Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ


Скачать книгу
диагноз туруоран ыарыытын быһааран, кэмигэр химиялатан уонна сөпкө эмтээн ыарыытын тарҕаппатах. Инньэ гынан, эпэрээссийэлээбит кырдьаҕас бырааһа, профессор, күн сирин иккистээн көрдөрбүт күндү киһитэ Николай Петрович Мозговой наркозтан тахсан өйдөммүтүн кэннэ киирэн аҕабыыт курдук сөҥ куолаһынан чуордук: «Степан, как говорится, ты мужик в рубашке родился. Повезло тебе дорогой, что там в Якутске вовремя и профессионально тебя лечили. Опухоль, к вашему счастью, только благодаря из-за правильного и своевременного лечения не распространилась. Так что Вы будете еще долго жить, внуков и правнуков нянчите», – диэн эппитэ кулгааҕар сааскы айылҕа уһуктар кэрэ тыаһа-ууһа буолан иһиллибитэ.

      Билигин Ыстапаан дьоллоох-соргулаах. Бүгүн бу ыһыах иннинээҕи нэдиэлэ биир үтүөкэн, чаҕылхай күннээх сарсыардатыгар күүлэтин таһыгар табахтыы олорон, акаарытык быһыыланан быстах санааҕа былдьата сыспытын саныы-саныы сонньуйар, бэйэтэ-бэйэтиттэн кэлэйэр. Быстах санаа диэн адьас дьаабы эбит. Арай ол быатын кэтэн кэбилэнэн, аан ийэ дойдутуттан арахсаары туран алҕаска Ахталба Дьарааһын барахсан ыарыыттан эмтэнэн үтүөрэр эрэл кыыма баарын сахпытын, оҕолорун, кэргэнин, ийэтин, доҕотторун-атастарын санаабатах буоллун. Олоппоһун кыл түгэнигэр түөрэ тэппит буоллун… Оччоҕо ытык кырдьаҕас Дьарааһынтан куһаҕаннык быһыыламмытын иһин бар дьонун ортотугар мөҕүллэн, сааттаахтык таһыллан баран, хоруобун иһигэр сирэйинэн умса ууруллан кылабыыһаттан ойуччу, ойуур быыһыгар Баһаам Бааска таһыгар сир анныгар түүнүгүрэн, таһы-бааччы умнуллан сытаахтыа этэ.

      Быстах санааттан, хата, бу саас тэлгэһэтин иһигэр бэйэтигэр тиийиммэтэҕиттэн, чугас дьонун хомоппотоҕуттан, өлөр өлүүгэ алҕаһатан сыыһа үктээн чуут-чаат олоҕун түмүктүүр бүтэһик биир хардыы оҥорботоҕуттан, этэҥҥэ эппэрээсийэлэнэн тыыннаах хаалбытыттын үөрэн – саҥата суох саҕахха кытара кыыһан тахсыбыт саҥа күнү айхаллыы көрсө, олбуор иһигэр түүнүн босхо ыытыллан харабыллыыр сорудаҕын толорон көҥүл көччүйэр, тиэргэни биир гына тиҥсирийэ сылдьар булчут ытын Бэчээти кытары истиҥник эйэргэһэ, оҕолуу күлэ-үөрэ сэгэйэн, ис иһиттэн сырдаан мичээрдии олордо.

      Таҥара кырыыҺа эрэ, туох эрэ…

      Иннин тымтыктанан көрбүт суох.

      Тулаайах, аҥаардас, араас дьылҕалаах, бодолоох, уруута-аймаҕа суох суос-соҕотох хаалбыт дьону мунньар Дьокуускайдааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр бүгүн биэнсийэҕэ бу саҥардыы тахсыбыт эрээри, ыарахан олох содулуттан иһэн-аһаан сирэйэ-хараҕа иэдэйбит, уос-тиис бараммыт, ыар аһыыга баттатан адьас кырдьаҕас эмээхсин курдук көрүҥнэммит дьахтары тыаттан аҕалан олохтоотулар. Эрэйдээх, эмиэ бэйэтин курдук дьылҕалаах, кырдьар сааһыгар дойдутугар көрөр-истэр киһитэ суох хаалан бу дойдуну булбута уонча сыл буолбут, бу аҕыйах хонуктааҕыта биир хоско олорбут үөлээннээҕэ, истиҥ дьүөгэтэ буолбут Маарыйата өлөн – бу сирдээҕи олоҕор иккистээн соҕотохсуйбут Балбаара эмээхсиҥҥэ дьукаах буолла.

      Муоча


Скачать книгу