Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Саллаат уонна таптал - Сомоҕо


Скачать книгу
били уол төттөрү тиийэн кэллэ уонна саҥардыы хаҥас илиитинэн чиэс биэрэн, эмиэ строевойунан хааман эрдэҕинэ, бу сырыыга патрулга сылдьар моряк уолаттар, мичман хамаандатынан кинини тараччы тутан ыллылар. Ол кэнниттэн атын арыгы испит уолаттар бөлөхтөрүгэр илдьэн холбуу уган кэбистилэр. Капитан Прозоров улаханнык кыыһыран:

      – Я заранее предупредил! Кто не соблюдает дисциплину, того будем наказывать… – диэн суоһурҕанна.

      Салгыы уһуннук-киэҥник өйдөтөр бэсиэдэ ыытта.

      Ол кэнниттэн строй иннинэн хааман чиккэҥэлээбит уолу патруллар гаупвахтаҕа илдьэ бардылар. Атын бэрээдэги кэспит уолаттартан мичман «Мантан салгыы арыгылаабатыннар» диэн, харчыларын туура тутан ылла.

      Патруль барбытын кэннэ, уолаттар ортолоругар араас кэпсэтии буолла:

      – Ити строй иннинэн ааспыт уол хайа оройуонтан сылдьар үһүнүй?

      – Томпоттон сылдьар дииллэр, Былааһап диэн үһү… Муҥ саатар, туалекка сылдьан баран, патруллар барбыттарын кэннэ кэлиэҕин… Дьэ, артыыс дии…

      – Ээ, оттон аһаан чэпчээбит киһиэхэ, этэргэ дылы, «море по колено» буоллаҕа ээ…

      – Ити кини хантан кэлэн хаалла? Биһи хамаандабытыгар суохха дылы этэ…

      – Оннук, биһиэхэ суоҕа… Хайдах эрэ атын сиртэн, ойоҕостон кэлбит буолан строй иннинэн ааста ини. Биһиэнэ эбитэ буоллар, хайдах патруллары көрөн туран стройтан тахсыаҕай?

      – Дьиҥэр, оннук бөҕө буоллаҕа дии… Тоҕо эрэ киһи билбэт киһитэ элбэх. Арааһа, биһиги кэннибититтэн көтөн кэлбит самолеттан сахалар түспүттэрэ быһыылаах…

      – Сарсын Анаадырбытыгар көтөбүт дуу, суох дуу? Онно көрүөхпүт.

      Ити кэнниттэн туох да араллаан буолбакка, ким ханна миэстэ баарынан утуйуу буолла. Хата Ананийдаах Эрчим айан дьоно олорбот ыскамыайкаларын муннукка булан, иккиэн төбөлөһө бэрт үчүгэйдик утуйан турдулар. Сарсыарда таһырдьа тахсыбыттара, сииктээх баҕайы салгын саба биэрдэ, чугас муора тыына баара биллэр курдук эбит. Тула барыта сопкалар. Аэропортан чугас баар эниэҕэ кыра баҕайы иинэҕэс тииттэр үүнэн тураллар. Тэйиччи сопка тэллэҕэр таас тутууларынан дьэндэйэн, Магадан куорат килэйэн-халайан көстөр. Муора туманынан бүрүллэн турар. Туманы үрдүнэн таһаҕас сүөкүүр кырааннар баараҕай кыыллар курдук, дьөндөһөн көстөллөр. Манна улахан муора пуорда баарын туоһулуур курдуктар. Ыраах борохуот хаһыыта иһиллэр.

      Эбиэт саҕана барыларын стройдатан баран:

      – Сотору Анаадырга самолет көтөр, онно-манна мээнэ ыһыллан хаалбакка бэлэм сылдьыҥ, – диэн сэрэттилэр.

      Эрчим Ананийдыын буфекка аһаатылар: «Мантан салгыы ханна тиийэн аһыырбыт, хонорбут биллибэт», – диэн уолаттар сэрэхэчийэ санаатылар.

      Балачча кэтэспиттэрин кэннэ, сорохторун сабыссаҥа ЯК-40 самолекка киллэрэн олортулар. Самолет көтөр балаһа устун түргэн үлүгэрдик сүүрэн куугунатаат, өндөл халлааҥҥа көтөн куһууран тахсан, тус хоту диэки айанын тутта. Үрдүгү ылара түргэнэ сүрдээх эбит. Кэлин истибиттэрэ, бу саҥа реактивнай самолету Хоту сиргэ бастакы боруобалааһын


Скачать книгу