Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт


Скачать книгу
Ол тордохтор диэкиттэн туох буруота дуу, тумана дуу бурҕачыйарый? – Бэлэс Боотур өссө үчүгэйдик көрөөрү, күөл диэки киирдэ. Нүһэрги, көрөөрү буолбакка, истээри, дуулаҕатын туура тардан, ынтакатын уҥа кулгааҕын өрө анньа, ытыһын холбоччу тутта.

      – Ээ, ити ыҥырыыбытын истэн, туматтар истэхтэрэ. Табаларын уонна бэйэлэрин тыыннара бурҕачыйар ини…

      – Һа, таах кэлсибиппин дуу… Туһалыам, таарыччы тыыммын таһаарыам дии санаабытым. Маннык кэпсэтии тахсыан билбитим буоллар, кэлсиэ даҕаны суох эбиппин, – Бэлэс Боотур хомойбуттуу туттан, икки өттүнэн иэҕэҥнээн ыла, ох саатын куонньалыгар симиннэ.

      – Бээ, Бэлэс Боотур, ыксаама, ити ис кыахпытын көрдөрдүбүт. Аны эн хаһыыгынан итини бигэргэтэн көр. Былыр-былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри бары омук өһүн дьоно дуорааннаах саҥалаахтан саллаллар, улахан күүстээх киһинэн билинэллэр. Уоскун-тиискин оҥоһун, күөмэйгин чөллөрүт. Хомуһунум хомуллубут буоллаҕына, билиигэ кэлэн иҥниэхтэрэ. Эн, ону туһанан, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин кэпсээ, – Лүксүрээн, сэниэтэ эстибиттии, төбөтүн хоҥкутан, уоту тобулу одуулаан олордо.

      – Ыһыытаары кэлбитим… Ыһыытаамына, – дии-дии, Бэлэс Боотур дэгдэс гына түстэ. Өҥө-дьүһүнэ биллибэт буолбут тииҥ кутуруга нээлбитин суон моонньуттан субуйа тардан ылан, чугас турар талахха иилэ бырахта. Сыыҥтаан-хаахтаан силлээмэхтии, кытыл диэки дьулуруйда. Эбэ уҥуоргу өттүнэн үрүҥ тумарык чугаһаан испитэ. Эмискэ, билиигэ кэлэн, өрө бурҕачыйа түллэҥнээтэ. Табалар хаамсан хоочугураһаллара, дьон кэпсэтэн ньамалаһара улаатан иһилиннэ.

      – Оһо-оһо-оо, Кучан эбэттэн Туоҕа Боотур дьоно иһэби-иит! Халыҥ аймах тардыыта, силиһэ-мутуга – Тыгын Тойон-то-оон! – Бэлэс Боотур баппаҕай курдук ытыстарын холбоччу тутан, ыһыытаан доргутта. Сарсыардааҥҥы дьыбарга күтүр улахан көҥкүлэс саҥа, көҥдөй тиити охсуолуурдуу, быһытталана дуораһыйа, ыраахха диэри сатараата. Үлүгэрдээх үөгүттэн тула өттүлэрэ дьигиһийэргэ дылы гынна. Талахтар быыстарыттан үөр ыалыкы үргэн кырыаны бурҕаҥната өрө кылбаҥнастылар, хатыҥ мастарга ытарҕаламмыт куртуйахтар өрө көтөн күлүбүрэстилэр. Тэйиччи хаһан аһыы сылдьыбыт аттар, кулгаахтарын чөрөҥнөтө, өтүү быаларын хантаччы тарда, тула сиэлэ хаһыҥырастылар.

      – Хааҥҥа суудайбаппыт, ил-эйэ эҥээрдээхпи-иит! Араан тула олорон олохтоох тылы булларбыт диэн иһэ-би-иит! Оо-һо-оо, – Бэлэс ыраах эҥсиллэ дуораһыйар бэйэтин хаһыытыттан астыммыттыы сис туттан, икки өттүнэн иэҕэҥнээн, төттөрү-таары хаамыталаата. Бэркэ чэпчээбит быһыынан дьонугар таҕыста.

      Табалаах дьон өрө булумахтанан, көстүбэт эркиҥҥэ иҥнибиттии, өрө-таҥнары тамаһытаат, төттөрү ойуттулар. Сарсыардааҥҥы дьыбарга табалар уһуурар хойуу сылаас тыыннара, тоҥ салгыҥҥа бурҕачыйа тарҕанан, ыйанан хаалла. Кэнники иһээччилэр, туохтан эрэ куттаммыттыы, кылгас уктаах үҥүүлэринэн уучахтарын моонньуга, кэлин атахха охсуолуу, атахтарынан тэбиэлээн тиэтэтэ, инникилии сатаан хороҕулдьуттулар.

      Эбэ кытылыттан мырааҥҥа диэри нэлэһийбит ырааһыйаҕа


Скачать книгу