Ийэм кэпсиир… (1 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (1 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
ол эрэн эмэрин ооккото диэн, саал сыата туох да амтана суох буолуор, кубарыччы барыар диэри супту оборон кэбиһэр. Оннук сытан утуйар, биһиги ол да үрдүнэн кыыспытын соҕотохтуу хаалларан таска тахсан оонньуу барбаппыт, туос биһик төһө да көлбүүрдээҕин иһин тула олорон кумаары кыйдыыбыт… Суоппуйа уһаабат, сотору кэлэр уонна кырбас-кырбас буспут уҥуохтаах ынах этэ аҕалбытыттан бэрсэр. Биһиги икки хотон ыккардыгар үүнэн турар, төргүү мутуктара ынах кэнэҕэскитинэн иилэ быраҕыллан аллара намылыйан илбиргэстэммит куруҥахтар анныларыгар олорон, астына-дуоһуйа уҥуохпутун көмүллүүбүт. Суоппуйа «быыһаммытын» маҥнай утаата түллэригэр тииһэ «туллаҥнаабытын» саайдын диэннэр уҥуох көмүллэппиттэрэ. Биһиги ону үтүктэбит. Оҕо киһи хаһан баҕарар үтүктээйи майгылаах.

      Тээкиччэ өтөҕөр кэлбит-барбыт дьон, ыалдьыт-хоноһо үксүн биһиэхэ түһүүлэнэллэрэ. Ыалларбыт бары дьукаахтаахтар, оттон биһиги дьукаахпыт суох уонна балаҕаммыт да кэҥэс. Аны биир үксүн устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах эһэм Өлөксөй, хааһахтан хостоон эрэр курдук, күн эгэлгэ кэпсээнин, сэһэнин да истээрилэр чугас эргиннээҕи дьон ааммытын саппаттара. Эппиккэ дылы, «киһи атахтаах» ыал этибит. Эһэм барахсан улахан уус тыллаах остуоруйаһытын, сэһэнньитин сураһан истэн, бэл улахан үөрэхтээх дьон анаан-минээн аат ааттаан кэлэн хонон-өрөөн, ардыгар хорохоот ыытан ыҥыртаран, эһэм оҕонньор кэпсэлин тылыттан тылыгар түһэрэн сурунан бараллара.

      Биир күһүн сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, улуу добдурҕа саҕана, Андрей Александрович Попов диэн киһи санаатаҕына санаата кыайан тиийбэт кый ыраах сиригэр, инньэ Бөтөрбүүр куоракка улахан үөрэҕи бүтэрбит киһи доҕорунаан эһэбин Арҕаа Кыргыдайга «Социализм суола» холкуос киинигэр Бэтигэ ыҥыртаран ылан туома уонча хонугу быһа күн эгэлгэ араас остуоруйаны, сэһэни бары сурунан бартара үһү. Онтун соболоҥор, манньатыгар харчы биэрбиттэринэн сэлиэһинэй (мэлии) бурдук, «Дорообо» чэй, табаах, миэхэ саахымат ойуулаах кыһыл сиристээҥки ырбаахы таҥаһын, собуот күөс атыыласпытын кэлээччи-барааччы дьонунан хаста да ыыппыта, кэлэригэр бэйэтэ эмиэ бэрт чэпчэки, кыра талах туркуга кэһиим диэн соһон аҕалбыта, эбиитин түүнүк курдук дыргыл сыттаах, хачыгыраабыт сабыс-саҥа кумааҕы харчылааҕа, онтун ийэбэр биэрбитэ.

      Эһэм сорохторун бэрт эдэр эрдэҕиттэн атас-доҕор оҥостубут дьоннордооҕо. Биир оннук чугастык билсэр киһитинэн сурахха-садьыкка киирбит аатырбыт олоҥхоһут Сэмэн Харатаайап-Ырыа Дыгыйар этэ. Тээкиччэҕэ Ырыа Дыгыйар кэллэ да улахан сэргэхсийии, сүпсүлгэн бөҕөтө буола түһэрэ. Биһиги балаҕаммытыгар хаста да олоҥхолоон турар. Олоҥхо истээри чугас эргиннээҕи дьон сорох сатыы, сорох атынан, сорох оҕуһунан таҥкыччахтатан, туома кыралыын-кыамматтыын кытары түөрэ кэлэллэрэ. Дьэ оччоҕо биһиги өтөх ыамайдарыгар улахан үөрүү буолара, араа-бараа саастаах оҕолорбутун кытары билсиһэн дуоһуйуохпутугар диэри оонньуурбут. Сороҕор өссө отой да олоҥхону истибэккэ наар аҥаардастыы оонньоон эрэ тахсарбыт.

      Ырыа


Скачать книгу