Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
Сэксэкэ Сэмэн атынан кэлэн, Балаҕаччыттан быраас аҕала, ыксаан ахан, Мундулуҥдаҕа тохтообокко да үргүлдьү түспүтэ. Быркылаахха Маарыйа улаханнык ыалдьыбытын туһунан кэпсээннээҕэ. Сотору икки атынан төттөрү тибилиннэрэн ааспыттара эрээри, быраас кэлиэр тиийбэккэ, Маарыйа эрэйдээх «быстыбыт» этэ. Күн бэҕэһээҥҥэ диэри үлэ-хамнас үөһүгэр оройунан түһэн, үлэлээн тилигирии сылдьыбыт эдэр дьахтар эмискэ өлүүтэ дьону долгуппута. Маарыйа кэргэнэ Тиит Уйбаныап сэриигэ сылдьара, барбыта икки сыл буолан эрэрэ… Сэттэлээх уонна тоҕустаах кыргыттара ийэлэрин балтыларыгар уонна эбэлээх эһэлэригэр хаалбыттара. Нуута, Аана, Маанньа диэн балтылардааҕа. Болчох Сэмэн диэн сурдьа – оскуолаҕа үөрэнэр обургу уол. Убайа Өндүрэй – били, сэриигэ ыҥырыллан, бэбиэскэ тутан баран иһэн күрээбит икки киһиттэн биирдэстэрэ. Мэлдьи убайын Өндүрэйи мөҕүттэрэ: «Төһөөҥҥө диэри күрээн хара тыаны дугуйданаары, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньаммытыгар дылы, таах хаайыыга сытыйаары, дьон сылдьар сиригэр барыа этэ буо…» – диэхтиирэ. Сэрии кэмигэр сокуон кытаанаҕа, итинник күрээбит дьону «тыыннаах өлүктэр» дииллэрэ. Тутулуннулар да дьылҕалара судургутук быһаарыллара. Ол эрэн Маарыйаны ким да күрүөйэх, диһэртиир убайдааххын диэн сирэй-харах анньыбата. Үлэһитинэн да, майгытынан да – холкуоһугар улаханнык ытыктанар дьахтара.

      Уйбаныаптар Быркылаахтан сайылыктарыгар Томтор Суукка көһөөрү сылдьыбыттар этэ. Быйыл арыый да тардыллан, тоҕо эрэ, хойутаабыттара. Кыстыктарыттан Томтор Суут дьиҥинэн субу турар сир. Хас да ыал буолан дьукаахтаһан сайылыыллара.

      Кэлин биирдэ истэбит. Маарыйа күнүс ыалдьан баран:

      – Сайылыкпар баран кэлиэхпин баҕарабын, – диэн тылланан, соруктаах аҕайдык, аҕата Болтуо оҕонньорго этэн, сыарҕалаах оҕуска тиэллэн, өтөҕүн көрөн кэлбит. Маарыйа үлэҕэ үтүрүйтэрэн, сайылыгар барбакка сылдьыбыта үһү, кыһын иччитэх турбут өтөх балаҕанын дьукаах ыаллара бэйэлэрэ сууйан-сотон, көһөллөрө эрэ хаалан турара. Оҕотун тылыттан хаһан да тахсыбатах, судургу, улгум майгылаах оҕонньор муҥнаах, ытамньыйа-ытамньыйа, чугас сир буолан, кыыһын оҕус сыарҕатыгар таҥаска сөрөөн, өйөөн олордон илдьибит. Ол курдук Маарыйа эмискэ күүскэ ыалдьан, хаамар да кыаҕа суох буолан хаалбыт. Куһаҕан буолуон сүрэҕинэн сэрэйдэҕэ, сайылыгын көрүөн баҕарара оччото бэрдиттэн оннук көрдөстөҕө. Киһи ис санаата уустугун туох силигин ситэри сыныйан билиэ баарай…

      Ийэтэ:

      – Үтүөрүөҥ, бу хайдах буоллуҥ. Аматыйдаххына сарсын-өйүүн көһүөхпүт дии, ол ыккардыгар, кэбис, туох быһыытай… – диэбитин кыыһа истибэтэх.

      Дьиэтигэр кэлэн баран Маарыйа уһаабатах…

      Оҕонньордоох эмээхсин кыыстарын Томтор Суукка харайаахтаабыттара. Биһиги дьоммут Мундулуҥдаттан баран Маарыйа эрэйдээҕи дьаһайсыбыттара. Баара-суоҕа түөрт уонуттан эрэ тахсыбыт, майгыта үтүөтүнэн, хайа да үлэҕэ кыайыытынан-хотуутунан, дьон-сэргэ ытыктабылын ылыан ылбыт эдэркээн дьахтар олоҕу ситэ олорбокко соһуччу өлбүтүгэр дойдутун дьоно улаханнык аһыйбыттара. Кистээбиттэрэ аҕыйах хоммутун кэннэ кэргэнэ Тииттэн «хара сурук» кэлбитэ…

    &n


Скачать книгу