Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
хонор сирдэригэр хаһаарымаҕа тиийбиттэр. Ити кэмҥэ Бурляевтаах, «дедтар» кыратык «аһаан» баран, утуйбакка кинилэри кэтэһэ сылдьыбыттар. Уолаттар хаһаармаҕа киирэн утуйар хос диэки баран истэхтэринэ, бытовой хос ааныгар турар хас да уол быыһыттан: «Эй, чурки, подойдите сюда…» – Бурляев сэнээбиттии ыҥыран ордоотообут. Титигиирэптээх иккиэн эргиллэ түһээт, бытовой хоско уонча буолан мустан олорор «дедтарга» киирэн кэлбиттэр: «Кто здесь против дембелей пасть открывает?! Ты, что ли, хлыст?!» – Титигиирэп Бурляевка ыкса ынан тиийэн, хантайан туран эрэ ыйыппыт. Бурляев онуоха уолаттарыгар тэбиэһирэн, маатырылыы түһээт, Титигиирэби охсон кууһуннарбыт. Онуоха биирдэрэ эмискэ хаптас гынан аһаран биэрээт, аллараттан үөһэ киһитин сыҥаахха «апперкоттаан» саайбытыгар, уһун баҕайы уол түөрт лабаата адаарыйан, дөйөн сууллан түспүт. Титигиирэп бириэмэни сүтэрбэккэ, өмүтүннэрэн саамай доруобай уолларын быарга саайан баран, хаҥас илиитинэн сыҥааҕар охсон «боковойдаан» кэбиспит. Ону эрэ кэтэспэккэ турбут уол, охсуллубут от курдук миэстэтигэр «накыс» гынан охтон түспүт.
– Ну, кто следующий?! – дии-дии, Титигиирэп охсуһаары тула тэлэкэчийэ сылдьыбыт.
Ол кэмҥэ аргыһа икки уолу быһыта тэбиэлээн түһэртээбит. Атыттар, ыксал бөҕөнөн үрүө-тараа ыстанан, куотар аакка барбыттар.
Ону истэн, призывниктар бары: «Дьэ, кырдьык, кытаанах уолаттар эбит…» – диэн, сөхпүттэрин биллэрдилэр.
Аҕыйах хонон баран, арай биир күн уолаттар «приемникка» киирэн:
– Титигиирэптээх кэлэн, форма көрдөһө сылдьаллар… – диэн өрүкүнэһэн кэпсээтилэр.
Иһирдьэ баар уолаттар ону истэн, таһырдьа таҕыстылар, Эрчимнээх Ананийдыын кинилэри батыстылар. Титигиирэптээх иккиэн табаарыһыныын тураллар эбит. Куукунаҕа сылдьар буолан, параднай формалара арыы-сыа бөҕөтө буолбут. Саха уола кыра буолан баран киппэ, толору эттээх-сииннээх. Киһи мыына көрбөт бөҕө көрүҥнээх уол эбит. Кэтит санна байыаннай форматын тиирэ тэбэн киэптии сылдьар. Аргыс нуучча уола сирэй-харах сытыы-хотуу, тутта-хапта даҕаны сылдьара мээнэ баттаппат, атаҕастаппат көрүҥнээх.
– Братцы, кто даст мне, дембелю, свою форму?! Есть такие? Я думаю, вы слышали, в какую передрягу мы попали? Выручайте своего земляка, завтра мы уезжаем домой, а в каком виде мы появимся там, сами посудите, – Титигиирэп тулалаан турар саллааттары кэриччи көрүтэлээтэ.
Кини эдэр уолаттар хайдах эрэ дьик-дьах тутталларыттан сабыс-саҥа формаларын уста охсон биэрэллэрин ыарырҕатталларын тута сэрэйдэ:
– Ясно, правильно делаете. Ничего, мы у «дедов» попросим, они нас поймут. Дембелей не обидят, иначе по-другому поговорим… Ребятки, никому не давайте спуску! Мы же родом из гордого народа «урааҥхай!» Помните об этом! – Титигиирэп, этэрбин эттим диэбиттии, киһитин санныга «лап» гына охсоот, аргыый аҕай эргиллэн, бара турда…
Уолаттар «приемникка» олорбуттара хайыы-үйэҕэ ый кэриҥэ буола оҕуста. Кинилэр «Эдэр байыас» кууруһун ааһан, бирисээгэ ылбыттарын кэннэ, бары сулууспалыыр сирдэригэр