥорон кэпсиибин ээ… – алҕас эттим диэбиттии, сүнньүн кистиирдии, ньыкыйа түстэ.
– Дьэ, иһит. Эйигин тэрийэн, манабыл киһилээн, Кыйаар дойдутугар ыытаары гынабын. Ону туох диигин? – Тыгын сандалыттан үс атахтаах чороону ылан, Хоноһоойго уунна, – мэ, мантан ыймахтыы түс, онтон хоруйдаар.
Хоноһоой чороону икки илиитинэн ылан, утаппыт киһилии киллиргэттэ, чачайа сыһан тохтоон, харытын таһынан уоһун соттуна, чороону төттөрү уунна.
– Туох диэхпиний, билэриҥ курдук, алаһа дьиэм, хотун дьахтарым, миинэр миҥэм, дьөрү, торбоһум даҕаны суох… Турар бэйэм бу… Ат биэрдэргин, таҥас-сап көрдөргүн, айаннаан бөҕө буоллаҕа… Ол эрээри, оччо ыраах мээнэ барбатым чахчы. Туох сорудахтаах айанныыбын?
– Миэхэ холоотоххо, эн эдэрчи киһигин. Маннык сылдьан, ааппын ааттатар оҕото, уруута-аймаҕа суох, туман курдук