Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ


Скачать книгу
ыал буолан холбоһон олоруохха. Быйыл миэхэ тэрилтэбэр уопсайга хос биэрдилэр, онон онуоха-маныаха диэри олорор муннук баар. Ыал буолбут, оҕолоох эдэр үлэһиттэргэ тэрилтэбит квартира биэрэр, онон биһиги да биир-икки сылынан квартира ылыахпыт, – диэн, эбиэт саҕана уулуссаҕа эмискэ көрсө түһэн, Надяҕа бастакы таптала, сөҕүөрүйэ быһыытыйбыт тапталын кыымын хаттаан сириэдитэ күөдьүтэн кэбиспит.

      Оо, олох барахсан киһи дьылҕатынан хаһан санаабыккынан өрө-таҥнары тутан, көөчүктэнэ оонньуургун сөбүлүүгүн даҕаны.

      Куоста кулууптан кэлэн баран, күүлэтин үктэлигэр олорон, табахтаан уоскуйда. Онтон дьиэтигэр киирэн, үргүлдьү хоһугар ааста уонна эргэ гитаратын ылан, оронугар тиэрэ түстэ. Итиэннэ струналарын тарбаҕынан нарыннык таарыйан оонньуу-оонньуу, били мааҕын күнүс ыллаабыт, тылын уонна матыыбын ким суруйбута биллибэт, уруккуттан олус сөбүлүүр ырыатын иһиллэр-иһиллибэттик ыллыы сытта:

      Хомойума, сонньуйума

      Оо, дууһабын эн аймаама,

      Хараҕым уутун тоҕоҥҥун

      Мин сүрэхпин ытатыма.

      Хатыҥ чараҥ саҥабытын

      Истибитэ-кистээбитэ,

      Тапталбытын сиргэ-буорга

      Тэпсибитиҥ тоҕо сүрэй…

      Дьиҥнээх доҕор

      Атас туһугар атах тостор.

      Быыбылык сүр түргэнник оҕо сэллиги эмтиир санаторийын кырыаран эрэр түннүгэр сүүрэн тиийэн көрбүтэ – аҕата Баһылай атын быатын остуолбаҕа сөрүү бырахпытын төлөрүтэн, бугуһуйан өрө мөҕөр соноҕоһун оргууй суолугар сиэтэн киллэрэн баран, ойоҕолуу иһэн кэтит самыытыгар муоһатынан охсон «лап» гыннарда. Онтон эттээх ата кымньыыланан сэниэлээхтик батыччахтаан эрдэҕинэ, туйаҕын иһэҕэ сирэйин сиирэ-халты түһэригэр кыһаллыбакка хаамар-сүүрэр быластаан үстэ-түөртэ киэҥник хардыылаат, бэрт сылбырҕатык сыарҕатыгар олоро түстэ да, дьиэтин диэки атара сэлиинэн тибилиннэрдэ.

      Ону көрөн турбут оҕо аҕатын, ийэтин, кырдьаҕас эбэтин Огдооччуйаны, эдьиийин Даайысканы сайыһан, бэлиэр дьиэтин ахтан уонна бииргэ оонньуур доҕотторун санаан уйадыйан, киэҥник көрбүт чох хара хараҕа ууланна. Аны оҕолор көрөн, бу уол атаах, ытанньах эбит диэхтэрэ диэн кыбыстан, ытаамаары сымыһаҕын быһа ытырда. Оттон кэннин эргиллэн ким да суоҕун көрөөт, түргэн үлүгэрдик хараҕын уутун ырбаахытын сиэҕинэн сотто оҕуста уонна курустук, сүрдээх дириҥник үөһэ тыынан баран, кумуччу туттан, атаҕын төбөтүнэн дугунан дьуһуурунай быраас ыйбыт палаататыгар барда.

      Бу былыргыта сис баай үрүҥ дьиэтэ диэн ааттанар уораҕай оҕо санаторийа буолан турар. Эргэ да буоллар, бөҕө тутуулаах, ат эккирэтэр кэҥэс дьиэ билигин да туһалыыр.

      Оройуон үрдүнэн сэллиги утары үлэ чэрчитинэн ыытыллыбыт бэрэбиэркэ түмүгүнэн, оскуолаҕа Манту боруобатын оҥорбуттарын кэннэ, Быыбылык быһыыта иһэн уонна кытаран, бу дойдуну булла. Туббалыыһа кылаабынай бырааһа Уйбаан Хабырыылыйабыс ытыс саҕа кумааҕыга суруйан биэрбит уонна тус бэчээтин туруорбут дьаһалынан эмтэнэ диэн бүгүн санаторийга киирдэ. Ону ити аҕата кимтэн эрэ, арааһа,


Скачать книгу