Ийэм кэпсиир… (2 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (2 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
таҕыста. Дьиэ үрдүгэр нуһараІ хаара үллэччи түспүтэ, бэл, түүн тэстэн чоллургуур. Саҥа кэлбит тураах саҥата ахтан баран истэргэ үчүгэйэ сүрдээх, ол эрэн сотору сонуна ааһа оҕуста. Күнүс күн сытыы сардаҥалара үрүҥ хаартан тэйэн, дьиэттэн таҕыстахха, киһи хараҕын чаҕыл сырдыгынан саатырда оонньууллар. Туллуктар, халыҥ үөр буола сылдьан баран, хоту, төрүүр-ууһуур сирдэригэр, туундараларыгар айаннаан, баран-кэлэн симэлийэн хааллылар. Хордоҕой күөл кытыытын, тыа кэриитин дулҕата халыҥ хаар анныттан хараара быган көстөн таҕыста. Түүҥҥү тоҥот үрдүнэн моҕотой кутуругун хоротон сүүрдэ, доҕор көрдөөн төттөрү-таары сыбыытыыр, онно-манна угуйар саҥата иһиллэр. Чалбах, уу-хаар элбээн, мас-от ирэн көппөйө көөнньүбүт сыта сааскы сииктээх сөрүүн салгыҥҥа холбоһон, эти-сиини, сүрэҕи-быары хаба ортотунан сайа охсон киирэр. Дэгиэ тыҥырахтаахтар баһылыктара, сойуо тумустаахтар тойонноро боруллуо көтөр кэлбитэ ыраатта, уйатын хаардаммыта быданнаата, үрдүк өтөх суон муҥурах тиитигэр суодаллан олорон өйүө гынан кэлбит туллуктарын кыҥастаһар, иччилээх аҕайдык таҥалайын тыаһатан чамырҕатар.

      Сылгыһыт уолаттар хааччахха хаайбыт сылгыларын сэлээтилэр. Сэлээбит сиэллэрин, кутуруктарын мунньаллар. Эмээхситтэргэ үллэрэн холкуоска көнтөс, ынах быата хаттараллар. Саас сылгы түүлүүр, ону кырыаччынан тараан ылан лааппыга туттараллар. Аны сорох атастаһыкка кэлбит бэлиэтэммэтэх сылгылары уонна убаһалары барыларын, ийэлэриттэн туспа арааран кыбычаалга хаайа-хаайа, бэчээт ууран дьэрэлиттилэр. «Свердлов» холкуос ууһугар Дарайыы Киргиэлэйгэ «С» буукубалаах бэчээти оҕустарбыттар. Онтуларын кулуһун оттон кытарда-кытарда сылгы өттүгэр баттаан, чуучугураччы сиэтэн бэчээттииллэр. Бэлиэтэммит убаһалары ийэлэригэр холбуу-холбуу, далтан таһаартаан ыыталаан иһэллэр. Быйылгы кыһыны, хаһыыта үчүгэй буолан, этэҥҥэ туораабыттар. Кыһын ойбоҥҥо киирэ сылдьан күөл кытыытын хаарын хаһыйа тэбэн көрдөххө, күөхтүү тоҥон будьуруйбут от өрө ытылла түһэрэ, маннык дьыл сылгы абыранар. Күһүҥҥүтэ да куһаҕана суоҕа, айылҕа барахсан алыс ардаан, муус килиэ гына тоҥорбокко, уһуннук, күүскэ тымныйан баран кыстык хаарын түһэрбитэ. Онон сылгыга, маныытыгар да үтүө күһүн ааспыта.

* * *

      Ыам ыйын саҥатыгар дьиэбит анныгар, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт ньалыар ууга эрдэлээбит икки көҕөн кэлэн түспүттэрин көрөн, ыалбыт Намыынап Хабырыыл, хатыйыы күрүөнэн хаххаланан, үөмэн киирэн атыырын ытан ылла, тыһытын сыыһан кэбистэ.

      Киэһэ өтөхпүт эр дьоно, Улахан Баһылай тимир күрдьэх уктана олордоҕуна кэлэн, күнүскү көҕөттөр тустарынан табах тардан бусхата-бусхата кэпсэттилэр. Биһиги, оҕолор, дьоммут сэһэргэһэллэрин сэҥээрэн истэбит, күн уһаан, сылыйан, көбдөҕү киэптии толорор сааскы көй салгын үчүгэйэ бэрдиттэн хойукка диэри тастан киирбэппит.

      Намыынап көҕөнү сыыспыт абата билигин да ааһа илик:

      – Кэлэн түһээ ини, ытан ылыллыа, – диир.

      Баһылай күрдьэҕин угун кыҥаан көрө-көрө:

      – Маҥнай тыһытын ытыаххын, оччоҕо саҥа кэлбит


Скачать книгу