Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт
кэпсээтэхтэрэ. Куйарха Хоһуун ытык дьонтон көҥүл, сүбэ көрдөөбөккө, ньуолбар тылынан, күүһүнэн өттөйөн, хоһууннары аҕалан, буор сирэйдээтэҕэ… Итиннэ сөпсөһөр түс-бас кырдьаҕастар, айдарыылаахтар аҕыйахтар ини? Онон өлөрө-өһөрө охсуохтара суоҕа. Киммитин-туохпутун, хантан хааннаах, силистээх-мутуктаах дьоммутун тургутан көрүөхтэрэ… Ол эрээри таныар, таныар баарын умнуо суохтаахпыт. Туматтарга, маннааҕы атын даҕаны биистэргэ таныар күүстээх. Ити алдьархай кэннэ өлөрсүү-өһөрсүү, кыргыс иэстэһииттэн саҕаланыан сөп… Онтон биһиги или-эйэни өрө тутарбытын тиэрдэ сатыахтаахпыт. Кыргыһа даҕаны суох, олох баарын итэҕэтиэхтээхпит.
Эһиги Мукучу Хоһууну кытта кэрийэ бараргытын тохтотон эриэ этигит. Санаан көрдөххө, Мукучу Хоһуун, уолҕамчытыгар оҕустаран, сөпкө өһүргэммит. Бу дойдуга аҕыйах ыйы өлөрөөт: «Биһиги сирбит, биһиги баһылыахпыт», – диэбит курдук олохтоохторго өйдөбүл хаалаары гынна быһыылаах… Чэ, итини сыта-тура бэйэҥ тобулуоҥ… Улуу добдурҕа саҕана туохха эрэ тиистэрбит диэбит, кыргыһы өрө туппут биистэр кэлиэхтэрэ-барыахтара. Эһиги баран хааллаххытына, сирбитин-уоппутун ким көмүскүүр? Эргиллэн, тоҥон-хатан кэлбиккит, томторбут хара чоҕунан көрө сытар буоллаҕына хайдах буолаҕыт? Онон сырыыны-айаны тохтотон, тугун-ханныгын билгэлии түһүөҕүҥ. Хата, томторбутугар табанан, атынан өрө сүүрдэн тахсыбаттарын курдук тугу эрэ дьаһаныах баара… Тумус боотурдары чугаһынан-ырааҕынан суол хайдарыахха, айаннаахтар-сырыылаахтар ханан ыырданалларын билэр куһаҕана суох буолуо этэ. Боотурдары ырааппат курдук дьаһайан, булка аттаран, туруортуур киһи. Ас-үөл хаһааныа, түүлээх мунньунуо этибит. Хайдах-туох кыһын кэлиэ биллибэт…
Туоҕа Боотур араан иннигэр илиитин уунан, тарбахтарын сараччы тутан, уоту одуулаан турбахтыы түстэ:
– Этиэх эттэҕинэ сөп курдук. Дагдаҕар Боотурдаах эргиллэн кэллэхтэринэ сүбэлэһиэхпит. Дьоммут хойутаатылар дии санаабаккын дуо, туохха даҕаны түбэспэтилэр ини…
– Туматтартан эйэнэн ойох кэпсэтэн кэлбит киһини истэ иликпин. Туһунан сиэрдээх-туомнаах дьон ини, – Лүксүрээн өрө тыынан ылла. – Хайдах-туох тэринэллэрин ким билиэй, баҕар, кыыстарын биэрэн ыытаары тэрийэ сылдьаллара буолуо? Дагдаҕар Боотур кыыһын аҕалардыы оҥостон барбыта дии. Кини даҕаны барарын тулуйан-тэһийэн күүтэн биэрдэ быһыылаах. Ааспыт сырыыга кыргыһыы буолбатаҕа буоллар, бу сырыыга биһиги даҕаны барсан, саҥа аймахтары кытта билсэн-көрсөн, ил-эйэ олохтоон кэлиэхпит хааллаҕа.
– Чахчыта оннук. Ол гынан баран, кэм баран иһэр. Туйах төннүбэтэҕиттэн ытырыктатыах курдукпун… Ама эрэ буоллар, төннөн кэлбит буолуо этэ. Биитэр уучаҕынан даҕаны тиэйэн аҕалыа этилэр, – Туоҕа Боотур уоттан тэйэн, төттөрү-таары хаамыталыы, икки ытыһынан сирэйин ньухханна. – Дагдаҕар кэпсээбитинэн, кинилэр манна көмөҕө кэлиилэригэр Амака Хоһууннаах Улахан Эбэ суолун быһан, тоһуйардыы бараары хаалбыттар үһү. Куйарха Хоһууну таныардыыр санаалаахтар диэбитэ. Босхолообут хоһууннарбыт кинилэргэ түбэспэтилэр