Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар
иһин уоппун аһата олорон, балаҕаммар баар сибикигин билэн, этим сааһа аһыллыбыт, куйахам күүрбүт эбит буоллаҕа, – дии-дии дүлүҥү өгдөтөн Хоту дойду сэдэхтэн сэдэх кыылын ылан үс төгүл өрүтэ аста. Сыарҕатыгар кэлэн мөһөөҕүн быатын төлүтэ тардан тутум сыалаах таба этин ороон таһааран элийэ быһан кырсатын муннугар үҥүлүттэ. Онтон примуһун уотугар сырайан сыт таһааран сырдьыгынатта, балаҕаныттан илдьэ кэлбит ханньааҕын бүөтүн төлө тарта. Ыттара, хаһаайыннара күрүлүүр күнүс примуһун уматан сыа сырайа олорорун дьиктиргээбиттии кылап-халап көрө-көрө, таныыларын араастаан хамсатан сыт ылан олоотоһо олордулар. Арай бэриэччитэ атын сири одуулаабыта буолар. Өйдөөх ыт бачча кыра сыаҕа тоҕо ымсыырыай, сөпкө гынар.
Уйбаан урут сураҕын эрэ истэр, улуу булчукка эрэ тоҕооһор күндү булдун имэрийэ-имэрийэ тылыттан матан син өр олордо. Бу түгэҥҥэ туох диэн саҥа таһаарыллыахтааҕын кимтэн да сураспатах эбит. Арай:
– Айылҕабын кытта киһилии өйдөһөн баччаҕа тиийэн кэллим, араҥаччылыыр аанньалым, арахсыспат аргыһым буолан олоҕум устата бииргэ сылдьыспыт эбиккин. Эйигин хомоппотох буолан, сап саҕаттан салҕанан тыыннаах ордон испиппин, – диэн ботугуруу олордо. Ити кэмҥэ бытыылкатын капрон бүөтүн хаарга мүччү туппутун, кэтэһэн турбут курдук, чыпчыххай тыал төкүнүтэн ханна эрэ илдьэ бара турда.
– Ээ, сирбин-уоппун күндүлээбэккэ, Байанайбын эрэ айах тута олорор эбиппин. Көрбөтөхпүн көрөн өйүм көтөн хаалбытын хайыаххыт баарай! Булчут чулуута гыммыт уолгутун ити курдук үөрэтэ сылдьыҥ. Дьэ аһаттаҕым-сиэттэҕим буоллун. Сыа да баар – сырайыллыа, арыгы да баар – күндүлэниэ. Дьэ, бука бары мустуҥ эрэ: араҥаччылыыр аанньалларым, арахсыспат аргыстарым – сирим-дойдум иччилэрэ, ахтар айыыһыттарым күндүбүн-мааныбын уос-тиис салаһыҥ. Мин да уол оҕо эбиппин, улуу булчукка тоҕооһор бэлэххит иһин махтал бастыҥа буолуохтун.
Субу олорон ааҕан көрбүтэ, быйыл кыһын алта сүүс ордугуна биир кырсаны бултаабыт эбит. Маннык өлгөмнүк бултуйбут киһи урут да суоҕа, билигин да иһиллибэт.
ОЛОХ ОСКУОЛАТА
Уйбаан бу олорон санаан көрдөҕүнэ, Лээхэпкэ аан бастаан үктэммитэ быйыл уон иккис сыла буола охсубут. Ол иһигэр тоҕус сыл толору түүлээхтээбит. Билигин дойду оҥостубутун иһин, саҥа киирдэҕин утаа амырыын дойду этэ. Сир-дойду олоҕун сигилитин барытын саҥаттан манна билбитэ, аан дойдутун саҥалыы саманна арыйбыта, олох умсулҕаннааҕын бу курас арыыга оройдообута, өлөр өлүүлүүн бу сиргэ-уокка уун-утары көрсүбүтэ.
Сыарҕатыттан туран тыыллаҥнаан ылбыта, саҕахха санньыйан эрэр күнэ кытарымтыйа хаймыыламмытын көрөн, буурҕа иннинэ балаҕанын була охсоору, ыттарын соҕуруу диэки салайа баттыыр, тарыыр маһын ньылбы тардар. Билигин утуйуон да сөп. Ыттар дьиэлэригэр баралларын билэн, ханна да аралдьыйбакка кутуруктара субулла сыыйыллар.
Лээхэптэр арыылара ханна эрэ муора уҥуор баарын оҕотук сылдьан иһиттэ быһыылааҕа. Биирдэ Бубякин диэн аатырбыт булчут дьоҥҥо кэпсии олороругар түбэспитэ:
– Оо,