Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (3 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
сытар, сүөһү аһаан өлүмнэһэ сылдьан оннукка түһэн өлүөн сөп.

      Оттон сорох дьыл сир уһуннук харанан турар, улаханнык тымныйан аҕыйах хонук иһигэр күөл, бэл сүүрүктээх үрэх мууһа отой халыҥыыр, дьэ оччоҕо маныы этэҥҥэ, түргэнник ааһар.

      Маныы кэмигэр сылгыһыттар күн аайы ат миинэн сылгыларын көрөллөр-истэллэр, атыырдарын үөрдэрин ахсаанын өрүү ааҕа сылдьаллар. Ынах да, сылгы да көрүү, манабыл мөлтөҕүттэн, дьалаҕайдык сыһыаннаһыыттан ууга былдьаммыта билиннэҕинэ, били, этэргэ дылы, сылгыһыттар «баһа суох бараллар». Хайаан да төлөтөллөр, элбэх сүөһү ууга түстэҕинэ сууттаннахтарына да көҥүл. Сылгыһыт ууга түспүт сылгытын төлүүрүгэр көлөһүнүн күнүгэр аахсан ылыахтаах дохуотун дуома бардаҕа ол. Сэрии кэмигэр суут-сокуон, ирдэбил кытаанах. Дьэ ити иһин, түүнүн-күнүһүн олорбокко, солбуһа-солбуһа бэркэ кичэйэн маныыллар…

      Холку соҕустук сылдьан хас да күн охсон, мунньан чөкөппүт ходуубутун Настааччыйалыын икки оҕуһунан Маҕан Халдьаайы кыбыытыгар таһан кэбистибит.

* * *

      Бокуруоп таҥара күнэ ааспыта уонча хоммутун кэннэ, сарсыарда турбуппут күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыстыкпыт хаара түүн дьэ түһэн намылыппыт. Уһуктубутум дьиэбит иһэ хайдах эрэ уратытык сырдаан хаалбыт курдугун иһин, өндөс гынан түннүгүнэн көртүм – халыҥ хаар сири-дойдуну бүтүннүү үллүктээбит. Үрдүк мэҥэ хааллааҥҥа болоорхой былыттар көстөллөр, хаар түһэрэ тохтообут, бары-барыта ордук ырааһыран дьэгдьийбиккэ, суунан-тараанан сэргэхсийбиккэ дылы буолбут. Бу иннинэ көп соҕустук хаардаабытын уулларан турар. От-мас анна сап-саһархай буолуор диэри хаарын ириэрэн таммалаппыта. Ол аата ийэ айылҕа отун-маһын «ииктэтэрэ» диэн үһү. Эбэм «үчүгэй дьылга маһын үстэ ииктэтэр”» диэччи. Хаар ууллаатын, сонно хат хам ылан, харанан тоҥорон кэбиспитэ.

      Мин ыстааннаах ырбаахыбын кэтээт, ынах этэрбэспин анньынаат таска тахсыбытым – сонно тута сүрэҕи-быары хаба ортотунан сайа охсон киирэр, сүүрүктээх үрүччэ уутунуу ып-ыраас салгын көбдөхпөр кутулла түспүтэ. Түөһүм муҥунан өрүтэ тыынан дьэҥкир салгыны астына испитим… Үп-үрүҥ сырдык хаартан харах саатар, киһи туох да сылтаҕа суох ис-иһиттэн мичээрдии эрэ сылдьыах айылааҕа… Бөһүйбүт хаары ытыһан ылан, быыра буорунуу мөкөчүтэн баран, бырахпытым хотон эркинигэр, саҥа сыбаммыт саахха тиийэн пөлк гына түспүтэ. Испэр: «Оскуола оҕолоро бу үчүгэйгэ дьэ оонньоомохтоһон ахан эрдэхтэрэ», – дии саныыбын. Маннык халлааҥҥа, бөһүөнэх хаарга – ордук уолаттар күннээччилэр. Бэйэ-бэйэни эпчиргэлэһэн бырахсыы бөҕөтө, ол быыһыгар «алҕас» уйан сиргэ хооруйтарыылаахтык таптаран ытаһыы-соҥоһуу да ханна барыай, эҥин араас эгэлгэ түгэн элбэх буоллаҕа.

      Бэҕэһээ киэһэ этэрбэс улларан, үлэбэр үлүһүйэн, ииспин бүтэрэ сатаан хойут утуйтум. Эбээ мин иннибинэ сыппыта, сытаат сонно утуйбута. Мин кыраһыын лаампатын сырдыгар иистэнэммин лаппа уһуннук олорбутум. Таҥара холоругар турар чаһы чуумпуга ордук улаатан чыллыргыы тыаһаан иккини ааһыыта Кыра Баһылай «кыра соругар» тура сылдьан: «Хайа бу эн утуйа


Скачать книгу