Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа - Иван Андросов-Айанньыт


Скачать книгу
этим-сииним ыараан, сытыганныахпын эрэ баҕарабын… Оо, урут эдэр эрдэххэ, дьон билбэтэҕин билэр, көрбөтөҕүн көрөр, курулуу көтөр үчүгэйэ бэрдэ…

      – Дьэ иһит, – Туоҕа Боотур талах олоппоһу Лүксүрээн таһыгар чугаһата, үүс тириитэ бэргэһэтин убахтыы, кэпсээн барда. – Биһиги бу айаммытын Тыгын Тойон бэйэтинэн торумнаабыта…

      – Ол иһин даҕаны! Кини киһи тоҕо кулгааҕа, хараҕа бүөлэнэн, бүтүн аҕа ууһа күрээн барарын билбэтэҕин, эккирэтиннэрбэтэҕин дьиктиргээбитим ээ, – дии-дии, Лүксүрээн төбөтүн быһа илгистэ, сэҥийэтин бытыгын имэринэн ылла. – Үөһэттэн ыйаах дии санаан, билэ-көрө, суоллаһа сатаабатаҕым…

      – Миинэр миҥэтэ атыллыыта онно төрүөт эрэ буолбута. Тыгын Тойон аҕата Мунньан Дархан кэриэһин толоро сатыырын билэҕин. Ити ылбычча кыаллыбат суол буоллаҕа. Сир-уот, баай былдьаһыыта, уон улуус өстөһүүтэ, атырдьах салаатыныы адаарыһыы, барыҥныыртан барытыттан кирийии… Чэ, тугу үгүһү этэн, итини барытын бэйэҥ да билэҕин. Онон Тыгын Тойон анал сорудаҕынан сир-уот кэҥэтэ, киистээн баай мунньунан, боотурдары куйахтыырыгар, сэп-сэбиргэл оҥортороругар төһүү күүс буола кэлбиппит. Ким элбэх боотурдаах – ол баһылыыр муҥур тойон буолан, аҕа уустарын мунньан, биир күүстээх сутурук курдук оҥоро сатыыр. Кэмэ оннук… Уонна аҕатын Мунньан Дархан кэпсээниттэн, ханна эрэ ыраах баар халыҥ ханыылаах омуктан, сомоҕолостохпутуна эрэ, туруулаһарбытын билэр… Атын улуус бас-көс дьонноро итини, үһү-тамах курдук, күдээринэ истэллэр. Тастан, ыраахтан, Улуу Эбэ баһыттан алдьархай хаһан даҕаны ааҥныа суоҕун курдук саныыллар быһыылаах. Кинилэр олорор түөлбэлэриттэн ордук бултаах-алтаах, мэччирэҥнээх сирдэр суохтарын, хаһан даҕаны булт аччыа, сүөһү, сылгы аҕыйыа, элбиэ суоҕун курдук саныыллар. Күн сиригэр кинилэр эрэ баалларын курдук сананаллар… Тыгын Тойон атын сирдэри баһылаттара ыыппытын иһиттэхтэринэ, хайдах эрэ дьаабыланаллар? Ол иһин биһигини «күрүөйэхтэр» оҥортоотоҕо… Уруттаабыт дьон быһыытынан, үчүгэй алаастары, сыһыылары баһылыахтаахпыт, хото түүлээх бултуохтаахпыт, ууһуохтаахпыт-тэнийиэхтээхпит. Ол туһуттан олохтоохтору кытта биир тылы булан, эйэ дэмнээхтик олорон, уруу-аймах тардыстахпытына сатанар. Оччоҕо эрэ дьон биһиэхэ тардыһыа, быстыбыттар-ойдубуттар, атын даҕаны аҕа уустарыттан кэлитэлээн холбоһуохтара. Элбээтэхпитинэ, кыаҕырдахпытына ким биһигини утары көрүөй?

      Онон күрүөйэхтэр буолбатахпыт, төһө даҕаны аҕыйахпыт иһин, Тыгын Тойон кистэлэҥ сорудаҕын толорор аҕа ууһабыт. Биһигини ыыппатаҕа буоллар, атыттары ыытыа этэ… Кэлин кыаҕыран, олохсуйан бардахпытына, Тыгын Тойон аҕа уустарын сомоҕолууругар төһүү күүс буолуохпут. Баҕар, биһигиттэн саҕаланыа – Ил-эйэ! Хайа муҥун, сир үрдүгэр олорор туһуттан кыргыһыахпытый? Дьэ, ситигирдик, – Туоҕа Боотур, ыарахан сүгэһэри түһэрбиттии, суон моонньун күүрдэ, санныларын өрүтэ ыҥдаҥалатан ылла. Уолугун хастан, сарыы саппыйаны хостоон, биһилэҕи кытаахтаан таһааран, Лүксүрээҥҥэ уунна. – Маны көрөр-билэр инигин, Тыгын Тойон: «Күчүмэҕэй күҥҥүтүгэр туһалыа», – диэн туттарбыта.

      – Бай!


Скачать книгу