Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
билгиэх мас кыбытан баран уматаллар. Билгиэх аан диэки ойдоҕуна – эбэ сиэппэтин туоһута, күөс диэки кыырайдаҕына – ас тахсар бэлиэтэ. Аны балчыр оҕо тибиирдэҕинэ «ас таһаарар» диэн эмиэ үөрсүү буолар.
Муҥхаҕа түмсүү ураты үөрүүлээх, этэҥҥэ сылдьар киһи улаханнык сэргэхсийэр дьарыга, бэйэтэ ыһыах курдук. Оҕолор нырыылаан бүттүбүт да хатыыскалыы оонньуубут, тустуу, араастаан мэниктээһин да үгүс.
Мин, били, Быркылаахтан сайылыкка көһөрбүтүгэр арахсыбыт доҕорбун Киристиинэни биир күн муҥхаҕа көрүстүм. Түһүү чардаат алларыллан бүтэн эрдэҕинэ, эбэ ыраас мууһунан кыстык пиэрмэтиттэн икки киһи тиэтэйэ-саарайа сылыбыраччы хааман иһэллэрин көрөн «ити кимнээх иһэллэрэ буолуой?» диэн ыраахтан кыҥастаспытым. Чугаһаатар чугаһаан субу кэлбиттэригэр биирдэ эрэ Киристиинэни билтим. Аргыһа Лэкээрэй эмээхсин Куһаҕанчай Маарыйа диэн хос ааттаах кыыһа эбит этэ. Оҕолоругар өлүүлээх Лэкээрэй эмээхсин Чөҥкөй диэн оҕонньорунуун кыыстарын «абааһыттан муннараары» Куһаҕан кыыс диэн ааттаабыттара устунан иҥэн хаалбыт. Син чугас-чугас олоробут да быыс-арыт булан көрсүспэтэхпитин бэйэбит да сөҕөбүт. Киристиин маҥнай Быркылаахха кэллэҕим утаатынааҕар уларыйбыт, эт туппут, саҥата-иҥэтэ эмиэ хайдах эрэ атын соҕус буолбут…
– Оччоҕо эн эмиэ Айдаҥҥа олороҕун буоллаҕа? – Киристиин миигиттэн ыйытар.
– Манна… аны Мундулуҥдаҕа кыстаабаппыт, мин кэлбиппин истибитиҥ дуу?
– Истэн… Быралгылааххыт хаалбыттар дии…
– Хаалан, Намыынаптар Өлөксүөйэп Хабырыыллааҕы кытта эмиэ онно кыстыыллар.
– Аана уларыйбыккын ээ… – Киристиин төгүрүк сирэйин кыҥнатан атахпыттан баспар диэри өрө көрөн таһаарар.
– Эн эмиэ, ордук саҥаҥ хайдах эрэ эбии синньээн хаалбыт курдук буолбут… – иккиэн күлсэн ылабыт.
Кыра уолаттар бэйэ-бэйэлэрин дьээбэлэһэн тустан хачымахтаһаллар, нырыыларынан муус тооромоһун охсон, кимиэнэ төһө ыраах барар эбит диэн куоталаһаллар. Ордук сытыылара Кирилэ Маарыйатын уола алталаах-сэттэлээх Дайыыл. Дайыыл Киргиэлэйэп итинэн сылыпычыс гыммыт, манан элэкэчис гыммыт оройунан көрбүт олус мэник уол. Сураҕын иһиттэххэ ийэтиттэн таһыллара үгүс үһү. Ийэтэ ыанньыксыттыыр, Дайыыл ыалга хааллаҕына баппатын иһин куруук бэйэтин кытта илдьэ сылдьар. Ол да сылдьан уол дьээбэтэ-хообото, эҥин араас эгэлгэ бэтиэхэтэ бүппэт. Дьахталлар ынах ыы олордохторуна күкүр иһинэн үөмэн сыбдыйан кэлэн ынаҕы соһутан үүтү тохтороро диэн, тарбыйахтары орулатан ууга-уокка түһэрэрэ диэн, онтон да атын кыыбаҕата баһаан.
Дайыыл оҕолору кытта тустан тэлэкэчийэ сылдьан, тохтоон нэк буолбут тииҥ бэргэһэтин устан көлөһүн быдьыгыраабыт төбөтүн сөрүүкэтэн бургучута туран, Киристиинэ Быркылаахтан аргыстаһан кэлбит доҕор кыыһын Маарыйаны өрө мыҥыы-мыҥыы бэрт олуонатык ыйытар:
– Эн аатыҥ Куһаҕанчай диэн дуо?.. Тоҕо Куһаҕанчай диэбиттэрэй, арааһата, куһаҕан кыыс буолуоҥ ээ-э?..
Биһигини кытта кэпсэтэ турбут Маарыйа харахтарын