Саллаат уонна таптал. Сомоҕо
ол дьоҥҥо сувенир быһыытынан, моржа аһыыларын ойуулаан-дьарҕаалаан бэлэхтииллэрин иһитиннэрдэ. «Төһөнөн сиэдэрэй сувениры биэрэбит даҕаны, үлэбит-хамнаспыт сыанабыла эмиэ онно тэҥнэһэр. Кытаатан, ону үчүгэйдик өйдөө! Сулууспа барыта – ити мин эппит үлэлэрбин төһө үрдүк таһымнаах гына оҥороҕун да – онтон тутулуктаах. Үлэҥ барыта үчүгэйинэн сыаналаннаҕына, биир сылынан дьиэҕэр уоппускаҕа баран кэлиэххин сөп», – капитан Прозоров эдэр саллаакка, ыраахха диэри өйдөнөр гына «наставление» биэрдэ.
– Понял, товарищ капитан, рад стараться! – Эрчим чиэс биэрэн баран, инникитин тугу үлэлиэхтээҕин билбит киһи быһыытынан, Леонид Яковлевич диэки сэргэхтик көрөн турда.
Кини бэйэтин санаатыгар, уруһуй чааһын хайдах баҕарар оҥорор кыахтааҕа.
– Молодец, рядовой Быганов, думаю, общий язык мы найдем, – капитан астыммыт киһилии, Эрчим ытыһын ыга тутта.
Уонна уол сулууспата өссө биир уратытын бэлиэтээтэ: Эрчим байыаннай чаастар ханна олохсуйан турар туочукаларыгар, Чукотканы биир гына үксүн командировкаҕа сылдьыахтаах эбит. Онно баран, хас байыаннай чаас аайы политруктор быһаччы дьаһалыгар киирэр. Капитан эппитин курдук, Ленинскэй хостору, Бойобуой Албан аат хосторун саҥардыахтаах. Сорох туочукаларга хаттаан саҥалыы оҥорору ирдэниллэрин кистээбэтэ. Оттон манна полкаҕа быһаччы политотделга бас бэринэрин, кинилэр ханна ыыталлар да, онно барарын капитан эдэр саллаакка үлэтин хайысхатын өссө төгүл чопчулаан быһааран биэрдэ.
Эрчим ити этиини астына иһиттэ, «хата сири-дойдуну көрөн хаалыыһыбын» диэн судургутук санаата. Кини хантан билиэҕэй, икки сыл устата төһөлөөх уһун айаннары араас самолеттарга олорон айанныахтааҕын. Тоҥон-хатан, уһун буурҕаларга аэропортарга хаайтарыахтааҕын. Биитэр командировкаҕа тиийбит байыаннай чаастарыгар ыйы-ыйдаан тыал-куус, буурҕа ааһарын кэтэһиэхтээҕин…
Эрчим Коля барыаҕыттан ыла соҕотохсуйан, бириэмэ буллар эрэ, «приемникка» тиийэр. Чаастарыгар өссө да ананан бара илик саллааттары кытта сэлэһэн, көрсөн кэлээччи. Бүгүн эмиэ уолаттарга тиийэ сырытта, манна барыта ким ханна барыахтааҕын, хайдах сиргэ-уокка тиийэллэрин туһунан кэпсэтии буолар. Сорохтор Эрчимҥэ ымсыыра саныыллар: «Эн полкаҕа сулууспалыы хааллаҕыҥ. Абыраммыт киһигин, талааннаах буолаҥҥын худуоһунньуктуур буоллаҕыҥ дии… Оттон биһиги хайдах сиргэ-уокка тиийэбит? Манна сорох уолаттар «алдьархайдаах крутой туочукалар бааллар үһү», – диэн куттууллар».
Эрчим Анаадырга сылдьан билсибит били саллаат бэргэһэлээх сытыы-хотуу уолу көрсө түстэ:
– Олег… Семенов Олег диэн этиҥ дии? Хайа, ханнык туочукаҕа барар буоллугут? – байыаннай таҥаһы кэтэн, сирэйэ-хараҕа өссө сытыырхайбыт көрүҥнээх уолтан ыйытта.
– Ээ, эн Эрчимҥин дуо? Манна полкаҕа худуоһунньугунан хаалбыккын истибитим. Биһиги алтыа буоламмыт олох уһук, Муустаах муора кытыытыгар саамай түгэх сиргэ баар Уэлен диэн бөһүөлэккэ баар туочукаҕа тиийэр үһүбүт. Биир дойдулааҕым Егоров Коля, Күөрэлээх уола,