Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов
сиригэр атын булчут мээнэ киирбэтэ. Ордук күһүн, оҕонньоттор этэллэринии, айа кылыыта ооҕуй ситиминии элбээбит кэмигэр билбэт киһиҥ бултуур сиригэр-уотугар хайа түбэһиэх хаамаайылыыр сэрэхтээх. Сорох булчут кыыл-сүөл ороҕор, удьараҕа, тайахха тардыбыт айатын эбиэнин төбөтүгэр хамса чоҕойун биһэр үгэстээх. Ол сүрдээх сүлүһүннээх, оннук эбиэҥҥэ таптарбыт киһиэхэ тута көмө оҥоһуллубатаҕына сүһүрүөн сөп уонна ол ырба тыын сирин, хорук тымырын таарыйдаҕына, доҕоро, аргыһа суох сылдьар булчут өлүөн да сөп.
Эһэм, анаан дьарык оҥостон, талах чааркаанынан бэлиэлээҕи бултуура. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ сирэй оһоҕун уотун иннигэр оҥостон олорон эрдэ бэлэмнээбит талаҕынан бэрт кудуххайдык туттан-хаптан, иэҕэн чааркаан оҥосторо. Кэмэ суох элбэх мас чааркаан ампаарга куруук өрө кыстанан сытара.
Ийэм миигин 1930 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр оҕоломмут. Саҥа төрөөбүт уу кыһыл оҕону сэттэ хонооппун Балаҕаччыга киллэрэн Покровскай таҥаратын дьиэтигэр Дьаакып аҕабыыт диэҥҥэ кистээн сүрэхтэппиттэр. Аана диэн аат иҥэрбиттэр. Сэбиэскэй былаас уутугар-хаарыгар киирэн, күннээн-күөнэхтээн тэриллэн, урукку эргэ олох «хаалынньаҥ» көстүүлэрин суох оҥорор күннэр-дьыллар сири-сибиири сиксигинэн, бэл биһиги курдук дьаҕа баһа дойду, үөдэн түгэҕэ кырыы сирдэри бүтүннүүтүн хабан эрэр кэмнэрэ этэ.
«Таҥара дьиэтэ бүгүн-сарсын сабыллар, эстэр үһү…» Итинник сурах тарҕанан турдаҕына, тутуу былдьаһан, дьонум сүрэхтэтэ охсон хаалбыттар. Ийэм: «Оҕобун хата кыл мүччү сүрэхтэттим ээ…» – диэн улаханнык үөрбүтэ үһү. Бүөтүр Балаҕаччыга сыарҕалаах атынан эдьиийин Маарыйаны киллэрэ охсон тахсыбыт. Илин Кыргыдайтан, олохсуйан олорор өтөхпүтүттэн, Балаҕаччы сэттэ көс кэриҥэ сир. Суол ортотугар, аара, Кэҥэрэччи күөлүгэр Уйбаныап Өлөксөй Уйбаанабыстаах, дьон ааттыырынан, Өлүөскэлэр диэн ыаллар олороллоро. Өлөксөй төрдө Бүлүү өрүһүн уҥуор баар Тааһаҕар киһитэ.
Сүрэхтээбит ийэм Тээкиччэттэн икки аҥаар көс ыраах Оттоох күөлүгэр олорбут Курчугунаан ойоҕо Балбаара диэн эмээхсин. Мин сүрэхтэммитим кэннэ икки дуу, үс дуу сыл буолан баран өлбүт, онон төрүт өйдөөбөппүн, биһиэхэ кэлэн барара эбитэ үһү. Ийэм миэхэ кэлин: «Сүрэхтээбит ийэ, тоом, бэл төрөппүт ийэтээҕэр ордук чугас буолар баҕайыта», – диирэ. Ону мин, кыра киһи, ол биирдэ да көрбөтөх эмээхсиним күннэтэ алтыһар, сыллаһар, таптаһар, атаахтыыр ийэбинээҕэр хайдах ордук күндү буолуоҕун отой өйдөөбөтүм…
Балаҕаччы таҥаратын дьиэтигэр киирэллэригэр да, тахсалларыгар да ийэм аах аара Өлүөскэлэргэ хоммуттар. Төннөн иһэн хоно сыттахтарына: «Дьону кистээн сүрэхтиир Дьаакып аҕабыыты туппуттар үһү», – диэн Балаҕаччыга эмиэ биһиги курдук оҕо сүрэхтэтэ киирэн баран тахсан иһэр дьон кэпсээн ааспыттар. Өссө: «Эн оҕоҥ барахсаны таҥараҕа тиксэрэн хаалбыккын…» – диэн ийэбин ордугурҕаабыттара үһү.
Ийэм Өлүөскэлэргэ урут хамнаска үлэлии сылдьыбыт. Лаппа сэниэ олохтоох ыаллар этилэр. Өлөксөй кэргэнин Бөдүөрэни кытары син уһуннук олорбуттар эрээри,