Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
оҕуһун дөрөтүнэн сирэйин быһа охсон кэбиспит.
– Оо дьэ…
– Айакка да…
– Онтута кып-кыһыл буолан олорон хаалбыт диэн эдьиийим манна кэлэ сылдьан көрбүтүн-истибитин кэпсээбитэ.
– Ама да өһүргэммит иһин, сүрүн… Оҕо сирэйин быһа кымньыылыыр, – Маарыйа кэлэйбитин биллэрэн чыпчырынан ылар.
– Ээ ити, оччоҕо онтутун суола эбит буолбат дуо, өссө мин мэниктээн дьэргэҥэлии сылдьан туохха эмит быһа түстэҕэ диибин дии, – диэн Дайыыл сирэйэ усталыы, быһа охсууттан кытарбыта сүтэн да эрэр буоллар, син көстөрүн санаан саҥа аллайабын.
– Хаанньа дөрөтүн суола… – диир Маарыйа.
– Ол-ол, сирэйин усталыы быһа охсубут үһү, муннун хаана кэлиэр диэри… Сытыйбыт, төбөтө түмүллүбүт дөрө «аһыыта» ынырык буоллаҕа, өссө онтукаҥ эбиитин тоҥ буолуо, – диэн Киристиин араастаан таайан абарбыт саҥатын истэн, тоҕо эрэ, сонньуйан ылабын…
Дьэ ити курдук, биһиги, кыра кыргыттар бэйэбит ычабытынан син сээкэйи кэпсэтэн бэркэ сэргэхсийэбит. Мин Маарыйа диэн өссө биир доҕордоннум. Үгүс элбэх саҥата суох, бэрт көрсүө, сэмэй, оттомноох тыллаах-өстөөх кыыһы уот ааныттан сөбүлээтим. Маарыйа Киристиин биһиккиттэн икки-үс сыл аҕа эбит, холкуоска киирбит. Ийэтэ Лэкээрэй эмээхсинниин Быркылаахха борооску көрөллөр үһү.
Күөлбүт ой-бото өлүүлээн Айдаҥ ыаллара бары собо күөстэннилэр. Биһиги балаҕан сирэй оһоҕун оттон быччыкы үөлэн сиибит. Муҥха балыга таҕыста да маҥнай үчэһэ үрдүгэр түһэн, ыалларбыт сирэй оһохторугар собо үөлүүтүн сүпсүлгэнэ, ол оннугар биһиги билиитэ оһохпутугар икки ыал күөһэ ууруллар. Нуучча оһоҕор собону үөлбэккин, саҥа оһох онон эмиэ биир итэҕэстээх курдук, ол эрэн, киэһэ оттуллан баран сабыллыбыт оһох сарсыардааҥҥа диэри итиитин тутарынан барыбытыгар сөбүлэттэ. Бэл, били, маҥнай утаа саҥа оһох дьэндэйбитин соччо ахсарбатах эбээ эмээхсин кытта хайгыыртан соло булбат. Урукку курдук хас күн аайы сыарҕалаах оҕуһу сиэтэ-сиэтэ, миинэ-миинэ долгучуох тиэйэ барыыта тохтоото. Биирдэ үчүгэйдик тиэйэн аҕаллыбыт да хас да күн кыһаллыбаппыт. Киирбит-тахсыбыт дьон эрэ барыта саҥа оһоҕу биһирээтилэр, «маннык оһохтонор киһи бэрт буолуох эбит» дэһэллэр.
Арыылаахха түөрт күн тура муҥхалаатылар, мин онно күнү көтүппэккэ сырыттым. Үллэһик балыктан ордугун түөрэтин холкуос ыскылаатыгар тастылар, нолуокка барыахтаах үһү. Ыҥырыгынан кэлбит Экиэн оҕонньор эппиэдэйдээх күрэх муҥхаһыттара аны Саамы күөлүн тарда бардылар. Онно барсыбатым. Биһиги дьиэттэн Улахан Баһылайы кытта Кыра Баһылай сырыттылар. Саамы эбэ барахсан да син сиэттэ.
Балык кэннэ атын хара ас суоҕун иһин, аһы солбуйаары, Улахан Баһылай үлэтин быыһыгар мас көтөрүгэр, куобахха туһахтыыр, кыралаан ханнык эмэ син бултуйар. Өссө кырпай хаар түһэ илигинэ, Мундулуҥдаҕа көһүөхтэрин иннинэ туһахтыы сылдьыбыт улардарын тоҥуутун сөргүппүтэ. Арыылаах Бэрэтин эргийэ, намтыы-намтыы үрдүүр кырдалга үүммүт кытыан отонун, кыһыннары кытарар дөлүһүөнү, хаптаҕаһы сиэри улар куруук түһэн, таарыйан ааһар. Баһылай: «Дьэ ити баҕас улар