Ийэм кэпсиир… (3 чааһа). Семен Маисов
туолбут күөллэр уулара, айылгыларынан айаннаан хаалбыт көтөрдөрүн сайыспыттыы килэччи баран, килээй мууһунан көрдүлэр.
Сойулуор күһүн харанан көрөн уһуннук иһийдэ.
Кыстык хаара түһүөхчэ түспэтэ, иэппэт ынах курдук бэрт кыратык кыыдамнаан ыла-ыла, тыаһы-ууһу иһиллээбиттии, тохтоон, астан хаалар. Ол түспүт кэмчи хаары курас тыал от-мас, дулҕа, сөкү төрдүн аайы илдьэн тохтоппута ирбэккэ кылдьыылана кубарыйан сытта…
Биир сарсыарда туран Улахан Баһылай, Огдооччуйа, Настаа уонна мин буолан Арыылаахпытыгар ходуу ходуйа киирдибит. Эбиискэҕэ кыра да от, бэйи, хаалбат. Бэйэтэ да быйыл ходуу ходулларыгар анаммыт курдук күһүн буолла. Сайын кыайан охсуллубакка хаалбыт манчаары, хата, күп-күөх, сүөһү сөбүлээн сиир. Охсуллар сирин кэтитэ сороҕо дьураа эрэ курдук, сороҕо эмиэ да икки, үс хотуур суола буолан ылар, ол быыһыгар эмиэ да сорох эҥээринэн букатын бүтэн, быстан хаалар.
Баһылай Огдооччуйалыын оҕустулар, биһиги кыраабылынан мунньан хас да сиргэ чөмөхтөөтүбүт. Ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир килиэ муус курдат күөл уута дьэрэлийэн көстөр: сэбирдэхтээх, бөлдөөттөөх уу ото өрө үүнэн тахсан араастаан тараадыйа сыыйыллыбыта сапка тиһиллибит хоруоҥка курдук ээр-сэмээр хоҥкуҥнуур. Субу-субу чараас муус «тыр-тыр» тырдыргыы тыаһыыр, ол быыһыгар ыраахха диэри эмискэ усталыы дьурулаан киһини куттуур. Сэрэхэдийэн төрдүөн биир сиргэ турбаппыт.
Оппутун атырдьаҕынан хадьымалга таһабыт. Кыра Баһылай үс салаалаах талаҕы быһан ылан хатаран, уһуктаан оҥорбут атырдьаҕа тутарга-хабарга табыгаһа, чэпчэкитэ сүрдээх. Өнөрдөөн үүммүт, сөлөгөйүн иҥэринэн күөхтүү хаппыт манчаарыга астыҥ да «кур» гына киирэн хаалар. Убайбыт аах кыспыттара-кыладыйбыттара барыта олус тупсаҕай. Үлэҥ тахсыыта туттар сэбиҥ-сэбиргэлиҥ хайдаҕыттан улахан тутулуктаах.
Кыра Баһылай мэлдьи да тугу эмэни кыһа, суора сылдьар үгэстээх. Хаһан даҕаны илии туппайа суох олорбот. Бэҕэһээ хаппыт талаҕынан дуобат кыспыта. Урукку дуобатын, от үлэтин кэмигэр, оҕолор Мундулуҥдаҕа ыһан-тоҕон кэбиспиттэрэ. Талаҕы эрбээн оҥорбут дуобатын сороҕун сутукатын хастаан, сороҕун хаалларан наардааччы. Хаттаҕына сутуката хастанан түһэн хааларын иһин кэлиҥҥитин «тыһыта» уонна «атыыра» диэн атын-атыннык моһуоннаан оҥорбута. Киһи курдук саннылаах «тыһытын» төбөтүн ойо быһан кэрдиистиир.
Айдаҥҥа, Мичээр Баһылай диэн улахан дуобатчыт киһи баар, дьэ ол кинилиин Кыра Баһылай соло эрэ буллар хатыһан, кыһытыһан туран дуобаттыыр. Мичээр аҕата Тырыыҥкын оҕонньор нэһилиэктэри кэрийэ сылдьар дэрсиик киэнэ ааттааҕа эбитэ үһү. Ханна эмит сүүйүүлээх, баартаах хаартыһыт оонньуу кэлбит сураҕын иһиттэр эрэ аат-ааттаан хайаан да оонньоон кэлэрэ эбитэ. «Тырыыҥкын оҕонньор төһө да хаартыны баттар, ол дьарыгынан байбатах киһи, байыахтааҕар буолуох киһи кэпсэл оҥостуон курдук сүүйбүтүн да өйдөөбөппүн…» – диэн Айдаҥ кырдьаҕаһа Киспэ оҕонньор үнүр, маҥнай көһөн кэлбиппит утаата, киирэ сылдьан кэпсээн эрэрэ. Хата, Тырыыҥкын сүүйбүтүнээҕэр – сүүйтэрбитин туһунан элбэх эгэлгэ кэпсэл баар… Эдэр сылдьан биирдэ, саас, саҥа айааһаабыт