Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ
түһэн дьэ сүрдээхтэр эбит этэ. Эрдэрэ субу ааннарын сабан тахсаатын, сорохторо сонно тута түннүгүнэн киһи киллэрэллэрин элбэхтик түбэһэ көрбүтүм эрээри, абааһыны баран, туора дьон олоҕор тоҕо эмиэ кыттыстамый диэммин көрө-көрө көрбөтөҕө-билбэтэҕэ буоларым. Билигин кэлэн, оччолорго оннук гыммытым саамай сөп эбит дии саныыбын.
Ол курдук куһаҕан киһиттэн күүһүлэнэн, алҕаска хаптаран оҕолонон хааллым. Ити кэнниттэн учаастактан дьиэбэр киирэн араас тэрилтэҕэ атах-бытах үлэҕэ хара күүспүнэн сыҥаланан, оҕобунаан тиийинэр-тиийиммэт бөрөнөн олордум. Ол олороммун, от-мас булунар кыһалҕатыттан тыаҕа сытар масчыт киһини кытары булсуспутум. Киһим сааһынан миигиттэн аҕа, арҕаа Украинаттан сылдьар, аҕата поляк, ийэтэ украинка. Бэйэтэ этэринэн поляк икки украинец ыккардынан, поляукраин. Тыаттан киирдэҕинэ миэхэ түһэр. Ол сылдьан чугасыһан, устунан хоонньоһон ыал буолан хааллыбыт. Мин оҕобун Сашаны туораппат, уолум да бастаан утаа атыҥырыах курдук буолан иһэн киһибэр сыһынна. Дьэ ол курдук Петро биһикки иккис сылбытыгар Мария диэн кыыстанныбыт, онтон өссө икки сыл буолан баран аны Петя диэн уолланныбыт. Инньэ гынан үс оҕолоох, оччотооҕунан интернациональнай дьиэ кэргэн буолан этэҥҥэ олордубут.
Дьэ онтон биир саас, олорбуппут сыччах, олохпун огдолуппут бастакы ыар охсууну ылбытым. Улахан уолум Саша уон алта сааһыгар доҕор уолунуун кустуу сылдьан алҕаска сааҕа дэҥнэнэн суорума суолламмыта. Дулҕа быыһыгар түспүт куһу куоттарымаары тутуу былдьаһан, омуна дэлэ этэ дуо, прикладынан охсубута, иитиилээх саата эстэн быттыгынан хорук тымырын быһа ытыммыт. Быыһаныах киһини хаана кэлэрин кыайан бопсубаккалар, суола-ииһэ суох биир көстөөх сиртэн «Беларусь» тыраахтыр бырысыабар оччо тыыннаах тиэллэн кэлэн баран, хирургияҕа көтөҕөн киллэрэн эпэрээссийэлиир остуолларыгар сытыарааттарын кытары быстыбыта. Ити курдук улахан уолбутуттан хомолтолоохтук илии соттубуппут.
Онтон Машам барахсан, дьиэбэр-уоппар баар-суох көмөлөһөөччүм, уҥа илиим, сэгэрим сыыһа оскуоланы бүтэрэр сылыгар суох буолбута. Муҥнааҕым кыһыҥҥы киэһэ, эбиитин аан тумаҥҥа, мин балыыһаҕа сыттахпына ас астаан аҕалаары быстах өлүүгэ былдьанаахтаабыта. Суол кытыытынан хааман иһэн, өлөр быатыгар, от тиэйэн ааспыт тыраахтыр сыарҕатын суолуттан халтарыйан, өлүү түбэлтэлээх ааһан иһэр таһаҕас массыынатын кэлин көлүөһэтигэр киирэн биэрээхтээбитэ. Дьэ буолар да эбит.
Эрим Петро кыыһа өлүөҕүттэн арыгы иһэр буолбута. Кыыһым аһыытын тулуйбаккабын, эбиитин уолум ааспат-арахпат кутурҕана хоһулаһан, устунан аны мин ити аска убаммытым. Иккиэн иһэр буолбуппут кэннэ туох аанньа буолуой, олохпут сыыйа огдолуйан барбыта.
Өлөр өлүү буулаатаҕына, дьэ барыта наар аанньа буолар. Ол иһин нууччалар: «Беда не приходит одна», «Пришла беда – отворяй ворота» дииллэр. Биир сайын кыра уолбут Петя, улааппыт уол Аммаҕа сөтүөлүү сылдьан ууга түспүтэ. Оҕом эрэйдээҕи, сүүрүккэ оҕустаран ырааппыт киһини, нэдиэлэ буолан баран отчуттар талах быыһыгар кытылга