Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов
ити…
– Тэптэрбитэ дуу, туох буолта дуу…
– Уолаттар үнүрүүн үүрэллэригэр сүүрдүбэтилэр ини.
– Эс, ону баҕас билэр дьон ини, буос биэни тиэтэтэ сырыттахтарай, аньыыны баран, – Намыынап уолаттарыгар эрэнэрин биллэрэр. – Эдэр оҕолор эрээри такаллыбыт дьон. Тыккаай Ньукулай обургу сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн, билбэттэрин да билэр, сатаабаттаран да сатыыр гынаттыыр оҕонньор буолуо ээ, арааһата.
– Бээ-бээ… тыһы көҕөнү хайдах-хайдах сыыстым диэтиҥ этэй? – Дьабадьы амыдайын Хабырыылы хат хаадьылыыр. Эр дьон күлсэллэр…
– Бу да киһини… – Намыынап холку майгылаах муҥутаан дьээбэҕэ-хообоҕо кыһаллыбат. – Дьэ ити тыһы көҕөнүнэн уһун сааһы быһа суустуур, сордуур эбит… – табахтаан бүтэн, саппыйатын быатын бобо тардан суккуй сонун сиэбигэр чөкө уктан кэбиһэр, эбиитин сиэрин ситэрэн таһыттан таптайан көрөр.
Дьоммут өссө да ону-маны дьиэ эргиннээҕини баллыгыраһа түһэн баран тарҕастылар…
Сарсыныгар Намыынап Хабырыыл, Ынаабы күөлүгэр бурдук сонуогун көрө-истэ бара сылдьан, биир дьоһуннаах хоҥор хааһы өлөрөн кэллэ. Уонча хаас Ынаабы бааһынатын анныгар, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт ууга түһэн олороллоругар үөмэн киирбит. Үөмээйитэ соччо суох буолан хаастар киһи бэрийэн иһэрин көрөн, тэһииркээн көтөн тахсан бараннар эргийэн, саа ылар-ылбат сиринэн, син тэйиччи соҕуһунан ааһан ньулуһан истэхтэринэ икки төгүл ытан, күөрэтэн, биири таппыт. Хааһа буоллаҕына сүрэхтэтэн, тэлээрэн тиийэн ойуурга суугунас көмүрүө хаарга чөм түспүтүн, ыта суох буолан, уһуннук көрдөөн баран булбут.
Иһирик ардах түһэ-түһэ, күөл иэнэ хараара иһийэр, уу чуумпу, луҥку түүннэр сатыылаабыттарыгар, тылбыйар кынаттаах, хотоҕой куорсуннаах ууһа тоҕо анньан түркүннээн кэллэ… Күнүс онно-манна бүтэҥитик бүллүргүүр саалар тыастара иһиллэн барда. Мундулуҥда эбэ илин-арҕаа от үрэхтэрин баҕарахтарыгар тахсыбыт киччим ууларга, киэһээҥҥи үөл-дьүөл борукка, хара буорах хойуу буруота үрүҥ тунах курдук унаарыйа сыыйылынна…
Улахан Баһылай сааламмат. Ылдьаа, Маҥан Халдьаайыга холкуос саҥа хотонун маһын кэрдиитигэр баран, суох. Ыалларбыт Хабырыыллаах кус бэрсэллэр. Үлэ быыһыгар, күнүс үөмэн, баһаамы өлөрөллөр.
Бадараан көтөрө лаппа кэлбитин, дөйө тоҥмут көлүйэлэр, көрдүгэттэр туркулара уу анныттан түөрэҥэлэһэн тахсыбыттарын кэннэ Баһылай, үгэһинэн, тиргэлээтэ. Эбэбэр көмөлөһөн күннэтэ кус үргэһэбин, кэлиҥҥи кэмҥэ аҥаардас собонон эрэ аһыы сылдьыбыт дьон, аны эмис куһу эрэ күөстэнэр буоллубут… Бу күһүн идэһэ гынан туттубут борооскуларын төбөтүн Ньукуолаҕа сиэрилэр уҥучах түгэҕэр түһэрбиттэринэн сытар.
Сааскы ыһыы үлэтин түбүгэ күн аайы күөстүү оргуйар. Өксөөн «өлөр да солото суох». Холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи үлэтэ «хабарҕатынан».
Бастакы Күүлэт сириттэн Сөкөр Сахаар диэн тимир ууһун аҕалан булуук, боромньу абырахтаттылар. Сөкөр Сахаар – биллэр-көстөр, ыҥырыкка сылдьар тимир ууһа, нэһилиэктэри, холкуостары кэрийэн үлэлиир. Дарайыы Киргиэлэй Сахаарга илии-атах буолан көмөлөһөр. Чахчы дэгиттэр уус сэдэх, онон иккиэн да ыҥырыкка