Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
орто уҥуохтаах, бэрт сэргэх кыыс. Ону-маны олоотоомохтоон көрө-истэ турдахпына, үрүҥ халааттаах саха бырааһын батыһыннаран кэллэ. Мин туох илдьиккэ кэлбиппин быраас уол хат токкоолоһон ыйытта. Онтон хоһугар төттөрү киирэн, кыратык тугу эрэ суугуната-сааҕыната түһэн баран, суумка тутуурдаах тахсан:
– Бардыбыт, – диэтэ.
Бырааһым дьыралдьыйбыт уһун атахтарынан киэҥ-киэҥник хардыылаан хаамар, ол иһэн эбэм төһөҕө оһолломмутун, хайдах туруктаах хаалбытын ыйыталаһар. Кэлбитим курдук сүүрүө эбиппин да, бырааспын кытары аргыстаһаары, саппай уопсан кэнниттэн батыһан иһэбин. Бу сырыыга этэрбэстэрбин устубатым. Уулаах сирдэри ырааҕынан тумнан аастыбыт. Аргыһым бэйэбэр дылы ынах этэрбэстээх, илиитигэр туппут маҥан өҥнөөх суумката кыһыл кириэстээх, ол барыта миэхэ сонун көстүү.
Кэлбиппит эбэм оронугар сытар. Эр дьон уонна Огдооччуйа сонуоктарыгар барбыттар. Эмээхсини кытары Настаа уонна дьукаахпыт Маарыйа бааллар. Оҕолор таска оонньуу сылдьаллар. Киһи кэлбитин көрөн искэ киирээри гыммыттарын Быралгы кэргэнэ киллэрбэтэ.
Быраас халтаҥ сонун устан хортууһун кытары көхөҕө ыйаан кэбистэ, сонун иһинэн үөһэ эриммит үрүҥ халаатын түһэриннэ, тааска сылаас уу куттаран илиитин суунна, Настаа аҕалбыт ыраас сотторугар сотунна. Кыһыл кириэстээх суумкатын арыйан, туруйа сототун икки баһын хаптаччы сынньан баран тиэрэн кэбиспиккэ дылы, «иһиллиирин» таһааран, кулгааҕын даҕайан, эмээхсини эргитэ сылдьан, ытыһын сыһыаран илиитин көхсүн тоҥсуйа-тоҥсуйа, кичэйэн көрдө-иһиттэ.
Быраас эбэбин «чинчийэрин» сыныйа одуулаһан турдахпына Настааччыйа тарбаҕын төбөтүнэн санныбын таарыйан имнэммитигэр эргиллибиппэр:
– Аһаа, аһыы иликкин дии, аскын бэлэмнээтим… – диэн сэмээр саҥарда. Баарыын сарсыарда тураат да, остуолга олорбокко сорукка сүүрбүт киһи кырдьыга да аччыктаабыппын. Маарыйалаах кус буһарбыттар. Эмис кус бөтүөнүн мотуйа-мотуйа, быраас туттарын-хаптарын көрөн харахтарым онно. Настааччыйа эмээхсин атаҕар олорон эмиэ бэркэ сэҥээрэн көрөр-истэр.
Балаҕаччы бырааһа эбээ бэгэччэгин тарбаҕын төбөтүнэн баттаан сүрэҕин тэбиитин ааҕар быһыылаах. Онтон икки ытыһын дыргыл сыттаах испииринэн соттон баран эмээхсин ойоҕоһун сэмээр имэрийдэ-томоруйда. Маарыйа хаста да саҥа таһааран айакалаан ылла…
– Сүрэҕэ үчүгэй эбит, уҥа икки ойоҕоһо тостубут, онто искэ бэттибит, ол иһин олус ыалдьар, – уол суумкатын хасыһан, эмин-томун аттаран, суол-суол араартаан туох эрэ суулаахтары хаалларда. – Ыарыыта мүлүрүйэригэр… Сотору үчүгэй буолуоҕуҥ… – диэн быһыта баттыалаабыкка дылы быһаарда, ыйыы-кэрдии биэрдэ.
Быраас остуолга кэлэн киниэхэ бэлэмнээбит астарын аһаата: арыылаах лэппиэскэни, эмис кус этин сыа-сым курдук тутан сиэтэ, итии чэйи астына истэ. Үчүгэй аһы тото аһаан баһыыбалаата, онтон көхөҕө ыйаабыт таҥаһын таҥнан Балаҕаччытыгар барда.
Быраас тахсан барбытын кэннэ Быралгы ойоҕо Маарыйа:
– Ити тоҕо куһун этин сиэн баран «аһыы баҕайы эбит» диэтэ,