Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
кини билбэт дьикти кэрэ кыыһа тахсан барбытыгар, хайдах эрэ курус санаа хам кууһан, хомойо санаабыта.
Учууталлар уонна төрөппүттэр ис сүрэхтэриттэн үтүө алгыс тыллары эппиттэрэ уонна эҕэрдэлээбиттэрэ. Оҕолор остуолга уһуннук олорботохторо, ойон туран проигрыватель дорҕоонноох музыкатыгар доҕуһуоллатан, төгүрүччү туран, үҥкүүлээн, ыллаан-туойан барбыттара.
Сынньалаҥҥа Эрчимнээх таһырдьа тахсыбыттара, сөрүүн салгын кинилэри кууһан ылбыта. Тула барыта олус үчүгэйэ, киһи эрэ үөрүөх-көтүөх курдуга. Майаҕа ол күнтэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Манчаары оонньуулара» ыытылла тураллара. Онон, бөһүөлэккэ дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, сэргэхсийэн аҕай турар кэмэ этэ. Оскуолаттан чугас турар Оройуоннааҕы культура дьиэтиттэн үҥкүү музыката бу баардыы ньиргийэн иһиллэрэ.
Сорох оҕолор ол музыканы истэн, оскуола спортивнай былаһааккатыгар баар баскетбол мас помоһугар сүүрэн киирэн үҥкүүлээн барбыттара. Кыргыттар Сенялаах Эрчими ыҥыран ылан, ол үҥкүүлүү сылдьар ыччаттарга киирэн, аныгы музыка тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, араастаан хамсанан, күлбүт-үөрбүт оҕолору кытта тэҥҥэ үҥкүүлэспиттэрэ. Эрчим санаатыттан били баян доҕуһуолунан ыллаабыт кыыс кэрэ мөссүөнэ арахсан биэрбэтэҕэ.
– Сема, РДК-ҕа барыахха… Мин ити музыкант кыыһы көрүөхпүн баҕарабын… – диэн, доҕоругар сибис гыммыта.
– Кырдьык даҕаны, бардыбыт… Манна хайдах эрэ скучнай баҕайы… – диэн, кини тылыттан тахсыбат доҕоро сөбүлэһэ охсубута.
Үҥкүүлүү сылдьар ыччат быыһыттан тахсан, иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, үрэҕи кыйа барбыттара. Үрэх нөҥүө турар Культура дьиэтигэр, мас муостанан туораан, тиийбиттэрэ. Үтүмэн элбэх киһи мустан, сорохторо таһырдьа кулууп таһыгар, атыттара иһирдьэ үҥкүүлүү сылдьаллара. Араас оройуонтан кэлбит спортсменнар бэйэлэрин анал сборнай хамаандаларын форматын кэтэ сылдьаллара көрүөххэ олус үчүгэй этэ. Кинилэр спорт үрдүкү бырааһынньыгар кытталларынан киэн тутталлара сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан тута көстөрө.
Уолаттар ол ыччаттары кытта тэҥҥэ, үҥкүү күүрээннээх тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, бииргэ үҥкүүлээбиттэрэ. Сенялаах Эрчим орто оскуоланы бүтэрбит аттестаттарын ылан, хайдах эрэ улахан дьону кытта тэҥ кэрдиискэ тахсыбыт курдук санаммыттара. Сотору буолаат Эрчим үҥкүүлүү сылдьар дьон быыһыгар, били кинилэри кэлэн эҕэрдэлээбит музыкант кыыһы көрө түспүтэ. Эдэр кыыс музыка күүстээх абылаҥар ылларан, туох баар ис иэйиитин барытын биэрэн имигэстик хамсанан үҥкүүлүүрэ. Тулалыыр дьону кытта үөрэн-көтөн мичилийэн, хас биирдии хамсаныыта барыта Эрчимҥэ ураты кэрэ буолан көстүбүтэ. Кыыс ким эрэ тонолуппакка одуулуурун көрөн, Эрчим диэки хайыһан баран эйэҕэс баҕайытык мичээрдээбитэ. Эдэр уол ону көрөн, сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ, түөһүн иһэ сырдык иэйиинэн туолбута. Бүгүҥҥү олоҕун биир саамай умнуллубат күнүгэр киниттэн ордук дьоллоох киһи суох курдуга. Аан бастаан кэрэ кыыһы таптыы көрбүтэ:
Сиртэн үүммүт сибэккилии
Ситэн, тупсан кэрэҕин.
Таба көрөн, талан ылан
Таптаабыта сүрэҕим.
Долгун