Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
турар саллааттар иннилэригэр, полка хамандыыра полковник Большелапов хас даҕаны эписиэр арыалдьыттаах тиийэн кэллилэр. Строй иннигэр кэлэн тохтуулларын кытта, икки СКС карабиннарын санныларыгар сүгэ сылдьар саллааттар биир азиат сирэйдээх киппэ кыра уҥуохтаах саллааты уонна уһун эдэр нуучча уолун арыаллаан илдьэ кэллилэр. Тутуллан кэлбит уолаттар иккиэн кура суохтар, илиилэрин кэннилэригэр тутта сылдьаллар. Таҥастара-саптара буорайбыт, сирэйдэрэ-харахтара холлон умса көрө сылдьаллар. Олору саҥа ыҥырыллан кэлбит, стройга турар призывниктар олус соһуйа уонна дьулайа көрдүлэр-иһиттилэр.
– Полк, равняйсь!!! Смирно!!! Равнение на середину!!! Вольно… Бары көрөн кэбиһиҥ! Бу эһиги инникигитигэр икки беспредельщиктар тураллар… Сэбиэскэй Аармыйа саллаатын чиэһин түһэн биэрбиттэр… Кинилэр иккиэн «Усть Белая» туочукаҕа сулууспалыы сылдьан, байыаннай устаабы кэһэн, саҥа ыҥырыллан сулууспалыы кэлбит саллааттары атаҕастаабыттар. Устааптан тахсар дьайыылары оҥорон кырбаталаабыттар, эт-хаан өттүнэн эчэппиттэр… Бу эһиги иннигитигэр турар рядовой Титигиров, улахан тустуукпун уонна боксербын дии-дии, эдэр саллааттары охсубут, тэппит… Бачча кыра киһи хантан тустуук, боксер буолуоҕай? – полковник Большелапов инньэ диэн баран, азиат сирэйдээх уолу инники таһаарда.
Ол кэнниттэн полка саамай уһун, икки миэтирэлээх Бурляев диэн уолун ыҥыран таһааран, Титигиирэби кытта кэккэлэһиннэрэ туруорда. Онуоха быдан уһун Бурляевы кытта тэҥнээтэххэ, анараа уол кинини быһар быһаҕаһынан сылдьара, санныгар даҕаны тиийбэт.
– Көрөн кэбиһиҥ, ордук эдэр саҥа сулууспалыы кэлбит призывниктар. Бу бачча кыра киһини рядовой Бурляев оройго биэрдэҕинэ сөп оҥорор. Киһитэ дөйөн баран, ол кэнниттэн аны хаһан даҕаны «молодойдары» тыыппат гына өйдөнүөхтээх. Онон, эһиги эдэр саллааттар, саҥа сулууспалаан эрэр призывниктар, маннык «самозванецтартан» толлумаҥ, кинилэргэ сөптөөх харданы биэрдэххитинэ, тута өйдөнүөхтэрэ уонна кими даҕаны тыыппат буолуохтара… – полковник ити кытаанах этиитин истэ-истэ, стройга турар саллааттар күлсүү-салсыы бөҕөтө буоллулар.
Ол аайы Бурляев аттыгар турар Титигиирэби сэнээбиттии үөһэттэн аллара көрөн ылла.
– Кинилэри Байыаннай трибунал сууттуохтаах этэ. Ону биһиги, эдэрдэрин уонна икки сылларын толору сулууспалаабыттарын учуоттааммыт, дисбатка түбэһэн барыахтаахтарын тохтоттубут уонна дембеллэнэн дьиэлэригэр баралларыгар кыах биэрдибит. Биир ый гауптвахтаҕа сыппыттарын ааҕан туран бүгүн босхолуубут. Ону таһынан дьиэлэригэр барыахтарыгар диэри биир нэдиэлэ устата куукунаҕа нэрээккэ сылдьалларыгар быһаардыбыт. Иккиэннэрин обслуживание ротатыгар олохтуурга уонна аһылыкка довольствиеҕа туралларыгар бирикээс таҕыста… – полковник Большелапов, стройга турар саллааттар бары истэллэрин курдук, доргуччу бирикээһин иһитиннэрдэ.
Ити кэнниттэн, арыаллыы сылдьар эписиэрдэрин кытта штаб дьиэтин диэки хаамса турдулар.
Икки