Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
холодно, как у нас?..
– Нет, у нас там уже лето… Все вокруг цветет, плюс 25–28 градусов тепла… – диэн уолаттар эппиэттээбиттэригэр, хайдах эрэ итэҕэйбэтэхтии тутуннулар.
Аҕыйах бириэмэнэн өссө Ил-18 самолет Магадантан кэлэн түстэ. Ол самолетунан хаалбыт уолаттар көтөн кэлбиттэр. Бу кэлбит уолаттары кытта били патруллар гаупвахтаҕа илдьибит, Томпо уола Былааһап эмиэ баар эбит.
Аармыйаҕа баран иһээччилэри барыларын аэропорт иннигэр таһааран стройдаппыттара.
– Мантан салгыы Провидение буухтаҕа Ил-14 самолетунан көтүөххүт. Бүгүн төһө кыалларынан хас даҕаны рейси оҥоруохпут, хаалбыт уолаттар сержант Гаркушаны уонна Свинолуповы кытта манна аэропорка хонуоххут. Ол аэропорт дьиэтин утары, уулусса нөҥүө өттүгэр остолобуой баар. Онно уочаратынан бараҥҥыт, бэрээдэктээхтик аһаан кэлиҥ уонна сержаннар этиилэрин халбаҥнаабакка истэҕит. Ким бэрээдэги кэспит киһини, миэстэтигэр тиийдэххитинэ, кытаанахтык кэпсэтиэхпит, – диэн капитан Прозоров стройга турар уолаттары күүскэ сэрэттэ.
Бары тарҕаспыттарын кэннэ, сержант Гаркуша сорох уолаттары батыһыннаран остолобуойга илдьэ барда. Ананийдаах Эрчим иккиэн, тулалыыр айылҕаны сэҥээрэн көрө-көрө, аргыый аҕай хаамса сырыттылар. Тымныы баҕайы тыал сирилэччи үрэр, хаар кыыдамныыр – хайдах эрэ хобдох бороҥ хартыына. Эрчим дойдутун санаан, хайдах эрэ курус санааҕа ылларда. «Онно Сахабыт сиригэр, самаан сайын кэлээри билигин күп-күөҕүнэн чэлгийэн турдаҕа. Сыһыыга-хонууга араас дьэрэкээн тэтэркэй сибэккилэринэн киэргэнэн, күөрэгэй чыычаах дьырылас тойугунан туолан. Куула тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйарын истэр үчүгэй даҕаны этэ. Алааска, сыһыыга, хонууга атыыр оҕустар айаатыыллар, түптэ күөх буруота унаарар. Сахабыт сирэ барахсан…»
– Дьэ, кырдьык курус көстүү. От-мас суох дойдута эбит, хаһан бу сайыннара кэлэн сылыйар буоллаҕай? – Ананий эмиэ бу хобдох көстүүнү көрөн, санаарҕаабыттыы саҥарда.
Син балачча буолан баран Ил-14 самолет кэлэн түстэ. Бастакы бөлөх уолаттары капитан Прозоров бэйэтэ салайан, Провидение буухтатыгар илдьэ барда. Кыһыл кутурук Ил-14 уһун баҕайы балаһа устун тирилээн-тарылаан сүүрэн өҥдөрүҥнээт, көтөн тахсан сопкалар быыстарынан көтө турда.
Эрчимнээх Ананий остолобуойга аһыы бардылар. Арай утары эргэ саллаат бэргэһэлээх, чараас ырбаахылаах сэргэх сирэйдээх-харахтаах уол сүүрэн тэлэкэчийэн иһэр эбит.
– Хайа доҕоор, бу тоҥмоккун дуо? – диэн Эрчимнээх соһуйан ыйыппыттарыгар, уоллара олох да үөрэн-көтөн туран:
– Кожанай кууркабын биир гражданскай нуучча киһитигэр сүүрбэ солкуобайга атыылаатым. Киһим: «Байыаннай чааска тиийдэххинэ, «дедтар» син биир былдьаан ылыахтара, хата миэхэ сүүрбэ солкуобайга атыылаа», – диэтэ. Мин уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, сүүрбэ солкуобай диэн улахан харчы дии санаан үөрүүнэн атыылаан кэбистим. Саатахха, бэҕэһээ Магадаҥҥа, уолаттары кытта буфекка ыстакаанынан кыһыл арыгы атыылыылларын ылан иһэммит, патруллар харчыбытын туура тутан ылбыттара. Ол