Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Саллаат уонна таптал - Сомоҕо


Скачать книгу
барыахтаах диэн өйдөбүллээх сылдьар. Инньэ гынан, ити эрдэ биллэрбэтим, оттон сулууспалыыр сирбэр тиийэн бараммын сурук суруйар инибин…

      – Суруккун тутан соһуйара буолуо. Эрчим, санаан кэбис, оскуоланы бүтэрбиппит хайыы-үйэ түөрт сыл буола охсубут дии… Банкеппытыгар эн Зояны аан бастаан көрбүтүҥ уонна «Ити кыыһы көрөөт сөбүлээтим» диэҥҥин миэхэ эппитиҥ дии…

      – Кырдьык, бириэмэ барара тоҕо түргэнэй? Оччолорго, туох да кыһалҕата суох, үтүө даҕаны кэмнэр эбит… Эдэр саас инникигэ эрэллээх, сырдык-ыраас дьоллоох сыллара. Сема, эн, баҕар, итэҕэйиэҥ суоҕа. Ол эрээри мин баччааҥҥа диэри Зояҕа «эйиигин сөбүлүүбүн» диэн кыайан эппэккэ сылдьабын… Киһи олус ис дууһатыттан сөбүлүүр киһитигэр «мин эйиигин таптыыбын» диэн тыллары этэрэ уустук соҕус быһыылаах…

      – Дьэ, ону билбит суох. Мин биир бэйэм оннук ис дууһабыттан «иэйэн-куойан» сөбүлүүр кыыспын көрсө иликпин… – Сеня, күлэ-күлэ, доҕорун хаадьылаан саннынан үтүрүйдэ.

* * *

      Эрчим дьиэтигэр тиийэн, хоһугар сытан эрэ, аан бастаан Зояны көрсүбүт күнүн саныы сытта.

      Эдэр саас хаһан даҕаны умнуллубат дьоллоох кэмнэрэ. Кинилэр онус кылааһы бүтэрээри үөрэ-көтө сылдьаллара.

      Тула туох баар барыта тупсан, саас кэлэн от-мас көҕөрөн, халлаан сылыйан, кырдалларга, хонууга ньургуһун сибэкки тэтэрэ үүнэн, тулалыыр айылҕа тупсан аҕай турар кэмэ этэ. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйара. Уһун тымныы кыһын кэнниттэн, дьон-сэргэ күөх дуолга, айылҕаҕа тахсан, бары санаалыын көнньүөрэн, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, үөрбүт-көппүт көрүҥнээхтэрэ.

      Эрчим бүгүн доҕорунаан Сенялыын орто оскуоланы бүтэрэр үөрүүлээх биэчэргэ бараары оҥосто сылдьаллар. Хара көстүүм, сырдык сорочка кэтэн, бачыыҥкаларын кылабачыйыар диэри ыраастаан, киэһэ банкекка анаан бырааһынньыктыы киэргэтиллибит оскуола спорт саалатыгар тиийбиттэрэ. Долгуйан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, ыга киэргэммит оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр толору мустубут этилэр. Тула барыта үөрүү-көтүү, көр-нар, күлсүү-салсыы – бу оскуоланы бүтэрэр тиһэх биэчэр. Оҕолор уйулҕаларын өрө көтөҕөн, көнньүөрбүт санааларын сөбүлүүр ырыалара өссө күүркэтэргэ дылыта…

      Эти глаза напротив – калейдоскоп огней,

      Эти глаза напротив – ярче и все теплей,

      Эти глаза напротив чайного цвета,

      Эти глаза напротив – что это, что это?

      Пусть я впадаю, пусть

      В сентиментальность и грусть,

      Воли моей супротив, эти глаза напротив.

      Вот и свела судьба, вот и свела судьба,

      Вот и свела судьба нас,

      Только не подведи, только не подведи —

      Только не отведи глаз…

      Биллиилээх эстрада ырыаһыта Валерий Ободзинскай ырыата саҥа олоххо үктэнэн эрэр эдэр дьоҥҥо элбэҕи эрэннэрэр эдэр саас туох эрэ биллибэт кэрэ умсулҕаныгар өрө күүрдэр, угуйар курдуга. Дьикти музыка буолан иһиллэрэ уонна умнуллубат сырдык түгэн көрсүһүүтүн эрэннэрэргэ дылы этэ.

      Бииргэ үөрэнэр кыргыттара муус маҥан былаачыйаланан, онно дьүөрэлии сырдык дьүһүннээх үрүҥ түүпүлэни кэтэн киэргэммиттэрэ киһи билбэт гына уларыйан, хайдах эрэ ордук улааппыкка, тупсубукка дылы буолан көстүбүттэрэ.

      Сааланы


Скачать книгу