Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
эрэ эргиччи биспитэ. Бэгэччэкпэр быдьыгыраабыт төбүрүөн сонно, аҕыйах хонугунан оһон хаалбыта. Кэлин Баһыычааҥҥа ити курдук баас иэдэһигэр тахсыбытын эмиэ бэрт судургутук эмтээбитэ.
Ыһыы үлэтэ бүтэн оҕолор арыый иллэҥсийдилэр. Хатыйыы күрүөҕэ чөкөһөн олорон күн арааһын бары сэһэргэһэбит, ол быыһыгар оонньуубут, кыра оҕолорбутун көрөн-истэн мэлдьи илдьэ сылдьабыт.
Өссө сонуок саҥа хорутуллан эрдэҕинэ, ыанньык пиэрмэтэ, кыстык сирдэриттэн Быркылаахтан Мундулуҥдаҕа көһөн кэлбиттэрэ. Сүөһү маҥырааһына, оҕус айаатааһына, ыт үрэр, дьахталлар ньамалаһар, оҕолор ыһыытаһар-хаһыытаһар саҥалара барыта холбоһон, күө-дьаа олох сайылык иһин толорон кэбиспитэ. Чуумпу, луҥку, нуурал киэһэлэргэ чукаалар истэриттэн титиик түптэлэрин хойуу буруолара аа-дьуо, аргыыйкаан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө сыыйыллыбыттара… Тус-туспа сайылык оҕустара, үгэстэринэн, күөн көрсүүлэрэ саҕаламмыта, сыптарыҥ эмэһэ буолбут, тээһэҥкэстэрэ тэскэйбит атыыр оҕустар, уоттаах түптэ күлүн, суол хайыҥын тураҥын үрдүлэригэр саба ыста-ыста, дьүһүн-бодо бөҕөтө буолан, маска-окко аалынан килбэппит уһуктаах муостаах, будьуруйбут сүүстээх төбөлөрүнэн силбиэтэнэ-силбиэтэнэ, көхсүлэрин иһиттэн күрдьүгүнээн мөҥүрүү-мөҥүрүү, айахтарыттан күүгэн алла-алла, ахтылҕаннаахтарын көрсөөрү, тиэтэйэн ахан, айан суолун устун айаатыы-айаатыы сүгүллэҥнээн иһэллэрин көрөн, тэлгэһэ таһыгар оонньуу сылдьыбыт оҕолор куттанан хатыйыы күрүө алын сиэрдийэтин аннынан искэ төкүнүһэллэрэ, арыый кыанааччылара үрдүнэн ыстанаары ыстааны, ырбаахыны да хайа түһүү баара. Араас ханна барыай…
Настааччыйа, Улахан Баһылай, Дьабадьы Хабырыыл уонна өссө хас да дьахтар буолан, окко киириэххэ диэри, бүтэй тутуутугар сырыттылар. Биһиги олорор сирбититтэн, Мундулуҥдаттан, чугас Күүлэлээх диэн күөлү эргийэ бүтэй абырахтыыллар, саҥардаллар. Хатыйыы күрүө буолан буор хаһыллыбат. Сиргэ тоһоҕо төбөтө батары киирэр буола ирдэ да бүтэр. Обургу оҕолор, Килэкилээх Модьу, дьоннорун кытары бииргэ үлэлииллэр, көлөһүн күнэ аахсаллар. Холкуостаахтар окко киириэххэ диэри сылдьан баран, саас саҕалаабыт үлэлэрин күһүн ситэрэллэр.
Наарыһынай буостаны кэмиттэн кэмигэр аҕала турар. «Холкуос Суола» диэн улуус хаһыата кэлэр, ол сонунун бары сэргээн, үөрэхтээх киһиэхэ аахтаран мэлдьи истэбит. Онон тус-туһугар күүтүүлээх, кэтэһиилээх ахан хаһыат. «Үрүҥ суруктар» (дьон ааттыырынан) хам хаа-дьаа кэлэллэр, «хара сурук» кэлин биһиги холкуоска этэҥҥэтэ биллибэт.
Сэриигэ баран иһэн күрээбит күрүөйэхтэр тустарынан кыра да быркы сонун суох, син биир ылы-чып. Баһылайтан сурук биллибэт…
Бөтүрүөп таҥара күнэ эрэ буолуон иннинэ Балаҕаччыттан Айдаҥҥа ааһан иһэр хассабыык кыыс Кыра Баһылай куоракка кэлбит сураҕын кэпсээтэ. Биһиги соһуйдубут: эмиэ да үөрэ, эмиэ да дьаархана быһыытыйдыбыт. Наарыһынай Кыра Баһылай улуус киинигэр кэлбитин дьонтон истибит…
Бу сурах кэнниттэн нэдиэлэ курдук ааспытын кэннэ, кыркаҕа да суох биир үтүө күн түөртүүр ыам саҕана, арай, таска