Саллаат уонна таптал. Сомоҕо

Саллаат уонна таптал - Сомоҕо


Скачать книгу
аналлаах сирдэригэр – Провидение буухтатыгар – көтөн тиийдилэр. Кинилэри массыыналар күүтэн тураллара.

      Аэропортан айаннаан иһэн уолаттар тула өттүлэрин сэҥээрэ көрө истилэр. Күннээх сааскылыы чаҕылхай күн турар. Буухта тула өттө барыта халлааҥҥа харбаспыт таас хайалар. Уҥуоргу кытылга куораттыы тутуулаах бөһүөлэк таас дьиэлэрэ дьэндэһэн көстөллөр. Хомоҕо улахан баҕайы хараабыллар тураллар, кытыыга таһаҕас сүөкүүр кырааннар элбэхтэрэ сөхтөрдө. Бу Уһук Хоту диэки биир улахан муоратааҕы порт буолара харахха быраҕыллар. Бэтэрээ эҥээргэ барыта бачымах курдук мас дьиэлэр самналлан тураллара, арыый тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх таас дьиэлэр көстөллөр. Ону сержант уолаттар: «Ити пограничниктар олорор городоктара», – диэн ыйан көрдөрдүлэр. Муора кытыытыгар баһаам элбэх тимир буочука бөҕөтө, эргэ хараабыл уонна быраҕыллыбыт самолет кырамталара ыһыллан сыталлар.

      Массыыналар Саха сирин кыра дэриэбинэтигэр баар мас спортивнай саалатын санатар дьиэ аттыгар тиийэн тохтоотулар. Тула сопка тэллэҕэр уһун субурҕа мас бараахтар курдук оҥоһуулаах хаһаармалар тураллар. Эргиччи барыта мас дьиэлэрдээх, кинилэр сулууспалыахтаах байыаннай чаастара эбит.

      Кэлин билбиттэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтүн кэннэ Сэбиэскэй Сойуус уонна Эмиэрикэ икки ардыларыгар «тымныы сыһыан» олохтоммутун түмүгэр, «Аляска өттүттэн Эмиэрикэ сэриинэн саба түһүөҕэ» диэн өйдөбүлтэн, дьоппуоннары утары сэрии бүтээтин кытта, Рокоссовскай десантнай чааһын Провидение буухтатыгар көһөрөн аҕалан, байыаннай базаны тэрийэргэ быһаарыммыттар. Ол түмүгэр, билигин бу байыаннай чаас турар Урелики бөһүөлэгэр 1946 – 1947сс. баһаам элбэх байыаннай сэбилэниилээх күүстэр түмүллүбүттэр эбит.

      Эрчимнээх «приемник» буолан турар спортсаалаҕа киирдилэр. Бэҕэһээ кинилэр иннилэринэ көтөн кэлбит уолаттар, хайыы-үйэҕэ байыаннай таҥаһы кэтэн хааман-сиимэн чиккэҥнэһэ сылдьаллар.

      – Оо, молодойдар кэллилэр… – диэн уолаттар, кинилэри күлсэ-салса, дьээбэлэһэ көрүстүлэр.

      Саала икки өттүнэн этээстээх тимир ороннор кэккэлээбиттэр. Хаҥас өттүгэр Саха сириттэн кэлбит призывниктар, уҥа өттүгэр Иркутскай уобаластан ыҥырыллан кэлбит нуучча уолаттарын сытар гына дьаһайбыттар.

      Сотору Эрчимнээҕи барыларын стройдатан баанньыкка илдьэ бардылар. Таһырдьа төһө да ылааҥы сааскы күн турдар, тула барыта хаар. Сорох сиринэн дьиэлэр үрүттэригэр тиийэ хаарынан бүрүллэн тураллар.

      Эргэ мас баанньык дьиэҕэ тиийэн иһирдьэ симиллэн киирдилэр. Иккис сылын сулууспалыы сылдьар саллааттар саҥа аармыйаҕа ыҥырыллан кэлээччилэри кэтэһэ сылдьаллар эбит. Таҥастарын устан сыгынньахтаналларын кытта, арыый сэнэх соҕус гражданскай таҥастары үллэстии саҕаланна. Эдэр уолаттар сөрүүн соҕус суунар сиргэ киирэн, тымныы диэбэккэ син балачча мүлүркэй соҕус уунан суунан булумахтаннылар. Ол кэнниттэн бүтэн тахсыбыттарыгар, кырдьаҕас прапорщик, хас биирдиилэриттэн кээмэйдэрин ыйыта-ыйыта, сабыс-саҥа байыаннай таҥастары үллэрэн


Скачать книгу