Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
р, биһигини атаардылар. Баһылай кууруссалары илдьэрбитигэр анаан кыра титириги, талаҕы атырыалыы саайталаан хаарчах оҕото оҥорбутугар көтөрдөрбүтүн түөрэтин хаайдыбыт. Киэҥ күрээтинньиккэ көҥүл көччүйбүт кууруссалар кыараҕас сиргэ симиллэн саҥалара-иҥэлэрэ ордук хойдубукка дылы, көтө сатаан тилигирэһэллэр.
Муоһа Суоҕу бүтэһик сыарҕаҕа баайдыбыт, атыттар баһылыктарын кырдьаҕас ынаҕы батыстылар, тарбыйахтар ийэлэрин кэннилэриттэн саппай уопсаллар, томторуктаах, өрүөлээх буоланнар эмпэттэр.
Эбэм Ньалтааскыны миинэн бастаата, мин – Ураанньыны, Настааччыйа – Айдаҥтан уларсык аҕалбыт хомуолай Мултуукуйатын мииннэ. Баһыычааннаах Биэрэ инники сыарҕаҕа олорон иһэллэр, силис-мутук охсон түһэн хаалыахтара диэн туора-маары өтүүнэн кэлгиэлээхтэр, онтон тутуһаллар. Огдооччуйа, оҕолору баҕар мас-от лабаата, талах тардыа диэн, хотунун көлөтүн ойоҕолуу хаамар. Улахан Баһылай мундутун туутун сүгэн, сүөһүлэрин кэнниттэн бүтэһик иһэр. Сорох туутун, ардьатын «кэлин ылыам» диэн хаалларда. Сэрэх муҥутаан аны талах иилэн ылан алдьатыа, хампарытыа диэн харыстаан сыарҕаҕа тиэйбэтэ: хас да тууну иннигэр-кэннигэр сүкпүтэ, ыраахтан көрдөххө сүүнэ сүгэһэрдээх киһи курдук. Дьиҥинэн мунду туута олус чэпчэки, дэлэҕэ да ылаах курдук диэхтэрэ дуо, арай, хата, тыаллаахха сүгэн истэххэ, биэтэҥнээн, тэлбиҥнээн табыгаһа суох буолар.
Сарсыарда арҕааттан кыра сиккиэрдээх халлаан, күн үөһэ ойбутугар күүһүрдэ. Былыттаах, күн көстүбэт. Дьулугуруу үүнэн тахсыбыт бөдөҥ тииттэр төбөлөрө уҥа-хаҥас хоҥкулдьуһаллар, суугуначчы үрэр тыал арытарыт атын аҕайдык силбиэтэнэн күүһүрэн кэлэр. Мин испэр «тыал бэл тыа иһигэр лаппа биллэр, чэлгиэн сиргэ баҕас сүрдээх буолуохтаах» дии саныыбын…
Түҥкүр-таҥкыр, сыыкыр-саакыр сыннаран айанныахтаах сирбит устатын кээрэттэр-кээрэтэн иһэбит.
Арыылаах эбэ килэччи охсуллубут ходуһатыгар, аһаҕас сиргэ киирээппитин кытта, «хор эрэ, оҕолорум барахсаттар дьэ кэллилэр ээ» диэбиттии, күүстээх тыал саба кууһан ылла. Оол курдук күөл арыытын саһарчы барбыт тыата биир кэм хоҥкуҥнаан олороро көстөр. Халыҥ былыттаах халлаантан хаар кыыдамнаан ыла-ыла астар. Эбэ барахсан, дьэҥкир уута күүгэн алла-алла, эрэһэ долгуннарынан кутатын саҕатын биллиргэтэр. Бысталаммыт куталар күөл ортотугар онно-манна бэйдэҥнэһэллэрэ, кутаҥнаһаллара көстөр. Итинник устар бысталаммыт куталары күүстээх тыал тиэрэ эргитэн кэбиспитэ буордаах силистэрэ балкыырга сайҕанан кытылга ытыгыраан сыталлара – бэйэтэ биир туспа, ураты көстүү.
Улахан Баһылай сүгэн иһэр туутун тыал охсон тэмтээкэйдээн ылара элбээтэ, оҕутта да туутун хампы түһүүһү, лаппа холуочук киһилии бэдьэҥэлиириттэн киһи күлүөх курдук.
Баһылай, Оҕонньор Уҥуоҕун бааһынатыгар тохтоон, үс туутун оҕуруот муннугар «дөрөлөрүттэн» туттаран, маһынан хайыҥнаан чөкө ууран хаалларан кэбистэ, үһүн илдьэ барда, куондардаах хортууһун тыал туура охсоору биир туспа мучумаан. Кырдьыга, хайабытынааҕар да ордук сылаалаах айаны Баһылай айаннаата быһыылаах.
Былыт тараадыйа сыыйыллан, эмиэ да бысталанан ылар, онон-манан ойута тыыппыкка дылы аһаҕастарынан күөх халлаан көстө-көстө сүтэр. Арҕаалата-соҕурууттан үрэр тыал сис былыты аҕала сатыыр быһыылаах. Эбээ эмээхсин «оту-маһы сөхсүтэр тыал түһүө» диэбитэ, арааһата, ол буоллаҕа дии саныыбын.
Тыа саҕатыгар өнөрдөөн үүммүт куруҥ отун куоппаһын тыал көтүтэрэ, хаар түһэн эрэрин курдук, биир кэм кыыдамныыр. Күүстээх балаһа, ойоҕолуу субуллар кырдал саалыгар куруҥахтары сууллартаабыта көстөр…
Тыал иннибитигэр, субу аҕай эмиэ, биир лаппа суон эмэх тиити силистэри-мутуктары түөрэ сүргэйэн түһэрэр… Сыарҕаҕа олорон испит Биэрэлээх Баһыычаан ону көрөн, кэннилэрин хайыһан, куобах оҕотун курдук куттаммыт харахтарынан мин диэки ыйыппыттыы көрөллөр. Биэрэ ыйа-ыйа туох эрэ диир, тыал саба охсон саҥатын дорҕооно иһиллибэт, айаҕа эрэ оҥоҥнуур. «Ойуур иһинэн айанныыр киһиэхэ, эчи, сэрэҕэ да бэрт эбит» диэн үгэспинэн арааһы ыатара саныыбын. Арыылаах эбэбит киэҥ ходуһатынан иһэр дьон энэлийэ-энэлийэ силбиэтэнэр балаһа маһы барчалыырыгар кыһаллыбаппыт. Эрийэ-буруйа ытыллар дохсун тыал – хордоҕой сыыс отун түү мөчөкө гынан эрийэн эбэ диэки төкүнүтэн илдьэр, оҕолор, тиит төргүү мутугар олорор мэкчиргэ курдук, төбөлөрүн уҥа-хаҥас эргичиҥнэтэн ону батыһа көрөллөр. Күүстээх балаһаҕа төбөҕүн кырыылата туттаххына – киһи тыына хаайтарыах айылаах…
Маҥан Халдьаайыга киирэн истэхпитинэ Кыраһалаах Маанчык уонна өссө биир маҥан эриэн ыт утары сүүрэн кэллилэр, көрсүспэтэхтэрэ ырааппыт ыкка дылы эккэлээһин, ыстаҥалааһын сүрдээх. Маанчык омунугар өрө ыстана-ыстана эйэргэһээри, бэйэтэ нэһиилэ иһэр Баһылайы охторо сыһар. Баһылай хортууһунан сылбырҕа ыты сыыһа дайбыыр. Кыраһа кэм көрсүө, биирдэһин курдук наһаа солуута суох быһыыламмат. Маанчык сыарҕалары тула көтө сылдьан, Баһыычааннаахха кэлэн, ойоҕолуу сүүрэ-сүүрэ, Биэрэ быры-былтаҕар сирэйин салаан ньалыбыратар, кыыс сирэйин ооккотун куоттаран кэдэрис гынар.
Элбэх дьон түмсэн үлэлээбиттэрэ биллэр – Маҥан Халдьаайы хотоно, мин көрдөхпүнэ, тутуллан бүппүт да курдук, эркинэ барыта кэккэлэтиллибит, саҥа билиитэ оһохтоох дьиэ таһыгар хоспох дьэндэйбит. Кыбыы иһигэр сиилэс таһыллан ырааппыт, оҕуһунан тиэйэн аҕала-аҕала, сылгы саалын курдук усталыы кээһэн эбэн иһэллэр эбит. Көөнньүбүт сиилэс сииктээх