Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар

Өлүү-тиллии икки ардынан - Прокопий Чуукаар


Скачать книгу
ол, ким да хонтуруоллаабат киһитэ хайыай! Инньэ гынан кылааһын тахсыбытын-тахсыбатаҕын бу диэн өйдөөбөт, хата уулусса оскуолатын бэрт хамаҕатык ылыныах быһыылаах эбит этэ. Саастыылаах оҕолоругар кимҥэ да атаҕастаппакка, күннээн-күөнэхтээн сырыттаҕына, сэрии бүтэһик сылыгар аҕата тиийэн кэлэр. Барашков диэн борокуруор аҕатын дьыалатын хат көрөн, босхолоппута үһү.

      Аҕата ол кэлээт, Бүлүү Баппаҕаайытыгар кэргэн кэпсэппит. Онно көһөн тиийэллэр да уһаабаттар. Сүөһүлээх-астаах сэниэ дьахтар биир ынаҕын акка атастаспатаҕын иһин арахсан хаалаллар. Бүлүү куоратыгар хайыһарынан киирэн бурдук соһон тахсарын ыарырҕаппыт буолуохтаах, ол иһин аттана сатаатаҕа буолуо. Уолун Гуорунай Атамайыгар аҕалан балтыгар хаалларар, бэйэтэ былыр үйэҕэ быралыйбыт Намыгар ааһар. Эдьиийэ Матырыас кэргэнин аҕата Чылаа оҕонньорго чобой буолан уол кыһыннары-сайыннары холкуос үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыһар киһи буолар. Дьэ, бу оҕонньор уончалаах уолу олох оскуолатыгар уһуйар. «Киһи кыайбата диэн суох», – диэн тыллаах кырдьаҕас эбитэ үһү.

      Уйбаан билигин даҕаны бу оҕонньору олус үчүгэйдик ахтар. Хотоойулаах санааҕа, тугу баҕарар кыайарга-хоторго, олох араас мындырыгар үөрэтэрин таһынан, дьону харахтарынан араарарга уһуйбут:

      – Тоойуом, киһи туох санаалааҕа, кимэ-туга хараҕар сурулла сылдьар куолута. Тымныы харахтаах дьонтон өрүү дьалты тутта сырыт. Иннигин биэрбэтиҥ үчүгэйин үчүгэй эрээри бэркэ бэрт түбэһээччи. Эн үөрэммэккэ хаалбыккыттан хомойума. Үөрэхтэннэххинэ, өй мөккүөрүгэр өлөргүн да кэрэйбэт киһи тахсар чинчитэ баар. Үлэ сатабылын төһөнөн элбэҕи баһылыаҥ, соччонон дьон эйигин бэйэлэригэр тэҥниэхтэрэ. Үлэттэн өлбүт суох.

      Ол оҕонньору дьон: «Мөлөкүүрэп – ойуун», – дэһэллэрэ үһү да, анал таҥастааҕын, тэриллээҕин тоҕо эрэ өйдөөбөт. Көннөрү ичээн эҥин эбитэ ини. Ол эрээри Уйбаан олорбутун устата тугу ситиспитин барытын Чылаа кырдьаҕас үтүөтэ-өҥөтө диэн ааттыыр. Оҕонньор оннооҕор оҕус уһунун таах бырахпат эбит. Оҕо сылдьан ону элэгэс көрөн аһарбыта кэлин элбэхтэ туһалаабыта. Таба уһунуттан олус бөҕө быа тахсар диэн ааттыыр. Чахчы бөҕөтүн ыт сыарҕатыгар боруобалаан биллэҕэ.

      Онон Уйбаан Кырбыһааҥкын чулуу булчут буоларыгар икки кырдьаҕас улахан оруолламмыт. Биирдэрэ – Бубякин ыра санаатын кынаттаабыт, атына – Чылаа онтун олоххо киллэрэргэ уһуйбут.

      Тиксиигэ оҕолонон-урууланан, дьиэ-уот туттан, тутууга үлэлээн дьон тэҥинэн олохтонон испиттэрэ баара… Биир үтүө күн ону барытын түөрэ эргитэн кэбиһэр. Умулла дуу, умнулла дуу сылдьыбыт оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаата туох ааттааҕы барытын түҥнэри сүргэйэн өрө оргуйан тахсар. Ол – «Холбос» факторията Лээхэптэр арыыларыгар бултуу киирэр киһини көрдүүр сураҕын истии этэ.

      – Урут кырсаҕа сылдьыбытыҥ дуо?

      – Суох, үөрэниллиэ!

      – Онно дьон бултаабатаҕа ырааппыт үһү.

      – Буоллун! Дьиэ баар диэбиттэрэ.

      – Ытынан айаннаабыттааххын дуо?

      – Суох, үөрэниллиэ!

      Инньэ гынан


Скачать книгу