Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар
Көрбөккүн дуо, кытыл барыта мас дии?
– Буолтун иһин, саха санамматын санаммыккыт.
– Онон дьэ туох диэн буолла? Иккитэ-хаста кырыныаххын сөп дуо?
– Мууспут хайыыра буолла?
– Чэ, үөһэ тахсыах, саараҥныы турдахха сарсын буолан хаалыа. Муора хараабыла биһигини көһүтэн турбата чахчы. Баттаспатахпытына, ыырбыт ыраатар.
– Бэйэҥ тахсарыҥ дуу. Мин катербыттан тэйэрим сатаммат. Манаатахпына табыллар. Уонна бастаан уолаттарбын илдьэттиэм. «Леваневскай» диэтиҥ дии. Олору кытта кэпсэтэн, катердарын ыыттарыам.
Инньэ гынан ол күнү быһа төттөрү-таары мэскэйдэнэн, син ледоколларын этэҥҥэ булаллар. Катердаах уол, эмиийдээх оҕону көтөҕө сылдьалларын көрөн, төбөтүн быһа илгистэр. Сөхпүтүн омунугар:
– Хайа, доҕор, ол тиийиэхтээх балаҕаҥҥыт булуустаах дуо? – диэн ыйытар.
– Дьэ билбэтим. Ону тоҕо ыйыттыҥ?
– Ээ, бэйэм. Кыстыы баран иһэр дьон диэтэххэ, аскыт-үөлгүт татыма бэрт эбит. Баалаан, «Хоту дойду суруллубатах сокуонунан», булууска эт, балык бөҕө симиллэ сытара буолуо дии санаабытым.
– Күлүмэ. Саа баар!
– Кыһын полярнай түүн саба бүрүүкүүр диэбэттэр дуо?
– Көр эрэ ол, хоту саҕаҕы.
– Ол суһумнуур – дьүкээбил уота дуо? Билиҥҥиттэн умайар эбит дуу?
– Арыт дьыл эрдэлээччи, ыйдаҥа диэн эмиэ баар!
– Ол эрээри санааҕыт модьута бэрт эбит.
– Бээрэ, мин эйигин Тиксиигэ көрбөтөх курдукпун ээ. Дойдуттан киирэ сылдьаҕыт дуо?
– Дьокуускайдарбыт. Суудунабыт ол турар. Пароходство флагмана. «Первая пятилетка» диэн ньиргиэрдээх ааттаах.
– Кыра эрдэхпиттэн көрбүт курдукпун. Дьэ, атас, абыраатыҥ. Билсэн кэбиһиэх, – Иван Кривошапкин диэн киһибин.
– Пана Потаповпын. Табаарыспар Проняҕа эр бэрдин, эрдьигэн элигин көрүстүм диэн кэпсиэҕим. Сахаҕа да модун санаалаах уол оҕо баар эбит. Сөҕөн кэбистим. Онтуҥ урааҥхай уккуйбат дойдута буолуо суоҕа дуо?
– Сыыстараҕын, быраат! Саха үктэммэтэх сирэ бу эргин суох. Ити биһиги онон-манан тиийэ сатыыр арыыларбытыгар урут мантан ытынан айанныыллара үһү. Нуучча кэлиэн быдан инниттэн тиэстибиппит, ону санаа! Хоту, өссө ыраах сытар арыыларга биһиги нууччалары сирдээбиппит. Мин ол арыыларга барыларыгар тиийэр санаалаахпын.
Ол киирэн, ааһан иһэр караваҥҥа кыайан тиийбэккэ, төннөн тахсыбыттара. Инньэ гынан, арыый эрдэ кыстыыр сири булан, дьиэни-уоту сөргүтүөх, кыыл табаны бултаныах, оттук маһы хаһааныах буолбуттара табыллыбатаҕа. Дьэ ол содулугар маҥнайгы ыарахаттарыгар ыы муннуларынан кэтиллэ түспүттэрэ.
Самолет сырыыта хаһан олохтоноро остуоруйа, онооҥҥо диэри олорорго дьиэ-уот кэпсэтиллиэхтээх, ыт аһылыга хаһааныллыахтаах эҥин. Аны дьонун хайыырый? Хааллардаҕына – ханна олороллор, тугу аһыыллар? «Холбоско» сыҥаланыахтарын – ылыахтаахтарын ылбыт курдуктар. «Тоҕо барбатыгыт?» – диэн куоластарын соното көрсүбүттэрэ. Аккаастана кэлбит курдук көрбүттэрэ. Уйбаан оннук киһи буолбатах. Хайаан да Лээхэп арыытыгар тиийэн тэйиэхтээх. Дьонун онуоха-маныаха диэри хаалларар санаалааҕын Шурата истиэн да баҕарбат: оннооҕор сэрии аас-туор сылларын этэҥҥэ