Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар

Өлүү-тиллии икки ардынан - Прокопий Чуукаар


Скачать книгу
ү баҕа санаам үүйэ тутан, Намҥа олохтоох аймахпытынан илдьит ыыппытым, онуоха оҕонньор «кэллин» диэн быһа-бааччы эппит этэ. Онон урут көрбөтөх, айах атан кэпсэппэтэх киһибэр биир үтүө күн көтөн түстүм.

      Эдэр дьон хараҕар биһиги көлүөнэ «оҕонньор» дэппитэ ырааппыт эбит. Бэйэм бараллаам киһини сурах хоту «оҕонньор» буоллаҕа дии сылдьыбыппын. Билигин даҕаны урукку сэбэрэтин ыһыкта илик көхсүн киһи суол ааныгар көрүстэ, илиибин эрчимнээхтик хаба тардан ылла:

      – Кырбыһааҥкын диэммин. Сөп-сөп, ити миэхэ кэллиҥ. Аас. Хаһан эрэ өрдөөххө Федот Донускуой диэн киһи суруйа сылдьыбыта.

      – Феодосий Донской буолуо…

      – Ол, ол киһи. Нууччалыы эмиэ, хас да сыл буолан баран, суруйбут эбит. Ону бу соторутааҕыта Яков Семенов диэн уруккута улахан тойон киһи булан ыыппыта. Өссө бу сотору кэминэн тахсар хайа эрэ кинигэҕэ кыратык кыбытыах буолбут.

      – Оо, ол Яков Алексеевич булт туһунан хас да кинигэлээх ээ. Кини ылсара ордук буолаарай?

      – Ыспыраапка курдук суруйуо үһү, муҥутаан төһөнү бултаабыппын кыбыттаҕына даҕаны үөрүү. Оччо элбэҕи мин курдук бултаабыт киһи баарын үйэм устата истибэтэҕим. Миигин Соц. Үлэ дьоруойугар оччолорго түһэриэхтээхтэр этэ. Элбэх үрдүк сололоох тойонтон итини бэйэлэриттэн истибитим, онон этэбин. Уонна онтум сурукка киирбит эбит. Федот Донускуой суруйбута бу сылдьар, – саалаҕа элэстэнэн киирэн дипломат ойутан таһааран аһа баттыыр уонна 1975 сыллааҕы «СЯ» балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи ыстатыйатын ксерокопиятын үҥүлүччү анньар. «Тропа в студеном океане» диэн очерканы Ф. Донской уонна С. Ломач кыттыһан суруйбуттар эбит.

      Аны «Ляхов арыытыгар – тоҕус сыл» диэн Ф. Донской өссө 1971 с. балаҕан ыйын 20 күнүгэр «Кыымҥа» суруйбут ыстатыйатын ксерокопията холбуу тиһиллэ сылдьар.

      – Бачча бэчээтинэн бигэргэтиллибит киһини дьэ уонна тоҕо дьоруойга түһэрбэтилэр?

      – Дьэ ону мин сэрэйэбин эрэ. Кэпсээтэххэ, остуоруйата уһун. Судургу хайдах да быһаарбаккын. Этэргэ дылы, куһу эрэ ыппыт киһи кырсаһыт буолан турдаҕым дии. Уонна аҕыйах сыл иһигэр аатырбыт-сураҕырбыт дьоннортон ордон тахсабын. Тэрилим диэн бастаан барыларыттан мөлтөҕө. Салалта булчуттарыгар эриэ-дэхси сыһыаннаспат этэ. Ким төһөнү куду анньан бэрик биэрэрэ тэриниигэр элбэҕи быһаарара. Көнөтүнэн сылдьар буоллуҥ да – эн булчут буолар кыаҕыҥ суох. Салалтаҥ браконьердыырын көрө-көрө көрбөтөҕө буолуохтааххын. Анатыылаах сиргин көҥүл тэбистэрдэххинэ, ол сир булда кэхтэр. Ону утарсыбыт «буруйум» таайбыт буолуон сөп. Куоракка тиийдэхпинэ, саамай муҥур тойотторго сылдьан баар балаһыанньаны кэпсээн кэбиспитим да атахтаатаҕа. Овчинниковаҕа, Петровка, Платоновка сылдьарбын истэн мөҥүү-этии бөҕөтө этэ. Кинилэр өрө тутар кэмнэригэр, ити дьонтон бэйэлэриттэн саҕалаан, дьоруойга түһэр сурахпын истибитим. Уонна ону күн бүгүнүгэр диэри итэҕэйэбин. Көр эрэ, Сергей Михалковтаах кэлэ сырыттахтарына, ол дьону кытта Ленин памятнигар венок уурсубуттаахпын ээ. Онно: «Бу – биһиги дьоруой-булчуппут, Соц. Үлэ дьоруойа», – диэн билиһиннэрэллэр этэ. Ити 1975 сыллаахха. Мин бултуу муорабар киирэн хаалабын. Кырсаҥ да аҕырымныыр сыллардаах. Оннооҕор куобах үөскээбэт кэмнээх дии. Ол сыл Лээхэптэр арыыларыгар кырса биллэ аҕыйаабытын иһин Котельнайга бултаан тахсыбытым, миигин сүтэрэн олороллор этэ. Онуоха эбии аны «Таймылыыр» совхозка сыһыарбыт кэмнэрэ буолуон сөп. Дьокуускайтан миигин дьоруойга түһэрэр дьыаланы оҥорторо ыыппыт киһиэхэ: «Үс сыл хаайыыга түбэспитэ», – диэбит этилэр. Соруйан. Ону итэҕэйдэхтэрэ буолуо. Онтон ыла бултаан бүппүтүм. Ыарытыйан да барбытым. Кэлин миигин өйөөбүт улахан дьонум үлэлэрэ уларыйбытын, өлбүттэрин истэммин сураһа да барбатаҕым. Ол эрээри киһи үлэтэ умнуллуо суохтаах дии саныыбын. Кэлин да сыаналаныан сөп. Оннооҕор өлбүттэрин кэнниттэн наҕараадаҕа түһэрэллэр буолбат дуо? Инньэ диэбит дьон элбэх. Эн, хаһыат үлэһитэ киһи, Халыыйабы, Ырыкыныабы истэр этиҥ дуо?

      – Аҕа табаарыстарым этилэр.

      – Тэрэнтэй ханна эрэ мин туспунан кыбыппыт буолуохтаах. Инньэ диир этэ. Өссө нэмийэн суруйаары сылдьан былаҕайга былдьаппыта. Оттон Ньукулай Ырыкыныабы кытта аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабытым. Доҕорум этэ. Эмиэ суруйуон наһаа баҕарара. Ол сылдьан олохтон эмискэ туораан хомоппута. Оттон эн бэйэҥ билиэҥ буоллаҕа. Хоту сылдьыбыппын суруйтарыахпын баҕарабын. Чахчы уйаммын-хатаммын биллэрбит дойду.

      – Эн курдук булка үрдүк көрдөрүүнү ситиспит атын булчуттар бааллар дуо?

      – Истэ иликпин.

      – Оттон Соц. Үлэ Геройун үрдүк аатын ылбыт кырсаһыт булчуттар баалларын истибит курдукпун. Эн көрдөрүүгүн тэҥнээн көрүөххэ баар эбит ээ.

      – Саамай сөпкө этэҕин.

      Иван Яковлевич ити этиитин сыал-сорук оҥостон, «Герои Социалистического Труда» диэн 1987 сыллаахха тахсыбыт биобиблиографическай справочнигы арыйталаан көрдүм. Онно 52 страницаҕа Горохов Семен Васильевич уонна 74 страницаҕа Колесов Николай Саввич диэн Хоту дойду хоһуун булчуттарын туһунан туох суруллубутун ааҕааччыларга билиһиннэрэбин. Н.С. Колесов Усуйаана Туматыгар 1912 сыллаахха төрөөбүт чахчы да сорсуннаах булчут эбит. 1957 сыл алтынньы 1 күнүгэр Соц. Үлэ Геройун үрдүк аата иҥэриллиэн иҥэриллибит. Ол гынан баран ити кэмҥэ муҥутуур көрдөрүүтүн суруйбатахтар. Ол оннугар 1964 сыллаахха Ийэ дойдутугар 100 000 солк. суумалаах


Скачать книгу