Эн баҕас!. Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ

Эн баҕас! - Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ


Скачать книгу
иһин буккуйумаары арааран, уһун синньигэс иҥиир сула киһиэхэ Ырыган диэн аат иҥэрбиттэрэ. Баҕар итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, дьиктитэ диэн, бу дьон үһүөн дьэ арыгыны икки табаҕы адьас сэҥээрбэттэр. Сиргэ бардахтарына сиэри-туому эрэ тутуһаары – Байанайдарын айах тутаары – биир иһити, дэҥҥэ хаа табаҕы, ону да умна сыһа-сыһа илдьэ барааччылар.

      Ити курдук Ыстапаан мастаан киирээт, сааскы куска бараары кустуур сэбин-сэбиргэлин бэлэмнэнэ сылдьан ити курдук соһуччу баҕайы ыалдьан хаалбыта. Дьиҥинэн, куораттан өссө кыһын дьон сүбэтинэн атаһа Хабырыысканан чэпчэки сыаналаах биэс сүүс устуука уон иккилээх «Pozis», «Феттер», «Тандем» ботуруоннары ылларбыта. Ити иннинэ оҕо эрдэҕиттэн илдьэ сылдьар, өссө аҕатыттан хаалбыт биэстэ ытар, эргэ эрээри эрэллээх уон иккилээх «МЦ 21–12» саалаах этэ, онтон былырыын харчы мунньунан уруккуттан ымсыырар ыт баҕалаах итальянскай «BENELLI SUPER VINCI» саатын атыыласпыта. Сиргэ үүтээннээх, булка сылдьар аттаах, ааттаах тайахсыт ыттаах, тыы да илим да баар киһитэ дьиҥинэн. Аҕыйах сыллааҕыта бэрт өр көрдөөн кэтэҕэр байыаннай муостаах, син сэнэх УАЗ булуммута. Уу кутар «ЗИЛ-131» массыыналаах буолан кыһынын тэрилтэлэргэ, сайынын ыалга уу кутан хайа да ыарахан кэмҥэ харчынан тутайбатах ыал. Тус да олоҕо барыта этэҥҥэ табыллан, санаа хоту баран испитэ. Таптыыр кэргэннээх, туран эрэр уоллаах кыыс оҕолордоох. Дьиэ-уот, хаһаайыстыба баар аҕай. Ыстапаан аҕата Суоппар Арамаан сүрдээх үлэһитэ. Техникаҕа, тутууга, булка сыһыана ордук бу орто уола Ыстапааҥҥа бэриллибит. Онон оҕо эрдэҕиттэн техникаҕа сыһыаннааҕа таайан, кини эмиэ оскуоланы бүтэрээтин, суоппар идэтин талбыта. Элбэх иитимньилээх буолан төрөппүттэрэ сөбүгэр сүөһүлээх-астаах этилэр. Ыстапаан оҕо эрдэҕиттэн хотоҥҥо, ынахха, окко-маска, быһата хара үлэҕэ сыстаҕас. Ол иһин кыралыын-улаханныын уонча төбөлөөхтөр, куурусса туталлар, итиэннэ сибиинньэ ииттэр идэлээхтэр. Ийэтэ, Чордо кыыһа Өрүүнэ эмээхсин билигин баар, кыра кыыһыгар Лаанаҕа дьиэһиттиир, сиэн көрөр.

      Ыстапаан ыарыытын, дьиҥинэн, кэргэнигэр эппэккэ кистээн сылдьыбыта. Ол эрээри Ылдьааната барахсан киһитэ уруккутун курдук үөрэ-көтө кимиритэ аһаабат, аска талымастанар, хайдах эрэ сэниэтэ суох курдугуттан, саҥата-иҥэтэ сүппүтүттэн Ыстапаана ыалдьыбытын сэрэйбитэ. Онон ойоҕо күһэйэн, бастаан улууска, салгыы ыарыыта ааспата бэрдиттэн иккиэн куоракка тиийэн көрдөрбүттэригэр суон очоҕоһор куһаҕан искэн үөскээбит диэбиттэрэ. Онкодиспансерга көрбүт-истибит бырааһа Александр Иванович Федоров диэн хотуттан сылдьар киһи ыҥыран ылан, ыарыытын диагноһын ырааҕынан таайтаран эппитигэр, төһө да бэйэтэ уорбалыы санаатар, быраас тылын олус ыараханнык ылыммыта. Бэл диэтэр, бастаан истээт мэктиэтигэр кулгааҕа чуҥкунаабыта. Ол дөйүөрэн олорон кулгааҕын уһугунан иһиттэҕинэ, бырааһа эпэрээссийэ, химия эҥин диир быһыылааҕа. Киниэхэ соһуччу этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, өлөр ыарыы буулаабытын бу ордук эмчиттэн истэр. Долгуйан хаалан, салгыы быраас саҥатын-иҥэтин өйдөөн-дьүүллээн истибэтэҕэ даҕаны. Арай


Скачать книгу