Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
кулуупка хаамар-сүүрэр ыккардынан аҕылаан-мэҥилээн тиийбитэ – «Танцор диско» диэн хаһыс да күнүн субуруччу көстө турар индийскэй киинэҕэ бүгүн эмиэ киһи бөҕө кэлбит. «Танцор диско» киинэттэн сылтаан саҥа аатыран эрэр кырасыабай Индия артыыстара Митхун Чакраборти, Калпана Айер ааттарын ити кэмҥэ билбэт да киһи суоҕа эбитэ буолуо. Хойутаабыт дьон, билиэттэрин ыла-ыла, кииртэлээн эрэллэр, эрдэ кэлбиттэр, билиэттэрин быстаран бараннар, көҥүллэтэн таһырдьа тахсан, ким табахтыы, кимнээх эрэ сонуну үллэстэн сэлэһэ тураллар. Ыксаан аҕай кэлбит атастарын Куосталарын көрөн, табаарыстара илии тутуһан эҕэрдэлэһэн кэпсэтээри гыммыттара, киһилэрэ илии тутуспута буолаат, ыксал бөҕөнөн үргүлдьү сүүрүү быластаан иһирдьэ ааста. Санаатыгар, кыыһым урут кэлэн, күүтэ сатаан баран, баҕар залга киирэн хаалбыта буолуо диэн ыксыыр. Аны киномеханик эрээри, бэйэтэ билиэт атыылааччы уонна быһааччы кырдьаҕас Киинэ Мэхээлэтэ Надяны хаһан харахтаан билиэ-көрүө баарай? Билээхтээбэт буоллаҕа! Онон киниттэн ыйытан да туһа суох. Ыйыттаҕына даҕаны, дьээбэ-хообо хаата, эбиитин улахан саҥалаах Мэхээлэ, кини киһи хайаан да тоокколоһон, сонно кулууп иһин толорор. Туһугар эмиэ кыһалҕа диэтэҕиҥ.
Оо дьэ! Ити баар дии… Абааһыны баран, хотон муостатын, сибиинньэ уйатын абырахтаан абыранаары, көр бу, хойутаатаҕын. Кыһыылаах да баҕайы!
Санаата оонньоон, мучумааннанарын быыһыгар чаһыытын көрбүтэ – өссө да эрдэ, эрэл баар курдук. Уонна оттон толкуйдаан көрдөҕүнэ, билбэт сиригэр-уотугар Надя кинини күүппэккэ эрэ, хайдах да соҕотоҕун залга эрдэ киириэн табыллыбакка дылы.
Чэ бэйи, уоскуйуохха. Арааһата хойутуу кэлэрэ буолуо диэн, киирэр аан таһыгар, табаах уматтан баран, ситэри күүтэрдии оҥоһунна. Ол турдаҕына, уолаттара, маанытык таҥнан турар Куосталарын муодарҕаан, киһи кыһыйыах, дьэ бу бүгүн киэһэ тииһигирэн кэлэн кэпсэтээри бөҕөлөр. Ону кыыс күүтэн турарыттан долгуйбут доҕордоро иэдэс биэрэн сорохторун соһуталаан, кимнээҕи эрэ онон-манан аралдьытан, эр-биир иһирдьэ аһардаталаан истэ.
Оттон аны сэттэ буолан, киинэтин көрдөрүөхтээх Мэхээлэтэ хаһан киирэҕин диэн, эмиэ субу бүгүн кэлэн тиэтэт да тиэтэт буолла. Бу Мэхээлэ өссө кыра эрдэхтэриттэн киинэҕэ сарсыарда уон биир, эбиэт кэннэ үс чаастан көстөр киинэҕэ хойутаан кэллэхтэринэ, киллэрбэт идэлээх уонна мэлдьи: «Оҕолоор, дьиэҕитигэр бараҥҥыт атаххытын суунан баран утуйан хаалыҥ», – диэн күнүстэри кыһыылаахтык суустааччы. Биир да мүнүүтэ хойутаатылар да, хайдахтаах да элэ-была тылларын этэн көрдөспүттэрин иннигэр, Мэхээлэ дьэ туох да иһин киллэрээччитэ суох. Ол иһин, кэлин киллэрбэтигэр үөрэнэн, улаатан истэхтэрин аайы, алҕас аралдьыйан киинэҕэ хойутаатылар да, кулуубун иһиттэн хатата турар Мэхээлэни бэйэтин: «Кырдьаҕаас, атаххын суунан бараҥҥын баран утуйан хаал», – диэн дьээбэлэһэн үөрдэн-көтүтэн, кулууп таһынан ааһан, салгыы ханна эмэ оонньуу бараллара.
Бу да сырыыга иһиттэн кулууп харабыла Таанньаҕа аанын хататтаран баран, хас да күн тобус-толору залга индийскэй киинэ көрдөрөн, ыйдааҕы былаанын номнуо аһара толорон, санаата